Ааспыт ааспат амтана. Даана Сард

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ааспыт ааспат амтана - Даана Сард страница 4

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Ааспыт ааспат амтана - Даана Сард

Скачать книгу

бэйэм да соһуйбутум. Уһун кыһыны быһа хабыр тымныыга хаайтаран сыппыт муус күн сылааһыттан хампы баран, ханнык эрэ хара күүстэн босхолонордуу тиэтэллээхтик устара. Биһиги олохпут эмиэ итини санатар: харса суох бэйэ-бэйэбитин үтүрүйсэ-үтүрүйсэбит ыксыыбыт. Ханна? Дьиҥинэн, бары да бүтэһик уһугар ханнык биэтэккэ тиийэрбит биллэрэ чуолкай.

      Эмискэ кэннибэр Денис саҥата иһиллибитэ: «Аҕыйах хонугунан хойутаан кэлбиппит буоллар, тугу да көрүө суох эбиппит». Мин туох да диэн хардарбатаҕым. Эмискэ муус үрдүгэр соҕотох чыычаах олорорун көрбүтүм.

      – Денис, муус үрдүгэр быыкаа чыычаах олорор, – диэт, камераны Дениска биэрбитим. – Уҥа диэки көр, уҥа диэки, – диэн ыйан биэрбитим. Денис чочумча көрө түһэн баран:

      – Варя, чыычаах көттө, – диэт, камератын аллара түһэрбитэ.

      – Арай ити мууска киһи олорор буоллун…

      – Оччоҕуна эрэйдээх хайыай, мууһа ууллуор диэри устарыгар тиийэр.

      – Айыы даҕаны!

      – Ол эрээри мууска эн олороруҥ буоллар, мин быыһыам этэ, – Денис мичээрдээбитэ. Онно биирдэ киһим от күөх харахтардааҕын өйдөөн көрбүтүм. Дьэ, буолар да эбит.

      – Хайдах?

      – Вертолетунан тиийэн быа кирилиэс түһэриэм этэ, киинэҕэ курдук… – Денис бэйэтин тылларыттан бэйэтэ күлэн ылбыта. Мин сөбүлээбэтэхпин биллэрэн, киэр хайыспытым. Куруук итинникпин, эр дьон эйэргэһээри гыннахтарына быһа баттыыбын. Оонньоспотуннар хайаабатыннар! Баҕар ол иһин да буолуо, ким да миэхэ сыста сатаабат, эр да дьон акаары буолбатахтар ини.

      Тоҕо эрэ эмискэ бу олох билбэт киһим аттыгар турарбыттан бэйэбин олус табыгаһа суохтук санаммытым уонна дьиэбэр төннө охсуохпун баҕарбытым. «Ычча» диэн саҥам «барарга уолдьаста» диэн тэҥэ иһиллибитэ. Денис сирэйиттэн-хараҕыттан кини соччо барыан баҕарбатын сэрэйбитим. Ол эрээри хайыай? Төттөрү айаннаатахпыт дии. Суолу быһа эр дьонтон наһаа да тэйбиппин диэн толкуйдуу испитим.

      Хас да хонон баран, библиотекаҕа тиийбитим. «Саха Сирэ» хаһыат былырыыҥҥы сыллааҕы подшивкатын көрдөөбүтүм. Бу хаһыат күһүҥҥү нүөмэригэр Денис туһунан матырыйаал тахсыбыт үһү. Ону кини Табаҕаттан төннөн иһэн быктарбыта: «Суруналыыс боппуруостары биэрбитэ, онтон таһырдьа таһааран, ханнык эрэ «УАЗ»-ик аттыгар туруоран, хаартыскаҕа түһэрбитэ. Хаһыакка бэчээттээбиттэригэр бэйэм да соһуйбутум. Дьиҥинэн, мин саҕа чааһынай тэрилтэлэрдээх коммерсант уолаттар элбэхтэр ини. Ааҕан баран бэйэбин бэйэм билбэтэҕим. Олох патриот курдук суруйбут этэ. Онтон, дьиктитэ баар, кыһын Тааттаҕа этэ дуу билэр дьоммор сылдьыбыппар, «эн тускунан хаһыакка аахпыппыт» диэн кэпсээбиттэригэр, хаһыаты ааҕар дьон өссө да бааллар эбит дуу диэн хата соһуйбутум».

      – Оттон эн аахпаккын дуо?

      – Бириэмэ суох.

      Балайда хасыһан баран, мин наадалаах нүөмэри булбутум. «Инникигэ эрэллээхтик» диэн ааттаах дьоҕус соҕус кээмэйдээх матырыйаал балаһа аллара өттүгэр бэчээттэммит этэ. Хаартыскаҕа «УАЗ»-ик аттыгар күлбүт-үөрбүт сирэйдээх эр киһи турар. Кэпсэтии ис хоһооно бу киһи үлэтин тула. Тыа

Скачать книгу