Үһүйээннэр, номохтор. Багдарыын Сүлбэ

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Үһүйээннэр, номохтор - Багдарыын Сүлбэ страница 17

Жанр:
Серия:
Издательство:
Үһүйээннэр, номохтор - Багдарыын Сүлбэ

Скачать книгу

турбут уолаттардаах оҕонньордоох эмээхсин эбиттэр. Түөртэр эбит да, түөрт көмүс ыҥыырдаах, биирдии көмүс үүннээх, кычымнаах баай ыаллар. Элгээн кытыытыгар чаайдыы олордохторуна, икки орулуос кустар, көтөн куһугураһан кэлэннэр, элгээн ортотугар тэлээрэн түспүттэр. Уолаттар обургулар, оччону көрүөхтэрэ дуо: «Биһиги аспыт», – дэспиттэр да ох сааларын үрдүгэр түспүттэр.

      «Ама итини баҕас. Ийээ, хата миини өр. Билигин таһааран, бэлэмҥэ угуохпут». Ийэлэрэ буойбут: «Үрэх баһа, аата-суола биллибэт сиргэ, аргыый саҥарыҥ эрэ. Иччилээх буолуо. Ийэ сир буолуо. Аргыыйыҥ, нохолоор», – диэбит. Ону аҕалара: «Ээй, эмээхсин, хаалары саҥарыма. Ама, ити кус хараҕын саҕа чалбахха түһүөхтэрэ диэтэҕиҥ дуу?» – дии-дии күлбүт.

      Уолаттар, сырсан бөтөҥкөлөһөн киирэн, орулуостары хоннохторун анныгар түһэрэн, тыла суох ыыппыттар уонна бултарыгар иккиэн ыстанан кэбиспиттэр. Харбаан ыһыахтанан иһэн, ылыахча буолан иһэн, иккиэн хаһыытаһа түспүттэр: «Атахпытыттан туох эрэ тардар. Абыраа, таҥараа!» – диэн хаһыытаһа-сарылаһа сылдьыбыттар. Мөхсө-мөхсө тимирэн ылаттаабыттар.

      Оҕонньор, атахтарын иҥиирэ тартаҕа дуу дии санаан, соччо кыһаллыбатах. Былыргыта бэрт ууһут киһи үһү. Бэйэтэ харбаан барбыт. Ол эрээри кини тиийиэн иннинэ икки уола тимирэн хаалбыттар. Ол элгээнтэн оҕонньор да тыыннаах тахсыбатаҕа үһү.

      Эмээхсин эрэйдээх, хайдах да быыһыыр кыаҕа суох буолан, ити алдьархайы көрөн, уолуйан, элгээни тула сүүрэ сылдьыбыт. Өлбүттэрин эрэ кэннэ өйдөнөн, икки салаалаах муҥураат, хаппыт бэһи кэрдэн түһэрэн, бүтэй анныкытын саҕа сиэрдийэнэн куормаланан киирэн, тордуохтаах маһынан дьоннорун состорон булаттаабыт. Үрдүк арыыга таһааран, үс аты сэптэрин-сэбиргэллэрин кытта үс киһитин көмпүт. Ол элгээн кытыытыгар сүрдээх улахан баҕана олордубут уонна кириэс саайбыт. Ол иһин бу элгээни Кириэс Элгээнэ, арыыны Тарта Арыыта диэн ааттаабыттар.

      ТАХТАҔАС ЭЛГЭЭНЭ

      Былыргы суол ыал ханан олорорун батыһа барар. Баай Эбэҕэ дьон суох буолбутун кэннэ, арыый быһалыытын иһин уонна ыал баарын иһин, Силээнинэн сылдьар буолбуттар. Ол саҕана Силээн аата суоҕа үһү. Билиҥҥитэ Бэс Күөлэ диэн дьиэлээх эҥин, сайын дьоннор оттуур сирдэрин аттыгар биир элгээн баар. Онно Тахтаҕас диэн собус-соҕотох эмээхсин дьахтар олорбут. Сүрдээх сытыы-хотуу үһү. Ол эмээхсин суолунан киһини аһарбат эбит. Эдэригэр үчүгэй дьүһүннээх. Кэлбит киһи, ыал буолла да, хонор эбит. Ону түүн, утуйбутун кэннэ, төбөтүн сүгэнэн быһа охсор эбит уонна, Луҥха диэн Танара үрэх салаатыгар киллэрэн, ууга тимирдэр эбит. Ону ким билиэй? Эмээхсин байа олорор эбит.

      Кэнники, биир эрэ киһи куотан, биллибит ол эмээхсин киһини өлөрөрө. Ол маннык буолбут. Бүлүү диэккиттэн испит. Кини билэрин тухары, 4–5 сылтан бэттэх, Дьокуускайтан иһэбит диэбит киһини көрсө илик эбит. Онон дьиктиргии сылдьыбыт. Тахтаҕас эмээхсиҥҥэ кэлбитин үөрүүнэн көрсүбүт. Киһи дьиксинэ-дьиксинэ хоммут. Эмээхсин хойут, түүҥҥэ дылы, утуйбакка сылдьыбыт.

      Эмээхсин таһырдьа тахсыбытыгар,

Скачать книгу