Үһүйээннэр, номохтор. Багдарыын Сүлбэ
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Үһүйээннэр, номохтор - Багдарыын Сүлбэ страница 8
Ол күөл оттотугар ол киһи үс хоммута үһү. Үс хонон баран, кытыыга устан таххан биэрбит. Ол таххыбытын тутан ылаллар да, бэс ыйынааҕы бырдахха сыгынньахтаан баран, икки кыыс бэрбээкэйиттэн биир өтүүнэн кэлгийбиттэр. Олох өһүллүбэт гына. Икки бэгэччэгиттэн эмиэ кэлгийэллэр. Сөллүбэт гына. Уонна икки аарыма хатыҥҥа чыры-чырбаччы баайан кэбиһэллэр. Салгыҥҥа турар гына. Онно үс хонукка тыыннаах хаһыытыы турбута үһү. Уонна өлбүтэ үһү. Хаанын бырдах уулаан.
Оччотооҕу аҕа ууһун баһылыга айыытын-харатын манан боруостаан өллүн диэн дьаһалы таһааран, итинник оҥотторбут.
Егор Филиппович Сутаков (1913). Амма улууһа, Эмис нэһилиэгэ. 2001 с. кэпсэппитим.
КИНЬИИТ ХАППАРА
Сөдүөһэ Баабылабына уруутугар, төбүрүөннээн олорор дьону силэйэ-силэйэ, хайа хааман таххыбыта үһү. Миэнэ эбэм буоллаҕа. Онно ахтатыгар кыһыл көмүс чылыгырыардааҕа үһү. Ону истэн олорор дьон, кулгаах кулгаахтарыгар сибигинэһэн, кэпсэппиттэрэ үһү: «Киньииппит хаппардаах эбит», – диэннэр. Инньэ диэн кэпсииллэр.
Мин эбэм – Микииппэрэп Уһун Байбал кыыһа. Мааны кыыстара. Кыыспытын үчүгэйдик таҥыннарыахха, тугу булан тэрийэбит диэннэр, кыыл өлөрөннөр, кыыл иһинээҕи оҕотун тириитинэн туруусук тиктэрэн бараннар, ахтатыгар кыһыл көмүһүнэн симээн ыытыахха диэн быһаарсыбыттара үһү. Кыыл ол оҕотун тириитэ сүрдээх сырдык дьүһүннээх, маҕан солко курдук буолара үһү.
Алексей Дмитриевич Артемьев-Мойук Өлөксөй (1911). Мэҥэ улууһа, Үөһээ Алтан нэһилиэгэ (билигин Амма, Сатаҕай нэһилиэгэ). 1995 с. суруйбутум.
ЫТЫК АТЫЫР
Ити Саҥкычах Үрэҕэр Түргэн Күөлэ диэн салаа үрэх баар. Онно Судьуунап Ньукулай диэн оҕонньорго баара маҥан атыыр. Мин кыра оҕо сылдьаммын көрбүтүм. Маҥан дьүһүннээх. Үөргэ сылдьар атыыр. Сымнаҕас баҕайы сылгы быһыылааҕа. «Айдаарымаҥ, маһынан-отунан быраҕаайаҕыт. Кыыһырыаҕа», – диэн бакаат бөҕө буоллаҕа дии.
Ол сүөһү дьиэтиттэн ханна да ыраах барбат дииллэр этэ. Ону ойууттар кыырдахтарына, үрүүмпэҕэ арыгы кутан баран, бастыҥ түннүгүнэн 1 биэрэллэр эбит. Туох да сүрдээх ойуулаах, симэхтээх ити атыыр сылгы. Дьэ ол арыгытын түннүгүнэн кэлэн иһэн барар эбит. Биэрдэхтэринэ. Уонна үөргэ сылдьар эбит. Ол сылгыны ойууттар былыр ытык атыыр оҥорбуттар. Үөтэн. Хас да түүн кыыраллар үһү онно. Үс түүн кыырбыттар. Маһынан кыыл бөҕөнү оҥорон, алдьархай тэрээһиннээхтик оҥороллор. Саамай улахана – сэргэ. Ол сылгы, дьыл-күн туоллаҕына, саас дуу, күһүн дуу, онно дьиэ чугаһыгар кэлэн олорон эрэн, икки өттүнэн куоҕаҥныы-куоҕаҥныы, ытыһын таһынар эбит. Онно, арыгы баар буоллаҕына, арыгы илдьэн биэрэллэр эбит, хаан