Алмаас уонна хара дьай. Рафаэль Багатаайыскай
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Алмаас уонна хара дьай - Рафаэль Багатаайыскай страница 14
– Чэ, барыта өйдөннө. Оҕуһу тута муоһуттан харбыыр куолута! Бастаан, көрсүһүүнү бэлиэтиэххэ, – остуол аттынааҕы олоппоһу ыйар. – Баһаалыста, олорон кэбис, – хобулуктарын охсуһуннаран таһырҕатар.
– Бу төһө эрэллээх дьиэний? – Венера, сото кэбиһэн баран, унаарыччы көрөр.
– Эркин курдук эрэн. Мин чугас аймаҕым дьиэтэ. Көннөрү үлэһит. Онон, ханнык да иһиллиир тэрил суоҕа чахчы, – арыгы кутар. – Молдованнар ханньаактарын амсайыахха. «Белый аист». Биэс сулустаах. Миэхэ холооно суох. Мин биир эрэ сулустаахпын.
Венера күлэр.
– Олус кэриэлийимэ, майор! – үөһэ тыынар. – Һуу, чэпчии түстүм дии. Долгуйбутум, дьэ, ааста.
Шахно үрүүмкэтин күөрэччи көтөҕөр:
– Эрэллээх көрсүһүү туһугар! Барыта тып курдук буоллун!
Лыҥкыначчы охсуһуннаран иһэллэр.
– Аны маны амсай, – Венера тэриэлкэтигэр ас уурар.
– Мерси! Эн «оҕус» туһунан үчүгэй баҕайытык эттиҥ дии. Онон, көрсүһүүбүт сүнньүгэр киириэххэ. Туохха ыҥырдыҥ, табаарыс майор?
– Бу күннэргэ Соттинцев Чистяковка сырытта дуо?
– Сылдьан.
– Тугу кэпсэппиттэрин кистээн иһиттиҥ ини?
– Истэн.
– Биһиэхэ, севернэйдэргэ, сыһыаннааҕы хобугунастылар дуо?
– Сибигинэстилэр, санааларыгар… – Венера хараҕынан оонньоон ылла.
– Сүрүн ис хоһоонун иһитиннэр эрэ.
– Алмааһы кимнээх уоралларын туһунан санааларын үллэһиннилэр. Онно күтүрүүр дьоннорун ортотугар Мациев, Шагалов ааттара иһилиннилэр… Уонна Шахно, – дьахтар уп-уһун тыҥырахтаах сөмүйэтинэн эр киһини супту ыйан кэбистэ.
Шахно өрө тыынар:
– Чопчу хайыахпыт дииллэрий?
– Алмааһы уорааччылар тэрээһиннээх бөлөхтөрүн эһиги үс салайар үһүгүт. Ол эрээри, эһигини тутарга чопчу дакаастабыллар суохтар эбит. Инньэ гынан, Чистяков «салгыы кэтээҥ» диэн сорудах биэрдэ. Онон муҥутуурдук сэрэнииһигит.
Эдэр дьахтар куба маҥан илиитин ууруу-ууруу, Шахно саҥаран суккуйда:
– Оо, биһиги эрэллээх араҥаччыһыппыт! Улуу көмөнү оҥорбуккун! Севернэйгэ тиийээт, дьоммор этиэм. Өссө төгүл барҕа махтал буолуохтун! Ити туһугар биирдии үрүүмкэтэ тэп гыннарыах, – диэт, ойон туран, үрүүмкэлэргэ арыгы кутуталаата. – Чэ, соргулаах буолар туһугар! Табыллыы туһугар!
Охсуһуннараллар. Шахно биир тыынынан түһэрэн кэбиһээт, халбаһыны ылан ыстаан ыллаҥнатар. Кини мэйиитигэр туох эрэ атын санаа баар курдук.
Венера