Үһүйээннэр, номохтор. Багдарыын Сүлбэ
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Үһүйээннэр, номохтор - Багдарыын Сүлбэ страница 4
ЭМЭЭХСИН ХАЙАТА
Былыр биир булчут эмээхсин сааскы тоҥокко тайаҕы эккирэтэн киирбит. Амма уҥуоргу өттүгэр куугунатан тахсан, бүдүрүйбүт уонна: «Оҕом тобукпар үөскээн бүдүрүйдэҕим», – диэбитэ үһү.
ДЬАҔАДЬЫМА ТААС ТУЙАҔА
Дьаҕадьыма – Соморсун хайата. Ол былыргы дьон оҕустарын туйаҕа тааһыран турар диэн. Олоҥхотооҕор бөдөҥ туйахтаах сүөһү баарын туһунан номох.
АБАҔА ХАЙАЛАРА
Харама. Амма сүнньүгэр баар бары хайалартан барыларыттан бастыҥнара, маанылара, кэрэлэрэ, сүдүлэрэ диэххэ сөптөөх. Таас сууллардаах, кэрэ көстүүлээх хайа. Олохтоохтор бу хайаны Мааны Хотун Хайа дииллэрэ үһү.
Уола Уол Хайа – кини уҥа өттүгэр көстүүлээх сиргэ турар.
Кийиитэ Кийиит Хайа – Дириҥ Аппа иһигэр саһан олорор килбик көстүүлээх кэрэ хайа.
Үс Бэһэллэр: Улахан Бэһэл, Орто Бэһэл, Кыччыгый Бэһэл – кырдьаҕас эмээхситтэр. Орто Бэһэл ырааҕы көрөр улуу хотуннара үһү. Бу Бэһэллэр – улуу хотуттар. Хоту диэки хайыһан, халгыыдалары көрө-истэ, саастарын тухары салгыбакка олордохторо. Бу хотуттар ойуун, удаҕан алгыһыгар ураты миэстэни ылаллара.
МИКИИДЭ
Бу эмиэ таас хайа. Былыргылар ойуун, удаҕан алгыһыгар ити хайаны Нэрилиир Нэс Үтүгэн түгэҕиттэн Нүкэн Бараан Угуһа, быган туран, Орто Дойдуну көрө турдаҕа диэн өйдүүллэр үһү. Ити хайаларын. Сүрдээҕин дьиксинэр хайалара. Абааһы угуһа быган турар диэн.
УОРАЙ
Бу Амма илин өттүгэр, Бөтүҥ нэһилиэгэр, баар хайа. Былыр кыргыс үйэтин саҕана Бөрө Бөтүҥнэргэ Уорай диэн улахан бухатыыр буолар чинчилээх наһаа бөдөҥ оҕо үөскээбит. Оҕону наахаралар, эккирэтэн аҕалан, ити хайа анныгар баар күөлгэ өлөрбүттэрэ үһү. Ол иһин Уорай уол тыыннааҕар таптаан оонньуур хайатын Уорай диэн ааттаабыттар.
Тоҕус Ыт Сотото Торуоскалаах Торокоой оҕонньор диэн Бойуот Хочотугар, Дааҕый ийэтин ууһугар олорон ааспыт. Үйэтин моҥоон өлбүт быһыылаах. Дьиҥнээх ыт сотото торуоска буолбатах. Торуоската. Удьурҕайынан, муоһунан, таба, сүөһү, кыыл муоһун салҕаталаан тайах оҥостон илдьэ сылдьыбыт. Ону, дьон ыйыттаҕына, бэйэтэ: «Тоҕус ыт сотото торуоскалаахпын», – диир эбит.
МОТОҔОҺУН АЛААҺА
Бу алааска Мотоҕоһун диэн эмээхсин олорбута. Ол эмээхсин уола, үөрэҕэ суох эрээри, наһаа өйдөөх киһи үөскүү сылдьыбыттаах. Санкт-Петербург куоракка диэри сиэрдийэ маһынан, хас маһы кэккэлэтэн, муоста оҥоһуллуохтааҕын суоттаан, Боотуруускай улууска сөхтөрбүтэ үһү. Ону ааһан, этэрбэс тигэр суон иннэнэн кэккэлэттэххэ, төһө иннэ тук буоларын суоттуурга соруммут. Ол киһи Мотоҕоһун уола Ньукулай Гончоров диэн биллэрэ. Өйүнэн, тылынан наһаа сураҕырбыта.
ҮҤКҮР АБААҺЫ ААРТЫГА
100-чэкэ