Буолар да эбит. Огдо

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Буолар да эбит - Огдо страница 3

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Буолар да эбит - Огдо

Скачать книгу

оҕуттуҥ?

      – Ээ, сатана баара, хаалыкпын, арааһа, мас төрдүгэр кыбыттым дуу, сах дуу… Соҕотохто тиэрэ тардан түһэрдэ буолбат дуо? – диэн, кырдьыгын таһаарына сатаата, тураары букунайда, тайахтарын көрдөөтө.

      – Аҕал илиигин, көмөлөһүүм эрэ, – кыыс уҥа илиитин уунна.

      – Саатар эн ааккын эппэккэҕин… Туох аанньалаах настарыйыанньалаах буолан төкүнүйдэ диэтэххиний? – тэбэнэр икки, торуоскатын кэтэр икки булумахтаныы быыһыгар, устунан күлсүү буолла.

      – Аатым Татыйык диэн. Эйигин хаарга булкуйаары эппэтэхпин үһү дуо? – кыыс эмиэ күллэ.

      – Соҕордук, Татыйык. Сүрдээҕин сүүрэр эбиккин. Чыычаах көтөрүнүү. Эккирэтэн да туһа суох. Онон, мантан ыла сатаабат киһини үөрэтэргэр, таарыччы эрчийэргэр тиийэҕин. Кыыс оҕо аһыныгас дииллэр да, эн куота бараҥҥын атаҕастаатыҥ ээ, быһыыта! Охтуо суох киһи оҕуттум, хаарга булкуллан чучунаа буола сыстым…

      Икки билсибэт дьон итинтэн атын тугу кэпсэтиэхтэрэ этэй? Биллэн турар, ону-маны, буолуо-хаалыа суоҕу буоллаҕа. Ол да буоллар, онуоха буруйдаах оҕо саас, эдэр саас. Дуона да суохтан үөтэлээҕи үөтэрэр үчүгэй да саас.

      Итинник, биир билсиһии саҕаланнаҕа ити. Киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах аҕай диигит эрээри, дьиҥ иһигэр хайдаҕа буоллар? Дьылҕа барахсан араастаан да мускуйар. Талбытынан тугу эрэ сыымайдыыр, сирдэрэр-талларар. Баҕар, суолталааҕы оҥорторуо, эбэтэр наадата суоҕу кытта соҥнуо эбээт. Ким билиэй, ону? Хантан таайан, эрдэттэн билэн, ким урууллуой? Суох. Дьылҕа бэйэтэ эрэ билэр, баҕар, үтүө хараҕынан имнэнээрэй. Оттон баҕар, букатын да уордайан туруо, туора-маары ыһаттыа. Ол эмиэ кини илиитин иһигэр.

      Татыйыктаах Кириил ити күнтэн ыла иккиэн бииргэ хайыһардыыр буолбуттара. Татыйык оскуолатын быйыл бүтэриэхтээх. Уол былырыын, үөрэҕин кэнниттэн, атын сиргэ ананан тиийбит эрээри, миэстэтэ суох буолан, биир кыһыны быһа ыалдьыбыт зоотехнигы солбуйбут. Онтон быйыл манна көһөрбүттэр. Бэйэтэ, бэтэринээр буолуоҕун кыратыттан ыраламмыт киһи, баҕа санаата дьэ туолан, били эппитин курдук, ньирэйдэрин-торбосторун астына бодьуустаһан, бу сири бэркэ сөбүлээн кыстаабыт.

      – Татыйык, оттон кыһыны быһа мин эйигин хайдах көрбөтөҕүм буолуой? – диир кини.

      – Оттон мин улахан дьон киинэтигэр-таансытыгар, кулуупка эҥин мээнэ сылдьыбаппын буоллаҕа дии. Уонна ханна көрсүөхпүт этэй? – кыыс күлэр.

      – Оо, хайыһардыы кэлбэтэҕим буоллар… эйигин букатын да билбэккэ куоттарыах эбиппин дии?

      – Ханна?

      – Оттон… сайын куораттаан хаалыаҥ этэ да, алҕас устунан онно хаалыаҥ дии…

      – Билигин да куораттыыр санаалаахпын, баҕар, устунан хаалыам даҕаны… – Татыйык, уол тугу диирин истээри, үтэн-анньан көрөр.

      – Оо, оччоҕо… – Кириил сирэйин, субу ытаары гынардыы, саба туттар. – Оччоҕо, оокколорум барахсаттар…

      – Кимнээх… – Татыйык соһуйар. – Кимнээҕий, оҕолоруҥ?

      – Тулаайах хаалаахтыыр буоллахтара… –

Скачать книгу