Табыллыбат/табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ. 1 ч.. Татьяна Поскачина
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Табыллыбат/табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ. 1 ч. - Татьяна Поскачина страница 8
Кылаас эмиэ айдаара, аймана түстэ.
– Люба, эн хайдах буолаҕыный?! Ол тугу эрэ билбэтибит, туохха эрэ сатаан эппиэттээбэтибит да уруучуканан оройго чокулла сырыттахпытына ханна ыраатабытый?! Билэрбитин да билбэт мас акаарылар буолан бүтэр буоллахпыт дии! – Наташа кыһыытыттан паарта сирэйин тоҥсуйан көрдөрдө.
– Оннук, оннук! Атаҕастыыр, сэниир кылаастарын булбуттар дии! Наар биһигиттэн иҥнэллэр! – оҕолор олох уоскуйбаттар.
– Чуумпуруҥ! – Арыйаан саҥата күүгээн быыһыгар иһиллэн эрэрэ да, кылаас уу чуумпу буолан хаалла. – Биһиги бырастыы көрдөөбөтөхпүтүнэ, кылааспыт салайааччытын сирэй-харах анньан саҕалыахтара. Онон бырастыы гын диэн көрдөһүөххэйиҥ. Онтон кэлин, Анастасия Федоровна бэйэтэ суобастаах буоллаҕына, өйдүөҕэ дии саныыбын. Билигин биһиги кылааспыт салайааччытын түһэн биэрэрбит туох да иһин табыллыбат. Эбэтэр атын учуутал илиитигэр киириэххитин баҕараҕыт дуу?
Бу түгэҥҥэ мин туох да диэн хардарыахпын булбатым. Онуоха, көрөн турбут курдук, чуораан тыаһа төлө барда, көрүдүөр оҕо саҥатынан биирдэ туола оҕуста. Арай, мин эрэ оҕолорум олбохторуттан харыс да хамсаабатылар.
– Оҕолоор, мин бэйэм Анастасия Федоровнаны кытта кэпсэтэн көрүөм.
– Суох, табыллыбат, Нина Ивановна. Манна баар кырдьаҕас учууталларга сыыһаларын ыйдаххына, кинилэр эйигин хаһан да бырастыы гыныахтара суоҕа. Хастар хаһан, хастар хаһан курдаттыы сиэхтэрэ… – Наташа сүүһүн аннынан көрөн кэбистэ.
– Нина Ивановна, биһиги сыыһабытын билинэбит, бырастыы гыныҥ диэхпит. Оннук дии, оҕолоор? – Вова кылааһы кэриччи көрөн кэбистэ.
– Оннук, оннук! – оҕолор көйгүөрэ түстүлэр.
…
– Оҕолоор, бу бээтинсэҕэ киэһэ биэс чаастан төрөппүт мунньаҕа буолар, дьоҥҥутугар этээриҥ, – бүтэһик алтыс уруогу бэйэм кылааспар ыыттым. – Осипов, эн тохтуу түһээр эрэ.
Арыйаанныын ааспыт үөрэх дьылыгар тахсыбыт быһылаан туһунан кэпсэтиэхтээхпин билэбин эрээри, туохтан саҕалыахпын билбэппин.
Оҕолор хомунан тахсан барыыларыгар, мин остуолум иннигэр турар паартаҕа кэлэн олордо.
– Эн… интэринээккэ олороҕун дуо? – уол кэҕис гынар. – Бэйэҥ хантан кэлэ сылдьаҕыный?
– Маннааҕыбын, – мин бу хардаттан наһаа соһуйдум. Атын нэһилиэктэн үөрэнэ кэлэр эрэ оҕолор интэринээккэ олороллоро буолуо дии саныырым.
– Онтон… төрөппүттэриҥ?
– Суохтар…
Мин оҕолорум тус дьыалаларын сыныйан көрбөтөхпүттэн кэмсинним. Төрөппүтэ суох оҕо баар эбит диэн тоҕо эрэ бэлиэтии көрбөтөҕүм. Аҕыйах оҕо аҥаардас төрөппүттээх диэн сурулла сылдьара, үгүстэр ийэлээхтэрэ-аҕалаахтара.
– Ийэм суох, аҕам Капитоновка диэн сиргэ кырдьаҕастар дьиэлэригэр баар, – Уоһукап мин мух-мах туттарым иһин, санаабын таайда быһыылаах, ситэрэн биэрдэ.
– Аҕаҥ