Ааспыт ааспат амтана. Даана Сард

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ааспыт ааспат амтана - Даана Сард страница 5

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Ааспыт ааспат амтана - Даана Сард

Скачать книгу

эбитэ дуу, ынырык түүлтэн босхолонон уһуктарга дылы гыммытым. Онтон ыла табахтыыр адьынаппын быраҕарга быһаарыммытым. Сорох дьон түргэнник быраҕаллар, оттон мин туспар ол уустук дьыала буолан биэрбитэ. Балайда өр тардыбакка сылдьан баран, эмискэ, туохтан эрэ санаам оонньоото да, сигаретабын айахпар уоппуппун бэйэм да билбэккэ хааларым.

      Ити курдук «табах тардыбыт киһи-и» диэн эрэйдэнэ ахан сыттахпына төлөпүөн тыаһаабыта.

      – Алло.

      – Бу мин, – «мин» диэн Дима.

      – Истэбин, – тоҕо эрэ кини эрийбититтэн уруккум курдук үөрбэтэҕим. Хайа муҥун, Диматтан олус сылайдаҕым, хал буоллаҕым дии. Бадаҕа, кини этигэр тымныы ньуосканы таҕайбыт кэриэтэ, куолаһым эйэҕэһэ суохтук иһиллибитэ.

      – Тугу гынаҕын? – Дима бэрт сэниэлээхтик ыйыппыта. «Киинэҕэ барыахха» диэри гынара дуу?

      – Сытабын, – ээл-дээл эппиэттээбитим.

      – Кэлэ сылдьабын дуо? – «сытабын» диэн тылы Дима аһара да боростуойдук өйдөөбүтүттэн мин кыһыйбытым. Сытар – ол аата ыҥырар. Иллэрээ сыллааҕыта итинник ыйыппыта буоллар, мин туохпун барытын умнан туран «кэл» диэм этэ. Оттон билигин… билигин суох. Бириэмэ аастаҕын аайы туох барыта чахчы эргэрэр, сүтэр, симэлийэр, сылайар тустаах эбит. Ол тэҥэ Димаҕа тапталым сааскы күҥҥэ муус мүлүрүйэн уулларыныы бүтэн-уостан бардаҕа.

      Эмискэ ааҥҥа звоноктаабыттара. Киһи соһуйуох ону, бэл диэтэр Дима чуор кулгааҕа истибитэ. «Ким эрэ эйиэхэ кэллэ дуо?» – диэн кини тута сураспыта.

      – Ким эрэ кэллэ, – мин трубканы кулгаахпар таҕайбытынан, аан диэки барбытым.

      – Кимий?

      – Бэйэм да билбэппин, билигин көрүөм, – глазогунан көрбүтүм, – Дима, кэлин кэпсэтиэхпит, пока, – диэт, трубканы арааран кэбиспитим. Ааны аспытым боруокка Денис илэ бэйэтинэн турара. Эчи улаханын, эчи сэниэлээҕин, эчи атынын…

      Дениһи көрөөт, тоҕо эрэ аҥаардас биэс эрэ мүнүүтэ анараа өттүгэр, табаҕа суох эрэйдэнэ сыппыппын таһыччы умнан кэбиспитим уонна долгуйаммын тугу саҥарыахпын тобулбатаҕым. Аҕыйах сөкүүндэ иһигэр араас санаа холорук курдук дууһабын үлтү ытыйан ааспыта. Ама итиччэ ахтыбыта буолуо дуо? Туохтан кини итинник үөрэрий? Мин курдук туох да кыраһыабайа суох, кырдьа баран эрэр дьахтары көрөн үөрэрэ саарбах диэн санааттан мин тута хаҕыс тириилэммитим.

      – Туох эрэ наада баар дуо? – ыйытыым санаабыт санаабар дьүөрэлэһэрэ.

      – Варя, төлөпүөннээн көрбүтүм да трубкаҕын олох ылбат этиҥ. Киэһэ ханна эрэ баран, бииргэ ужиннаабаппыт дуо?

      – Ханна?

      – Ресторанҥа.

      Мин тугу хоруйдуохпун тобулбакка, саҥата суох турбутум. Онтон өй ылан:

      – Суох, кыаллыбата буолуо, мин тоҕо эрэ төбөм олус күүскэ ыалдьар, – диэн куотуммутум.

      – Биир бакаал кыһыл арыгыттан төбө ыарыыта суох буолар дииллэр…

      – Мин рестораҥҥа кэтиэххэ сөптөөх таҥаһым да суох…

      – О-оо,

Скачать книгу