Буолар да эбит. Огдо

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Буолар да эбит - Огдо страница 4

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Буолар да эбит - Огдо

Скачать книгу

туппута.

      – Татыйык, ити быһаар эрэ миэхэ, «Таптаатыҥ да тайахтаахха да тахсыаҥ» диэн тугу этэллэрий, ээ?

      – Оттон… оттон таптаатаххына доҕолоҥ да буоллун, хараҕа суох да буоллун, биир тылынан инбэлиит да буоллун, син биир, аһынаҥҥын да кэргэннэһиэҥ диэн дии! Хайдах билбэккиний?

      Букатын атыны санаан, эмиэ инники сыыйылыннаран иһэр кыыс хаһыытаан кэриэтэ кэннигэр лаппа хаалбыт уолга быһаарар.

      – Айыбы-ын! Оччотугар мин, икки торуоскалаахпын да, эйигин ситиэм суох, ол аата мөлтөхпүн, ол аата миигин аһыныахха наада… уонна…

      – Туох диигиний, Кириил?

      – Ээ, һуох-һуох… торуоскам да көмөлөспөт эбит, сиппэт эбиппин дииби-ин… Айа! Мин төнүннүм!

      – Ээйиис! Оттон ким тыла этэй: «Бүгүн баҕас, биэһи баҕас, таах тыал курдук ааһаа инибин», – диэн?!

      – Оттон… эн аһыммаккын буолбат дуо…

      – Тылыгар турбат торбос тойоно, бэлэм бэтэринээр баар үһү. Ким буолуой? – кыыс кычыгыраччы күлэр.

      – Мин, мин… Татыйыгы сатаан сиппэтэх Саабынап Кириил диэммин! Уордайдым! Уонна бардым!

      Кыыс, кырдьыктанан, кэннин хайыһаары тохтоотун кытта, уол субу сырылаан кэлэн кэнниттэн кууһа түһэр, ол омунугар иккиэн халыҥ үллүктээх сымнаҕас хаарга тиэрэ баран түһэллэр. Хараҥаран эрэр сааскы халлааҥҥа онон-манан сулустар чоҕулуспуттар.

      – Ып-ыраас салгыны агдакаҥ муҥунан эҕирийдэххинэ эрэ, чэбдик диэн тугун, хос быһаарыыта суох, тыҥаҕынан билэр эбиккин дии?

      – Эн ону эмиэ билбэт этим диэ? – Татыйык, эмиэ бөлөһүөктээри гыммыт Кириили күлэр.

      – Хантан билиэмий? Биһиги эргин, быһата мин дойдубар уонна үлэлээбит сирбэр эмиэ, маннык ыраас, кылбаа маҥан хаар суох. Маннык хайыһар суох. Маннык халлаан суох. Маннык сулус суох. Маннык… кэрэ кыыс эмиэ суох!

      Эмиэ хаадьылаары гынна диэн Татыйык эргиллэ биэрэр, ойон туран хаарын тэбэнэр уонна халыып суолга киирээт, анньынан кэбиһэр. Оттон уол ити өссө сэрэнэрин быһыыта ээ, наһаа хото дьээбэлээбэт. Кыыс барахсан, саҥа улаатан, өссө да ыыра кэҥии илик киһи, кини араастаан мускуйарын, ону-маны туойарын барытын хантан таайа өйдүөй? Оо, онтунан кытта кэрэ ээ, кини!

* * *

      Марина кэргэнин олус таптыыр. Олег, институкка бииргэ үөрэниэхтэриттэн, барыларыттан бастыҥнара этэ. Ол иһин аспирантураҕа ыытаннар, билигин Москубаҕа иккис сылларын олордохторо. Быстах кэмҥэ, бу эргин олохсуйбут саха ыалын сиэринэн, университеттан чугас соҕус, үрдүүк-үрдүк дьиэ уон биирис мэндиэмэнигэр биир хоһу куортамнаабыттара. Хаһаайкалара олус сайаҕас нуучча эмээхсинэ. Саха сириттэн кэлэр-барар аймахтары уонна кинилэр билэр дьонноро кытта таарыйан ааһалларын сэмэлээбэт, төттөрүтүн, куруук үөрэ-көтө көрсөн эдэрдэри долгутар.

      Олег быйыл көмүскүүрэ буоллар дойдулуох этилэр. Ыал буолбуттара хайы-үйэ алта сыл буолла эрээри, арай, оҕолоро суох быһыылаах. Барыах иннинэ көрдөрүнэн көрбүт киһи диэн санаа Маринаны үүйэ-хаайа тутар буолла. Кини, дьиҥэр, кистэлэҥ санаатыгар,

Скачать книгу