Табыллыбат/табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ. 1 ч.. Татьяна Поскачина

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Табыллыбат/табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ. 1 ч. - Татьяна Поскачина страница 5

Жанр:
Серия:
Издательство:
Табыллыбат/табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ. 1 ч. - Татьяна Поскачина

Скачать книгу

олорор эбиккин дуу, мин эйигин көрдүү сылдьабын, – кэннибин хайыспытым Андрей Ильич кэлэн турар эбит. Арыйааны эн манна тугу гына олороҕун диэбиттии батары көрбүтүгэр уол туран кэллэ уонна учууталы түҥнэри көтө сыһан ааһа барда.

      – Ити уол өссө күүскэ дьарыктанара буоллар, олох дьиҥнээх многоборецтары да кытта киирсиэх уол эбит. Ээ, ол эрэн, баппат уол быһыылаах. Дьиссипилиинэни тутуспат, арыгыны, табаҕы эккирэтэр буоллаҕына туһата суох. – Андрей эппит бүтэһик тылларын сөбүлээбэтэҕим сирэйбэр суруллан таҕыстаҕа буолуо, тута кэпсэтии тутулун уларыта оҕуста. – Нинаа, мин тугу ыйытаарыбын… Онтон ити… киэһэ көрсүһэ, билсиһэ диэн биһиэхэ эбэтэр эһиэхэ олоро түһүөххэ. Туох дии саныыгыт?

      – Билбэтим, оттон олоруохха да сөп буоллаҕа дии, – физрук диэки эйэ дэмнээхтик көрөн кэбистим.

      Ол киэһэ, оскуола похуодун кэннэ, дьиэбитигэр кэллэ-кэлээт, салгыы уолаттар олорор дьиэлэригэр тахсыбыппыт. Биһиги кэннэ оҕолорун дьонноругар ыытан баран Октябрь кэргэниниин Люсялыын киирбиттэрэ. Саҥа билсибит дьон сиэринэн күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ, күлэн-салан бириэмэбитин бэркэ атаарбыппыт. Егор олус интэриэһинэй киһи буолан биэрдэ. Бултуурун, айылҕаҕа сылдьарын олус сөбүлүүр буолан, тугу кэрэхсии көрбүтүн барытын хаартыскаҕа түһэрэр идэлээх эбит. Бэйэтэ түһэрбит наһаа кэрэ, ураты тыыннаах хаартыскаларын көрдөрбүтүгэр бары да сүрдээҕин сэргии, сөҕө-махтайа көрбүппүт.

      Оттон Люся сып-сырдык арылыччы көрбүт киэҥ харахтаах, бэрт бэһиэлэй киһи эбит. Чуораан чугдааран эрэрин курдук оҕолуу лыҥкынастык күллэҕинэ киһи сүргэтэ көтөҕүллэр. Кинини кытары тута тапсан, уруккуттан билсэр дьон курдук бэрт чэпчэкитик алтыспыппыт.

      Киэһэ иһити-хомуоһу дьаһайан баран тарҕаспыппыт. Мариналаах Андрей ханна эрэ баран хаалбыттар этэ…

      Балаҕан ыйын 7 күнэ, субуота

      Бэнидиэнньиктэн үөрэнэр буоллубут. Ититиини холбообуттар. «Дьолуоҕа» суруйбутум, оҕолорум араас хомойбут, ытаспыт сирэйдэри ыыталаатылар.

      …

      Мариналаах Андрей күнү быһа икки дьиэнэн бэйэ-бэйэлэригэр сылдьыһалларын дьиктиргии көрөн, кинилэр икки ардыларыгар ааспыттааҥҥыттан ыла истиҥ сыһыан үөскээбит дуу дии санаатым. Бэҕэһээ утуйаары сытан, эркин нөҥүө Маринаттан ыйыталаспытым.

      – Ким билэр, билигин туох да диир кыаҕым суох. Ол эрэн кини аттыгар наһаа үчүгэй, – кыыс салгыы тугу да саҥарбатаҕа.

      – Оттон Егор? Кини харахтара? – мин күлбүтүм. Кыыһым тэҥҥэ күлэн эрэ кэбиспитэ. Уу чуумпу сатыылаабыта.

      …

      Арыйааннаах Вова кэлэн бардылар. Таах, дьаарбайа сылдьабыт дииллэр. Марина ол кэмҥэ Андрейдаахха сылдьыбыта. Оҕолорбун киллэрэн чэйдэттим. Испэр наһаа үөрэ санаабытым – оҕо сөбүлээбэт учууталыгар мээнэ кэлэн ыалдьыттаабат. Ол аата мин кинилэргэ чугас доҕор, эдьиий кэриэтэ буолуохпун сөп эбит. Чэйдии олорон кэпсэтэ-кэпсэтэ күлүстүбүт аҕай. Сотору Мариналаах Андрей киирэн кэллилэр. Оҕолору көрөн олус соһуйдулар.

      – Хайа,

Скачать книгу