Ньоҕой эрэл. Татьяна Находкина
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Ньоҕой эрэл - Татьяна Находкина страница 9
– Ээ, бу да киһи, былыргылыы бөлүһүөктээмэ эрэ. Эдэр киһини өйүөххэ буоллаҕа. Данил үлэһит, чөл олохтоох уол. Грант ыллаҕына, сүөһү эбии атыылаһыа буоллаҕа. Ол иһин киирсэр. Сүөһүтэ, базата суох диэн үлэлиир баҕалаах эдэр киһини самнары баттыыр сүрэ бэрт буолаарай? Бу грант икки бырагыраамалаах: «Саҕалааччы пиэрмэр» уонна «Дьиэ кэргэн пиэрмэтин сайыннарыыга» диэн. «Саҕалааччы пиэрмэр» бырагыраамаҕа тыа хаһаайыстыбата үөрэхтээх куорат дьоно, сааһыттан тутулуга суох, кыттар диэн суруллан турар. Эдэр ыччат, ханна да тэлэһийбэккэ, төрөөбүт дойдуларыгар олохсуйан, ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьыахтаахтар. Мин саныахпар, бу грант сүрүн сыала тыа сиригэр ыччаттары олохсутуу буолар, – Ким Николаевич, сир тойоно, иннин биэрбэттии ойон тура-тура, омуннаахтык илиитинэн далбаатанан ылар.
– Чэ, түмүктүөҕүҥ. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн хас грант бэриллэрэ биллибэт. Онно биһиги нэһилиэктэн үс хаһаайыстыба кыттар. Үһүөннэригэр биэрбэттэрэ чуолкай. Табыллыбатахтарына, хайалара да тиксимиэн сөп. Онон бука бары биир киһиэхэ санаабыт түмүллүөхтээх. Бэйэбит нэһилиэкпит иһигэр дьаһалта үлэһиттэрэ, тус-туспа санаалаах уон аҥыы сылдьар буоллахпытына, кураанаҕы кууһарбыт чуолкай. Онон мин санаабар, Байбал Никииппэрэбис киирсэрэ сөп. Бастакытынан, удьуордаан туран ынах сүөһүнү иитэр аймах. Иккиһинэн, биисинэс-былаанын иһиттигит дии, барыларыттан ордук. Үсүһүнэн, бэйэтин эрэ сүөһүлэринэн муҥурданар санаата суох. Улахан биир кэлим хотон туттан, нэһилиэнньэттэн ынах сүөһү ылан иитэн биэрэр баҕалаах. Үчүгэй буолбатах дуо? Көрдөрө биэрэр дьон да, мин саныахпар, улаханнык ночоотуруо суох курдуктар. Ол курдук, хаһаайыстыбаттан кыһыҥҥы өттүгэр төһөнү биэрэллэринэн ыанар ынаҕы ылар. Ыыр кэмигэр, ыанар ынах биир ыйга төһө киилэ үүт биэрбититтэн көрөн, биэс бырыһыанын хамнаска ылар, уоннааҕытын хаһаайыҥҥа биэрэр. Биллэн турар, хаһаайыннар бэйэлэрэ отторун оттууллар, тиэйэн биэрэллэр. Бааһынай хаһаайыстыба барыһа диэн: төрөөтөхтөрүнэ, хас ынаҕы биэрбиккиттэн көрөн, аҥаарын бэйэтигэр ылар. Холобур, түөрт ньирэйтэн иккитин бэйэтигэр хаалларар. Олус бэркэ толкуйдаммыт. Ким да баттаммат, – Иван Еремеевич, бас-көс киһи быһыытынан, бэйэтин санаатын соҥнуурдуу дьиппиэнник туттан, кытаанах куолаһынан кэпсиир.
– Төрдүһүнэн, улуус баһылыгын убайа, бэсиһинэн, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр аймахтаах диэ, – Ким Николаевич кэм да тарбаһан хаалар.
– Ким Николаевич, наһаа барыма эрэ. Чэ, тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Ньургун Александрович, үһүөннэрин кытта үлэлэспит киһи быһыытынан, түргэн соҕустук түмүктээн эт эрэ, – баһылык сөбүлээбэтэҕэ сирэйигэр-хараҕар көстөр.
– Нэһилиэктэн үс киһи кыттара, биллэн турар, үчүгэй. Үһүөн баҕалаахтар. Ол эрээри, Иван Еремеевич эппитин курдук, улууска биир хаһаайыстыбаны мэктиэлиэхтээхпит. Улуус хамыыһыйата үс киһини киллэрдэхпитинэ, олох