Табыллыбат/табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ. 1 ч.. Татьяна Поскачина
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Табыллыбат/табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ. 1 ч. - Татьяна Поскачина страница 13
– Сыыһа өйдөөбүппүн, Арыйаан. Бырастыы гын.
– Чэ, хааллын, – Арыйаан мичээрдээн кэбистэ. Онтон илиитинэн ыҥырардыы даллах гынан кэбистэ. – Ааһыый.
Ааспыкка да сырыттахпына, бүгүн даҕаны уол дьиэтэ ып-ыраас, хомуллуулаах. Биллэн турар, ийэ суоҕа биллэр эрээри, барыта бэйэтин миэстэтигэр, орун оннугар турар. Куукунаҕа биир да кирдээх иһит суох.
– Интэринээккэ эрийэ сылдьыбытым, эйигин суох диэбиттэрэ, – саалаҕа киирэн дьыбааҥҥа олордум.
– Ээ, сылайаммын кэлэн утуйан хаалбытым.
– Арыйаан, эн дьоҥҥор олоро барыаҥ этэ. Халлаан мантан инньэ тымныйыа дии. Хайдах манна соҕотох олоруоххунуй? – дьиэ ортотугар турар маҥан оппуохата онон-манан саккыраан хаалбыт оһоҕу көрөн ыллым уонна эбэн эттим. – Дьиэҥ ититиигэ холбоммотох эбит дии.
– Алтынньыга дылы олоруом. Оттук мас баар. Ол кэннэ интэринээккэ кыстыы барыам.
– Интэринээккэ дуо? – мин соһуйан хааллым. – Тоҕо дьоҥҥор барбакка, ол интэринээккэ бараҕын?
– Миэхэ онно ордук. Дьоммун сирбэппин, сыыһа толкуйдаамаар. Кинилэр наар ыҥыраллар да, бэйэм көҥүл сылдьарбын сөбүлүүбүн. Маны тэҥэ, мин баспын батара сатыылларын, кыра оҕо курдук ньээҥкэлэһэллэрин сөбүлээбэппин, – уол бу бүтэһик таайтаран эппит этиитин миэхэ эмиэ анаабытын мин тута сэрэйбитим.
– Эн сааскын ситиэххэр диэри хайаан да көрүүгэ-истиигэ сылдьыахтааххын ээ, Арыйаан. Онуоха, мин кылаас салайааччыта буоларым быһыытынан, эппиэтинэстээхпин.
– Өйдүүбүн. Ол эрэн аймалҕан тардыбакка эрэ бэйэҥ сэмээр көрө-истэ сырыт, – уол миигин уоскутардыы сып-сылаастык көрөн олорон оргууй хардарда. – Мин баарбын, үчүгэйбин. Долгуйума.
– Ол интэринээккэ эйигин ылаллар дуо? – мин кини туһугар долгуйарым хайдах да уостан хаалбат.
– Ылаллар. Онно кыстаабытым хас да сыл буолла. Нина Ивановна, – уол мичээрдээбитинэн миигин тобулу көрө түстэ. – Долгуйан бүт.
Мин бу бэйэтин иннин бэйэтэ бэлиэр быһаарынар буолбут, улахан киһилии халбаҥнаабат кытаанах толкуйдаах эдэр киһини көрөн олорон салгыы туох да диэхпин булбатым. Онуоха Арыйаан эйэ-дэмнээхтик саҥа таһааран күлэн ылла, онтон таайтарыылаахтык: «Уонна… дьиҥэр, интэринээккэ миигин көрдөөн эрийиэҥ суоҕа этэ» диэтэ.
– Тоҕо? – мин соһуйа иһиттим.
– Хоп-сип итинник кыраттан