Ааспыт ааспат амтана. Даана Сард

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ааспыт ааспат амтана - Даана Сард страница 7

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Ааспыт ааспат амтана - Даана Сард

Скачать книгу

босхоломмутум. Аҕыйах сөкүүндэҕэ уу чуумпу буола түспүтэ. Денис «киирэн, кофе испэппит дуо?» игин диэн акаары баҕайытык хата, дьолго, тылласпатаҕа. Ол оннугар, «махтанабын» диэт, соһуччу уураан ылбыта. Кини уоһун мин уоспар даҕайбытыгар, арыгы хабархай амтанын тэҥэ, муҥура суох таайтарыылаах, билбэт эйгэм миэхэ иҥэргэ дылы буолбута…

      Эр дьону интуицията суох дииллэрэ сыыһа быһыылаах. Дима сэрэйбит курдук, үлэбэр тиийбиппэр, холлга олорор этэ. «Туох буоллаҕай?» диэн бастаан утаа соһуйбутум. Онуоха киһим саҥардыбакка да эрэ көхсүттэн сибэкки дьөрбөтүн ойутан таһааран, утары ууммута.

      – Дима, мин төрөөбүт күнүм ааспыта быданнаата, өйдүүр инигин? – диэн эрэ хаалбытым.

      – Өйдүүбүн-өйдүүбүн… Варя, мин эйигин сатаан умнуо суохпун…

      – Мин эйиэхэ хайдах да көмөлөһөр кыаҕым суох. Бэйэҥ быһаарыммытыҥ дии… – дьон истибэтиннэр диэн, сибигинэйэ былаастаан эппитим.

      – Варя, ол туһунан санатыма даҕаны, – Дима түннүккэ чугаһаан, уулуссаны одуулуу турбута. Онтон эмискэ эргиллэ биэрбитэ, – арай мин биирдэ эмэ эйиэхэ кэллэхпинэ хайдаҕый?

      – Эн кэргэннээх киһигин, онон сатаммат.

      – Эн биһикки биэс сылы быһа бииргэ олорбуппут, ханныгын да иһин аймахтыы буоллахпыт.

      – Дима, эн бэйэҥ биһиги сыһыаммытын быспытыҥ…

      – Мин эйигин ахтабын.

      – Мин коллегаларым бука бары биһиги арахсыбыппытын бэркэ диэн билэллэр, онон эн манна өр турарыҥ табыгаһа суох.

      – Биллиннэр! Кинилэр да робот курдук биир тэҥник олорботтор ини…

      – Дима, эн үлэҕэр хойутаан эрэҕин, пока, – мин кабинетым диэки хардыы оҥорон истэхпинэ, кини миигин илиибиттэн хаба тардан ылбыта, – мин эйиэхэ син биир тиийиэм.

      Мин тугу да хоруйдаабакка эрэ кабинеппар киирбитим. Компьютербын холбообокко толкуйдуу сатыы олорбутум. Ити аата хайдаҕый? Сир күнү тула эргиирин уларытта дуу, эбэтэр мин тус бэйэм төбөбөр сиэрэй веществом хамсыыра түргэтээтэ дуу? Өр кэмҥэ, бэл диэтэр, киһи тыынара да иһиллэр чуумпу кэнниттэн, эмискэ араас бэйэлээх тыас тоҕо кутулла түспүтүнүү, тулалыыр эйгэм уларыйбыкка дылы. Холобура, тоҕо соһуччу бары миэхэ харахтарын хатыыр буоллулар? Бэл диэтэр, хас да хонуктааҕыта начальнигым: «Варвара, эн… хайдах эрэ уларыйбыт курдуккун, тупсубуккун. Биричиинэтэ тугуй?» – диэн баран, үөннээх баҕайытык көрөн ылбыта.

      Ол күн киэһэ, үлэм кэнниттэн дьиэбэр чугаһаан иһэн, Дима 92-с сыллаах хара өҥнөөх «Чайзера» подъезд таһыгар турарын көрбүтүм. Нүөмэриттэн тута билбитим. Бастаан утаа, атын сир диэки туора хаамаары гынан баран туттуммутум. Тоҕо мин куттаммыттыы чугуруйуох тустаахпыный? Дьиэлээх киһи дьиэбэр киириэхтээхпин. Ити курдук бөҕөх санаалаах, хаамыыбын өссө түргэтэтэн биэрбитим. Дима массыынатыгар табахтыы олороро, ол аата ньиэрбинэйдээбит. Ньиэрбинэйдээн көрдүн. Мин сымыйанан атын сир диэки көрө-көрө аттынан ааһан истэхпинэ, кини саҥата иһиллибитэ:

      – Варя, хайа билбэтэх киһи курдук ааһа тураары гынаҕын дуо?

      Мин

Скачать книгу