Үһүйээннэр, номохтор. Багдарыын Сүлбэ
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Үһүйээннэр, номохтор - Багдарыын Сүлбэ страница 15
Билигин Арыылаахха икки күөл онно баар: Арыылаах уонна Тамах. Арыылаах иэнэ 800 га. Оттон оттонор ходуһата 500 га этэ. Мантан 500–600 тонна оту ылаллара. Кэлин, уута суох буолан, курааннаан, сирэ барыта хара дубдук буолан хаалбыт. Дэлби хайыта хатан хаалбыт. Уонна аһыыка сиэн кэбиһэр. Ходуһатын талах, хатыҥ бөҕө былдьаабыт. Кэлин, 1965 сылга, 10 т оту да ылбыттара биллибэт. Бу бачча улахан алаас таах хаалан эрэр.
Бу күөл хоруллубута 100-чэкэ сыл буолуо диэн сабаҕаланар. Хаппытыан, онтон кини уола Ньукулааһа, онтон кини сиэнэ бандьыыт Маччааһай үйэлэрэ.
Хорууну аһарга, сорохтор этиилэринэн, уу кыайан барбатаҕын иһин, дьадаҥы оҕонньору умса анньан кэбиспиттэрэ дииллэр. Сорохтор бу күөлү хорору утарсаллара үһү. «Бачча улахан күөлү хорор сэттээх-сэмэлээх буолуо», – дииллэр эбит.
Анна Семенова. Бүлүү Бороҕоно. 1960-с сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.
ХАҺА ЭМЭЭХСИН
Уруккута бу томторго Хаһа диэн эмээхсин олорто үһү. Бу эмээхсин иннинэ кимнээх олоро сылдьыбыттарын билэр кырдьаҕастар суохтар. Кини олоро сылдьыбыт дьиэтин онно дэриэбинэ арҕаа өттүгэр аймаҕын уһаайбатыгар баар. Хаһа эмээхсин, дьон этиитинэн, биллэр-көстөр күүстээҕэ дииллэр. Бэл кырдьан да баран, улааппыт отуччалаах уолаттарын, хам тутан туран, кырбыыра үһү. Бу эмээхсин, дьиктитэ диэн, үөһээ уоһугар тор курдук бытыктааҕа дииллэр.
ЭМЭЭХСИН
Сымыйа эбитэ дуу, кырдьык эбитэ дуу, Олохтоох дьоҥҥо маннык сэһэн баар.
Былыр Бороҕоҥҥо биир эмээхсин кэлэн олохсуйбута үһү. Кини томторго турар мастары, хара холоругу түһэрэн, уулусса саҕа киэҥ гына солоппут үһү. Онтута билигин уулусса буолан турар. Бу эмээхсин аата Аана диэн үһү. Ол гынан баран, ким да кинини Аана диэн ааттаабат, бары Эмээхсин дииллэр. Кини уҥуоҕа Орто Күөл уҥуор, Сэлтиэрэ Өтөҕүн аттыгар тумуллуу киирэн турар сиргэ баар. Уҥуоҕун таһыттан улахан да улахан тиит үүммүт. Манна билигин даҕаны эмээхситтэр салама илдьэн ыйыыллар уонна сорохтор аһыыллар эбит. Сирбитин бу эмээхсин Бороҕон диэн ааттаабыт үһү. Сорохтор, сэрэйэн, Уус Алдан Бороҕонуттан кэлтэ буолуо, ол иһин ааттаатаҕа дииллэр.
Светлана Захарова. Бүлүү, II Күүлэт. 1960-с сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.
Үһүйээни Дмитрий Федотович Федотов (1889) кэпсээбит.
КҮҮЛЭТ
Былыр тус-туспа омуктар сэриилэһэр идэлээхтэрэ. Билиҥҥитэ Күүлэт Күөлгэ тоҥус дьоно кэлэн тохтообуттар уонна онно балаҕан туттан олорбуттара үһү. Ол балаҕан күүлэлээҕэ эбитэ үһү. Омук дьонун кистээн көрдөрө-биллэрэ олохтоохтор биир эмээхсини ыыппыттар. Бу эмээхсин күн тахсыытын эргин, ситэ балаҕаҥҥа тиийбэккэ эрэ, чарапчыланан ол дьиэ диэки көрбүт. Күүлэҕэ сытар харабыл тоҥус ытан, бу эмээхсини өлөрбүт. Уонна, кими да чугаһаппакка,