Буолар да эбит. Огдо

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Буолар да эбит - Огдо страница 6

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Буолар да эбит - Огдо

Скачать книгу

Өлөөнчүк туох диэхтиэй? Кыыһа, кырдьык, аахтынар буолан эксээмэнигэр хоп курдук истэҕэ. Сыана мыынар санаата суох, баҕа хоту «4» икки, «5» икки кэлэ турарга дылы. Арай, ити ыала Мааһыҥка кыыс эппитэ, Татыйыккын көрө сырыт эрэ, ити бэтэринээр уол олус иҥээҥниир, иннигэр-кэннигэр түһэ сылдьан, аны, били былырыыҥҥы курдук буолаарай диэн сэрэппитэ.

      Ол этэрэ оруннаах, кинилэртэн үс олбуор хоту диэки олохтоох Бэрииһэптэр кыыстара Ньукку, оскуолатын субу бүтэрээри сылдьан (ыала Өлүөсэттэн ыарахан буолбутун сатаан кистээбитин көрүҥ эрэ), төрөөн дьонун эрэ буолуо дуо, бүтүн дэриэбинэни соһуппуттаах. «Ама даҕаны… Татыйык наһаа сытыырхайбата ини…» диэн көрбүтүн, Мааһыҥка саҥардыбатаҕа: «Өлөөнө, оттон Ньукку сытыы үһү дуо?! Икки тылы холбообот сэмэй курдуга да… Оттон ити Өлүөсэ обургу үксүн бутуйуон сөбө да, кыыс да тугунан толкуйдаабытай? Буолар буолбутун кэннэ уоллаах кыыһы холбуу сатаан муҥнаммыттара да… хайа баарай? Өлүөсэ билиммэтэ буолбаат?»

      Этээччи эттэҕинэ эмиэ да оннук. Ким сытыыта-хотуута билбэт. Ол эрээри Өлөөнчүк кыыһыгар эрэнэрэ оччо ээ. «Бэйэбин баттаҕына баҕас… кытаанах да буолуон сөбө. Чэ, дьылҕата билээ ини» дии саныыр. Хайаан, туохха эрэ күтүрээн, оҕотун ол-бу диэй, ама даҕаны сэрэтэр баҕа баарын иннигэр…

      Инньэ гынан Өлөөнчүк Татыйыга күннэтэ талаһар кырдалыгар биирдэ эмэ таарыйан ааһыан санаталыыр. Ол эрээри эмиэ да сүрэ бэрт курдук. Тугу гынаарыбын тиийдим диэй? Биитэр, уоллаах кыыс онно баар да буоллахтарына, тугу диир кыахтааҕый… Онон, олус мунааран, били ыала кыыс этиититтэн эмиэ да мунчааран, быһата булкуллан хаалбыт Өлөөнчүк кыыһын дьылҕатыгар орооспоттуу кытаанахтык санаммыта.

      Оттон Татыйык кырдалга тиийэн, олус сөбүлээбит маҥан сото хатыҥнарын быыһыгар куруук тохтуур сирдэммиччэ, оргууй олоро биэрэр уонна түргэн үлүгэрдик бүгүн ааҕа охсуохтаах билиэттэрин хасыһан, кинигэтин эргитэ сылдьан, аахпытынан барар.

      Ол сөп. Күн аллара түһээри оҥостуута Кириил кэлиэхтээх. Чугастааҕы сайылыкка көспүт ыанньыксыттарга сорудаҕын тиэрдэн, «оокколорун» көрөттөөн баран, матасыыкылынан сыыйылыннаран манна таарыйыахтаах. Оччоҕо кинилэр олорон эрэн ону-маны, буолары-буолбаты кэпсэтиэхтэрэ. Куоракка үөрэнэ барар эдэр кыыс сылдьыахтаах уонна тумнуохтаах сирдэрин сиһилии сэһэргиир эдэр уол бүппэт кэпсээнэ, көр, оннук, олус умсугутуулаах. Ол иһин Татыйык бүгүҥҥү ирээтин бүтэрэ охсон, киэһээҥҥи хаһаас чааһыгар сололоох тиийэр туһуттан аралдьыйбакка ааҕар, кумааҕыга быыстала суох садаачаларын суоттуур…

      Татыйык Кириил бэтэринээри бастаан утаа, били андаатар бэргэһэлээҕин иһин ини, саастаах баҕайы курдук көрбүтэ алҕас этэ. Уол, хайа, баара-суоҕа сүүрбэ түөртээх буоллаҕа, хайаан кырдьаҕас дьон ахсааныгар киирдэҕэй? Онуоха эбии эдэрдии тэбэнэтэ, мэнигэ-тэнигэ сыттаҕа. Ардыгар кыыс, Кириил кинини олус оҕотук курдук көрөн, «оттон биһиги, кырдьаҕастар, итини маннык тойоннуубут» эҥин диэн дьээбэлэнээри гыннаҕына, отой сөбүлээбэт. Өһүргэнэ сыһан үтүктэн ылааччы: «Оннук ээ, эһиги, кырдьа барбыт дьон, этэргит

Скачать книгу