Алмаас уонна хара дьай. Рафаэль Багатаайыскай

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Алмаас уонна хара дьай - Рафаэль Багатаайыскай страница 13

Жанр:
Серия:
Издательство:
Алмаас уонна хара дьай - Рафаэль Багатаайыскай

Скачать книгу

киһи түннүгү одуулаан турар. Онтон эргиллэн, түннүк холуодатыгар көхсүнэн өйөннө. Өр буолбата, эмискэ биир ытыһын сутуругунан саайда.

      – Тьфу-у!

      Бүгүн ИДьМҥа тардыллан, Соттинцевы куоттаран кэбистэ дии! Шагаловтаах Мациев дьаһалларын толорбото. Бука, төбөтүттэн имэрийбэттэрэ буолуо? Сыыспыт. Сорудаҕы бэҕэһээ гостиницаҕа Соттинцев хоһугар арыгылыы олорон толоруохтаах этэ.

      Киһи устуул кэтэҕэр ыйанан турар биир улахан сулустаах кителин сиэбиттэн кыра пакеты ылан имэрийэн, сытырҕалаан көрдө.

      Оо, түбэһиннэрэн, Соттинцев арыгытыгар маны булкуйан кэбиспитэ буоллар! Этэргэ дылы, киһини кытта кини үөскэтэр кыһалҕата даҕаны сүтэр. Дьэ, хаарыан түгэн куотта. Аны Соттинцевы кытта иккиэйэҕин көрсүһэр түгэн көстөрө саарбах. Кыттыгастарбыттан туох диэммин куотунабыный? Бээ-бээ… Туох эрэ быһаарыы син биир баар буолуохтаах…

      Эмискэ санаатын ситимин быһан, нөҥүө хоско төлөпүөн тырылыыр. Шахно таапачыкатын саллырҕатан тиийэн, туруупканы ылар:

      – Алло? Даа, Шахно истэр, – онтон сөҥ саҥата сымнаан хаалла. – Венерабын даа? Сөп-сөп. Өйдөөтүм. Кэл-кэл, күүтэн олоробун, – туруупканы уурар.

      Бу сырыыга бэрт чэпчэкитик дугунан, төттөрү хоско тиийэн, кителин кэттэ, трюмоҕа көрүннэ. Сиэркилэ ойоҕоһугар «Тет-а-тет» одеколон турарын ылан, харса суох ыстарынан тунаарытта. Астынан, муннун өрө анньан сытырҕаамахтаата, хараҕын быһыта симмэхтээтэ, баттаҕын, бытыгын тараанна.

      Дьахтар аймах формалаах дьону сөбүлүүр. Ол – биллэр суол. Тоҕо диэтэххэ, поэт Александр Грибоедов эппитинии, кинилэр – патриоткалар. Һэ-һэ. Даа, арай баллаччы кэтиллибит таапычыканан сылдьара соччото суох эбит. Ону баҕас хайа даҕаны «патриотка» дьахтар сөбүлүө суоҕа.

      Шахно аан хоско баран, кыра олоппоско олорон, хап-хара, килбэлдьигэс саппыкытын тиирэ кэттэ, ойон туран, хобулуктарын охсуһуннаран «тас!» гыннарда, чиккэҥнээтэ.

      – Уол да уол! Ааттаах!

      Ити кыыс биһиги миниистирбит ойоҕун аймаҕа буолан таҕыста дии. Ол иһин даҕаны кэмитиэккэ үлэлии киирдэҕэ. Буолаары буолан, билигин Чистяков приёмнайыгар олорор! Ол оҕо сыптарыйбыта буолбатах. Быһата, Шагаловтаах Мациев өйдөөх дьон буолаллара өссө төгүл бигэргэннэ. Мээнэ дьону тутуспаттар эбит. Кинилэр киэҥ билсиилээхтэрин Шахно чуо биллэ, өйдөөтө. Аныгы үйэҕэ билсии барыны быһаарар. Билсии – былаастааҕар күндү! Кини эрэлэ онтон олус улаатта. Дугдуруй да – оҕус! Дьиҥнээх кыайыыга диэри түптэлэтэн баран иһиэххэ!

      Түннүгүнэн таһырдьаны көрөн ылла. Халлаан бороҥуйуохча буолбут.

      Ол эрээри, мин билиҥҥи турукпар, арыт, саһыл буоларым булгуччулаах…

      Остуолу өйдөөбөтөхтүү одууласта, ытыстарын лас гына охсунна:

      – Оо, дьэ, көкөппүн ээ!

      Санаата оонньууругар оҕустаран, кыыска ас тардан бэлэмниирин умнаары гыммыт дии.

      Дьыбаан ойоҕоһугар турар суумкатыттан маҥан эһир көтөн иһэрин кытта бачыгырас сулус ойууламмыт дьаралыктаах бытыылканы уонна халбаһы, сыыр, сакалаат кэмпиэт, лимонад хостоон, остуолга

Скачать книгу