Ньоҕой эрэл. Татьяна Находкина

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ньоҕой эрэл - Татьяна Находкина страница 10

Жанр:
Серия:
Издательство:
Ньоҕой эрэл - Татьяна Находкина

Скачать книгу

бэлэһинэн күлэр. Сүүһүгэр саба түһэ сылдьар саһархай ньалака баттаҕын, сотору-сотору төбөтүн хамсатан, кэннин диэки эһэр.

      – Ханныгын да иһин тыа хаһаайыстыбатын боппуруоһун кэпсэтэ олорорбут быһыытынан, мин бэйэм санаабын кылгас соҕустук этиим эрэ. Тыа хаһаайыстыбата, төһө даҕаны ночооттоох салаа буолбутун иһин, өбүгэ саҕаттан саха киһитин төрүт дьарыга буоларын умнумуохха наада. Туох да диэбит иһин тыа киһитэ сүөһү, сылгы ииттэн, аҥаардас ол бородууксуйатынан дохуоттанан олорор. Билигин сүөһү, сылгы үгүс өттө чааһынай секторга түмүлүннэ. Ол үрдүнэн кэтэх хаһаайыстыбаны тэрээһиннээх хаһаайыстыбаны кытта тэҥнии туппаттара олох сыыһа. Сыана көҥүл барда, оттон биир буочука уматык сыаната уон тыһыынча солкуобай буолла. Улуус үрдүнэн сүөһү уопсай ахсаана сыллата аччаан иһэр. Сүөһү ахсаанынан икки сыл субсидия биэрбиттэрэ үчүгэй этэ. Дьон сүөһү ахсаанын элбэтиигэ үлэлэһиэх быһыылааҕа. Ону тохтотон кэбистилэр. Аҥаардас грант түҥэтиинэн эрэ муҥурданыы буолла. Кыахтаах ылар, кыаҕа суох сүөһүтүн эһэр. Бааһынай хаһаайыстыбалар уоннуу мөлүйүөҥҥэ диэри ылаллар эбит эрээри, тоҕо нэһилиэнньэҕэ туһалаах кэпэрэтииптэр, дьону үлэнэн хааччыйар улахан бааһынай хаһаайыстыбалар тэриллибэттэрий? Баҕар, мин кулгааҕым бүөлэммитэ, хараҕым көрбөтө буолуо, – Иван Семенович өссө да элбэҕи этиэҕин, баһылык илиитинэн сапсыйан, тохтотон кэбиһэр.

      – Бириэмэ ыраатта. Мунньахпытын түмүктүөҕүҥ. Иван Семенович, сотору улуус баһылыгын, бырабыыталыстыба отчуоттара буолуоҕа. Онно төһөнү баҕарар этээр, – Иван Еремеевич нүһэрдик туттан уһуннук тыл этэрдии оҥостон, хаалтыһын көннөрүммэхтиир, көстүүмүн аллара тардыалаамахтыыр. – Улууска киирэн үһүөн биисинэс-былааннарын көмүскээтиннэр. Хамыыһыйа быһаарыаҕа. Мин бэйэм баһылык быһыытынан хайаларыгар да санаам тохтообот эрээри, Байбал Никииппэрэбис ордук буолуо дии саныыбын. «Дьиэ кэргэн пиэрмэтин сайыннарыыга» диэн бырагыраамаҕа кини бары өттүнэн барсар. Тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикуумун бүтэрбит үөрэхтээх исписэлиис. Бааһынай хаһаайыстыба буолан үлэлии сылдьар. Биисинэс-былаана үчүгэй. Хотон тутар, сүөһү атыылаһар, тиэхиньикэ булунар, счетугар харчылаах. Көрөргүт курдук, критерийгэ бары өттүнэн барсар. Сир аннынан иһиттэххэ, Уйбаныаптар уонна Бөтүрүөп Данил харчы умналаһаллар дииллэр. Ирдэбилгэ сөп түбэспэт эрээрилэр, туохха киирсэллэрий? Эһиил киирсиэхтэрин сөп. Бу бырагыраама 2017 сылга эмиэ үлэлиир. Грант ыллахтарына, Арассыыйаҕа федеральнай таһымнаах пиэрмэрдэр буолаллар. Онно ис хоһоонун ситэ өйдөөбөт дьону киллэрэн, өрөспүүбүлүкэ аатын хараардыа суохтаахпыт. Ньургун Александрович, дьоҥҥун кытта өссө төгүл боччумнаахтык кэпсэтэн баран, барыллааһын көмүскээһиҥҥэ биир хаһаайыстыбаны киллэр. Буолар-буолбат суолга үс хаһаайыстыбаны соһон киллэримэ. Хата, кэпсээҥҥэ барыаҥ, – баһылык этиитин түмүктүүр.

      – Онно Бүөтүр Бөтүрүөбүһү батыһыннарар туох да кыбыстыылааҕын көрбөппүн. Кини курдук тыа хаһаайыстыбатыгар уһуннук уонна үтүө суобастаахтык үлэлээбит киһи баарын

Скачать книгу