Үһүйээннэр, номохтор. Багдарыын Сүлбэ

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Үһүйээннэр, номохтор - Багдарыын Сүлбэ страница 12

Жанр:
Серия:
Издательство:
Үһүйээннэр, номохтор - Багдарыын Сүлбэ

Скачать книгу

сүөһүнү ордоруҥ. Орпуттары өлөрүҥ», – диэн.

      Ол дьыл суолга көрсүбүт киһи, былтарыйарыгар, хаары күрдьэн ааһаллара үһү. Ньукуола уон хонуга ааһыар диэри сыппыта үһү ол хаар. Онон үгүс ыал сүөһүлэриттэн илии соттубуттар.

      Ол сылы сахалар Буордаах Сут диэн ааттаабыттар. Хаар үрдэ хайдах эрэ буору ыспыт курдук хараара сыппыт. «Ньукуола таҥарабыт сыарҕаттан ааста», – диэн ытаһаллара үһү сүөһүлэриттэн быстыбыт дьон. Ол нөҥүө дьылыгар алыс үчүгэй дьыл буолбута үһү. Оннук дьыл буола илик диэн кэпсииллэр кырдьаҕастар.

      Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:

      1 Тэҥситтэттэ – илдьиттэттэ.

      2 Кылыстар – сытыы, сүүрүк, бары өттүнэн эрдээх дьон.

      3 Чиэрчимэ маамыкта – тоҥустар таба тутар быалара. Сарыынан эбэтэр иҥииринэн түөрт гына тэлиилээн эбэтэр хайытан, өрөн оҥорбут быалара.

      Э. К. Пекарскай диалектологическай тылдьытыгар тылы икки суолталаан быһаарбыттар: Маамыкта – 1. Тирииттэн хатыллыбыт синньигэс быа-туһах. Долганнар, Дьэһиэй сахаларын тыллара. 2. (Аркан), эдьигээннэр тыллара.

      Тэҥнээн көрүҥ эбэҥкилэр һэркэ диэн тылларын – «связать, завязать» (Сравнительный словарь тунгусо-маньчжурских языков: материалы к этимологическому словарю. Т. 2. – Л.: 1977. С. 369). -ма – эбэҥки тылыгар даҕааһыннары үөскэтэр сыһыарыы (Эвенкийско-русский словарь. – М.: 1958. С. 769).

      4 Саары саҕанааҕы от – былыр Бөтүрүөп таҥара кэмигэр оттоммут оту ааттыыллар. Бу таҥара от ыйын 12 күнүгэр кэлэр. Окко киирэр кэм. Саары диэн от үлэтин саҕаланар бастакы нэдиэлэтэ.

      Руслан Федоров. 1968 с. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа IV кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.

      МАСТААХ ДЬАЛКЫЛДЬЫМА

      Бүлүү оройуонугар үс нэһилиэги холбуур аатырар-сураҕырар Мастаах күөл баар. Олохтоохтор ол күөлү ытыгылаан Эбэ диэн ааттыыллар. Өссө атын умнуллан эрэр дьиҥнээх аата Дьалкылдьыма диэн. Олохтоох кырдьаҕастар кэпсииллэринэн, былыр, кыргыс үйэтин саҕана, кыргыстар манна кэлтэригэр, олохтоохтор, күөл арыыларыгар киирэннэр, кыргыстары арыыларга киллэрбэккэ ытыаласпыттар. Кыргыстар, күөлү төгүрүйэ сатаан баран, хайа да өттүнэн кыайан арыыларга киирбэккэ: «Киһи хайа да өттүнэн кыайан киирбэт Киэҥ Дьалкылдьыма күөл буоллун», – диэбиттэр.

      Итинтэн ыла Киэҥ Дьалкылдьыма диэн ааттаммыт. Бу күөл мас арыылара 12-лэр. Бу күөл туһунан интэриэһинэй үһүйээн баар.

      Манна Уоһук Софронеев диэн нуучча көскө кэлэн, Мастаах күөл кытыытыгар, Кэҥэрэччи диэн сиргэ, мантан кэргэн ылан олорбут. Кинилэр икки ынахтаахтара үһү. Ол ынахтара саас Мастаах күөлгэ, дьындаҕа түһэн, өлөн хаалбыттар. Софронеев ынахтарын сүлэ сылдьан эппит: «Дьэ, Эбэ хотун, миигин оҥордуҥ. Эйигин да оҥоруоҕум», – диэн.

      Ол саас Эбэ хобуордаан турдаҕына, сарсыарда, күн саҥа тахсыыта, кур сылгы баһын уҥуоҕун кыбынан күөлгэ киирбит. Киэһэ, күн кытара киириитэ, дьиэтигэр төннүбүт. Ким да: «Ханна сырыттыҥ?» – диэн ыйыталаспатах. Ити итинник ааспыт.

Скачать книгу