Үһүйээннэр, номохтор. Багдарыын Сүлбэ

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Үһүйээннэр, номохтор - Багдарыын Сүлбэ страница 20

Жанр:
Серия:
Издательство:
Үһүйээннэр, номохтор - Багдарыын Сүлбэ

Скачать книгу

ытаабыттар-соҥообуттар. Күн киириитэ тыылара туолан, тимирэн барбыттар. Өссө күүскэ ытаабыттар. Ол курдук үс тоҥус бу күөлгэ тимирэн хаалбыт. Ол иһин бу күөлү Соҥообут диэн ааттаабыттар. Кэлин уларытан, Сохообут диэбиттэр.

      ХАРА УУЛААХ

      Былыр Бүлүү оройуонугар араҥ диэн ыарыы кэлэ сылдьыбыта үһү. Бу ыарыыны ол кэмҥэ кыайан эмтэниллибэт эбит. Элбэх киһи өлбүт. Билиҥҥи Мастаах совхоз сиригэр ол ыарыы эмиэ кэлбит. Ол бириэмэҕэ дьон тус-туһунан өтөхтөргө бытанан олороллоро үһү. Дьэ, хас да ыалга дьоннор ол ыарыынан ыалдьыбыттар.

      Дэриэбинэттэн соччо ырааҕа суох Одуҥда диэн күөл баар. Ол күөл кытыытыгар, тыа быыһыгар хас да ыал кыттыһан дьиэ туппуттар. Уонна ол дьиэлэригэр били ыалдьыбыт дьоннорун аҕалан, хаайан кэбиспиттэр.

      Бу ыарыһах дьону ким да кэлэн көрсүбэт, ким да кинилэри аһаппат эбит. Ыарыһахтар дэлби сэниэлэрэ эстиэр диэри ытаабыттар. Ол олордохторуна, дьиэлэрэ аллара тимис гынан хаалбыт. Ол дьиэ оннугар уу бычалыйан тахсыбыт. Дьиэ оннугар, дьэ, онон күөл үөскээбит. Ол күөл билигин кып-кыра көлүччэ. Киһи уонча мүнүүтэ иһигэр төгүрүйэн кэлэр: көлүччэтэ. Уутун өҥө хап-хара. Оттон баһан ыллахха, син биир көннөрү уу курдук уу. Уута харатын иһин Хара Уулаах диэбиттэр.

      Ксения Акимова. Бүлүү, Баппаҕаайы. 1960-с сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.

      ТИИСТЭЭХТЭЭХ

      Тиистээхтээх диэн күөл баар. Ол туһунан манныгы кэпсииллэр.

      Былыр биир киһи, алта мастаах болуот оҥостон баран, бу күөл ортотугар киирбит. Балыктыы. Эмискэ болуота күөрчэхтии ытыллыбыт. Долгуннуран барбыт. Киһи көртө, болуоту икки өттүнэн көстөр харахтаах ханнык эрэ харамай тахсыбыт. Киһи куттаммыт. Нэһиилэ тыаны булбут. Ол биллибэт харамай кустар көтөн кэлбиттэриттэн биири сиэбит. Онтон тиистээх баар күөлэ диэн буолбут уонна Тиистээхтээх диэн ааттаммыт. Урут өссө этэр этилэр, бу кыыл биир аты уонна ыҥыыры сиэбит диэн.

      Василий Николаевич Захаров. Бүлүү, Тылгыны нэһилиэгэ. 1970 с. 84 саастааҕа.

      ҺААРАА ЭМЭЭХСИН КЭПСЭЭНЭ

      Тыһыкыыс диэн улахан күөл баар. Былыргыта Тыһы Кыыс диэн дьахтар олорбут. Ол аатынан ааттаммыт. Биһиги Эбэ диибит. Арҕаа Эбэ.

      Тылгыны диэн эмиэ дьахтар олорбут үһү. Тылгыныга үөс арыы баар. Тиит арыы. Онно дьаамалаахтар сэриилэспиттэр. Оҕунан. Тыаттан омуктар кэлэн ытыалаабыттар. Онно сорохторо өлбүт, сорохторо куоппут. Сүрдээх угут эбитэ үһү онно. Икки тииккэ олуктаабыт олуктара тураллар үһү.

      Хотторуу буолан, Мөкү диэн киһи харбаан тахсыбыт. Ол тумул билигин Мөкү Тумула дэнэр. Иккис киһи Тааһыкы Тумула диэҥҥэ тахсыбыт. Тааһыкы. Ол икки киһи, харбаан, куотан тураллар.

      Тыатааҕы дьон, киирэннэр, тутаттаан ылбыттар бэриммиттэрин. Биир дьахтары ордорбуттар. Тойоннорун ойоҕун ордороннор, илдьэ бараллар. Ныһыйан кээһэн бараннар. Дьэ, баран, били арыыттан тахсаннар, тыаҕа истэн турдахтарына, арыыга иһиллэр кыланыы: «Мин хара түөкүттэри син биир ситиэҕим», – диэн. Ону төннөн киирээри гыммыттар. Киһи орпут

Скачать книгу