Ньоҕой эрэл. Татьяна Находкина

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ньоҕой эрэл - Татьяна Находкина страница 6

Жанр:
Серия:
Издательство:
Ньоҕой эрэл - Татьяна Находкина

Скачать книгу

кырдьаҕастарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Уйбаан Хабырыллайабыс тыыл бэтэрээннэригэр уонна сэрии оҕолоругар үбүлүөйүнэй мэтээллэри туттартаан, кырдьаҕастар долгуйа үөрдүлэр. Ол иһигэр Ариана, Анастасия, Марианна эмиэ, үбүлүөйүнэй мэтээллэри тутан, үөрдүлэр-көттүлэр.

      Күрэхтэһии саҕаланан, ыһыы-хаһыы бөҕө буолла. Күрэстэһээччилэр хапсаҕайдаһан хачыгыратар, мас тардыһан чиччигинэһэр тыастара паарканы ылан кэбистэ. Саастаах дьон илии-илиилэриттэн ылсан, оһуохайдаан тэйдилэр. Айылҕаттан дэгэрэҥ куоластаах Ариана төрөөбүт Сахатын сирин кэрэтин, күөҕүнэн симэммит тулалыыр айылҕатын хомоҕойдук хоһуйан этэн-тыынан барбытыгар, дьон дьонтон тардыһан киирэн, улахан түһүлгэни оҥордулар. Бары да бүгүҥҥү ыһыахтан сүргэлэрэ көтөҕүллэн, саха норуотун оонньуулара көрү-нары көҕүлүттэн тутта, кырдьаҕастар ыллыах-туойуох баҕалара уһугунна. Ити кэмҥэ 57 сыллааҕыта оскуоланы бүтэрбит кырдьаҕастары икки иномаркаҕа олордон, ахтылҕаннаах сайылыктарыгар сыыйылыннарбыттарын, ыһыах дьоно ис-истэриттэн үөрэн, батыһа көрөн хааллылар.

      Айылҕа барахсан силигилээн, күн чэмэлийэ тыган, чыычаахтар чыбыгыраһар ырыалара сири-дойдуну ылан кэбистэ.

      Саҥа кэм – саҥа кыах

      I

      Тохсунньу ый тоһуттар тымныыта. Ыыс-тумарык быыһыгар бөһүөлэк дьиэлэрин түннүктэрин уоттара эрэ кылахачыһаллар. Көмнөҕү бүрүммүт тииттэр мутуктарын булгу тоҥор тыастара тымныыны эбии сэтэрдэн биэрэр курдук.

      Альбина Андреевна хотонуттан киирэн, умывальникка хаһаайыстыбаннай мыыланан илиитин күүгэннириэр диэри ыбылы аалан, балачча уһуннук суунна. Сарсыардааҥҥы ыам бүттэ. Төбөтүнэн сүүрбэ сэттэ сүөһүлээхтэр. Онтон уона ыанар ынах. Баччааҥҥа диэри ыатар буолан абыраатылар. Сиэннэрэ да абыраннылар. Альбина Андреевна кылбаа маҥан сирэйин сотторунан ньылбы соттоот, бытархай ойуулаах сырдык күөх сатыын халаатын кэтэн, саалаҕа турар трельяж сиэркилэ иннигэр кытарымтыйан көстөр кылгас баттаҕын массажнай тарааҕынан өрө-таҥнары, төбөтүн массаастыыр курдук күүскэ соҕустук тардыалаан, тараанан ылла. Аныгы сайдыылаах үйэ дьахтарын быһыытынан, «Самсунг» төлөпүөнүн ылан, бассаабын көрдө уонна аһыырга бэлэмнэнэн остуолун тардан барда. Сарсыарда аайы кэргэнниилэр нэһиилэ ыстакааннарыгар ыраас ууну кылыгыраччы куттан ыймахтаат, тиэтэйэ-саарайа хотонноругар тахсаллар. Үлэлэрин бүтэрэн баран, күннээҕи сонуннарын кэпсэтэ-кэпсэтэ чэйдииллэрин сөбүлүүллэр.

      Дьахтар бэйэ оҥоһуута килиэби кырбыырын быыһыгар: «Бэкээринэлэрбит кэлин олох килиэптэрэ табыллыбат буолла. Мастарын кэмчилээн сүгүн оттубакка, дьиэлэрэ тымныы буолан, тиэстэлэрэ олох тахсыбат дуу, биитэр бурдуктара куһаҕан дуу? Хайдаҕа эбитэ буолла? Куруутун кирпииччэ курдук килиэби таһаараллар», – дии санаан ылла.

      Ити кэмҥэ аан тэлэччи аһыллан, дьиэҕэ тымныы салгын туман курдук кутулунна. Дьиэлээх киһи Бүөтүр, кырыаны бүрүнэн, тоҥон-хатан, мас көтөҕүүлээх чуучугураан киирэн кэллэ.

      – Ыччуу-ычча!

Скачать книгу