Үһүйээннэр, номохтор. Багдарыын Сүлбэ

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Үһүйээннэр, номохтор - Багдарыын Сүлбэ страница 13

Жанр:
Серия:
Издательство:
Үһүйээннэр, номохтор - Багдарыын Сүлбэ

Скачать книгу

баран, Бэчиэттэр төрүттэриттэн баай кыыһын кэргэн ылар. Бэчиэт төрүттэрэ бэрт уһуннук баһылаан-көһүлээн олорбуттар эбит. Бэчиэт дьиҥнээх аата – Егоров Сэмэн. Ол да иһин норуот номоҕуттан Бэчиэт наследствотын туһунан иһиллэр.

      Быһыр уолун быһылаана,

      Өлөөһө кинээс өрүскэнэ

      Өтөрүнэн өһүллэрэ

      Өтө көстүбэт, бадаҕа.

      Кыычыкыын олус байбыт, наһаа элбэх сүөһүлэммит. Былыр биллэр баай дьон тугунан эмит аатырыахтарын баҕараллар эбит. Кыычыкыын үүт көлүйэ оҥосторго быһаарыммыт. Кини ол оҥкучаҕын наһаа дириҥ гыннарарга санаммыт. Оҥкучаҕы хаһарга нэһилиэк дьоно бүтүннүү сордоноллор. Оччолорго ханнык үчүгэй сэп-сэбиргэл кэлиэй? Буорун иһиккэ кута-кута быанан таһаараллар үһү. Кыычыкыын үлэлэтэр дьонун оҕус баһынан аһатар эбит. Кини бу аһын уһуннук буһарар идэлээҕэ үһү. Тоҕо? Көлүйэ хаһар дьон, оҕус баһа буһарын кэтэһэн, уһуннук үлэлиэхтээхтэр уонна уһуннук буһан сымнаабыт эти кинилэр түргэнник сии охсон, үлэлэригэр туруохтара үһү. Кыычыкыын абааһыны-таҥараны итэҕэйэр киһи диэн ааттыыллар. Үлэһиттэр, эстиилэрэ-быстыылара буолан, кинини куттуурга быһаарыналлар. Ол курдук кинилэр ардах түспүтүн кэннэ тыыннаах балыктары ыыппыттар. Кыычыкыын куттаммыт уонна, Аллараа дойду оҕонньоро балыгы мээнэҕэ ыыппатаҕа буолуо диэн санаабыт да, оҥкучаҕын көмнөрөн кэбиспит. Бу үһүйээни атыннык эмиэ кэпсииллэр. Сорохтор таас ылаары хастарбыт дэһэллэр. Сорохтор сир анныттан балык тахсар диэн хастарбыт дииллэр. Ол гынан баран, хастарыытын чахчы хастарбыт. Билигин ол оҥкучах онно хотоол сир буолан турар. Киниэхэ тииттэр үүнэн тураллар. Оҥкучах онно Кыычыкыын күөл илин өттүгэр баар.

      Тылы быһаарыы:

       1 Кыычыкыын күөл – Бүлүүтээҕи Чочу нэһилиэгин сирэ. Нэһилиэк киинэ Сыдыбыл дэриэбинэтин уһугар сытар.

      Трофим Петрович Гоголев (1903–1990). Бүлүү улууһа, Орто Бүлүү. Үһүйээни урут суруйбутун 1989 с. кыыһа, наука кандидата М. Т. Гоголева бэчээттээн биэрбитэ.

      АМПАРА БЫСТЫБЫТА

      Икки Чохороон икки ардыгар Дэлгэртэн хоту Ампара Быстыбыта диэн сир баар. Ол аата манныктан буолбут.

      Дардаҕар Боотурап Тоҥус сиригэр муҥхаҕа, кырдьан баран, сылдьыбыт.

      «Аатырар хааннаах батастаах, өргөс үҥүүлээх Дардаҕар Боотураптара бу дуо?» – дии-дии биир киһи итиннэ түҥнэритэ көтөр, манна охторор.

      «Оо, абаккам, бу күммэр түбэһэҥҥин, көҥүл көттөҕүҥ оттон. Саатар, оҕобор Мэлтэгэр Боотурапка түбэспэт буоллаҕыҥ!»

      «Бай! Оннук оҕолоох буоллаххына, дьэ, уолгар этээр. Аны күһүн сэтинньи ый кыһыл туолар киэһэтигэр тиийиэҕим», – диир да, туруору анньан кээһэн баран, хаарын тэбээн биэрэр.

      Дардаҕар, умнан кээһэн, ону уолугар эппэтэх. Күһүн Мэлтэгэр туһаҕыттан, айатыттан куобах бөҕөнү сүгэн, бэркэ саллан-сылайан кэлбитэ, куйах хатыытын курдук харахтаах, сарын, курбуһах иччитэ киһи көтөн түһэр. Хантан сылдьар, ким диэн киһигиний диэн кэпсэтиһии буолар.

      «Дьэ, мин суол курдук сурахтаах, аат курдук ааттаах киһибин. Ампара Хоһуун диэммин. Мин быһаас аҕаҕынан

Скачать книгу