Үһүйээннэр, номохтор. Багдарыын Сүлбэ
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Үһүйээннэр, номохтор - Багдарыын Сүлбэ страница 10
Туруорбут дьон олохтоохтор. Мэҥэ Хаҥаластан, Уус Алдантан кэлэн олохсуйбут дьон. Охулуокап Сомсоон, Поппуоп Мэхээлэ, Перевалов Лэгэнтэй, Ыскырбыыкын Сэмэн. Сэниэлээх, кэпсэтэр, барар-кэлэр дьон. Кэлин мээнэ суруйар буолбуттар. Онно кыттыбатах дьону. Өссө Сахаарап Лэпсэй Кууһумуус. ЯЦИК чилиэнэ, үөрэҕэ суох оҕонньор. Кэнники эһэтэ Тордуйа аатынан, араспаанньатын уларытан, Тордуин диэнинэн өлбүтэ. Поппуоп Мэхээлэни Миһирийээн диэччилэр. Суон уонна иһиттэн саҥата ньиргийэн тахсар саҥалаах. Гражданскай сэрии саҕана бу диэки бандьыыттаабыт, өссө хамандьыыр буола сылдьыбыт. Итиэннэ өссө туруорууга Таспайар диэн баар этэ. Уус оҕонньор. Суоруутун эҥин ол оҕонньор суоран туруорбута буолуо. Уонна убайдыы-бырааттыы Татаарынаптар диэннэр бааллар. Өрүс уҥуоргу өттө да буоллар, тахсыбыттара буолуо. Оннук сурахха. Онтон маппатах буолуохтаахтар. Уйбаан уонна Бүөтүр. Туруорсубут буолуохтаахтар. Ааттара суох быһыылаах этэ.
СААМАЙДАР
Саамайдары киһини сиир дьоннор үһү диэччилэр. Олорго мин ийэм улахан убайын быраата, аата Бэрт Маалыҥкай, тиийэ сылдьыбыт диэн баар. Бэйэтэ ааттаах булчут, ааттаах ытааччы үһү. Уон кыылы көрдөҕүнэ, тоҕуһу өлөрөн баран тохтуур эбит. Биирин өлөрбөт үһү. Биирин хайаан да хаалларар үһү.
Бултуу сылдьан, уччуйан баран хаалбыт. Дьонун суолун суоллаан барбыт. Ол баран, атын дьоҥҥо тиийбит. Саамайдарга диэн буолуо дэнэр. Ураһаҕа. Аһатан, күндүлээн. Дьиэлэрин түгэҕинэн кииртэлээбиттэр. Кэлин. Быһахтарын эҥин сытыыланаллар эбит. Таһырдьа сылдьан, бэйэлэрин тылларынан кэпсэтэллэр үһү. Туспа. Онтон дьаарханан, хайдах эрэ куотардыы сананан, олорор сиринэн ураһа түгэҕэ аһыллыбытынан тахсан, табатыгар тиийбит. Оҕунан ытыалаабыттар да, таппатахтар. Сүүрэринэн үчүгэй. Ол иһин Бэрт Маалыҥкай диэн аатырбыт. Уучаҕын миинэн баран, ытыалаан, хас да киһини өлөрбүт уонна куоппут. «Сирэйдэригэр ойуулаах этэ», – диэбит. Тигиилээх.
БҮЛҮҮ
Варвара Федотова. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут. 1973 с. үһүйээннэри киниэхэ аҕата Максим Степанович Федотов кэпсээбит.
БӨӨЧӨРӨ
Былыр Бөөчөрө диэн тоҥус хоһууна баара үһү. Бу хоһууну 40 дьиэ тоҥус батыһа сылдьара үһү. Бу дьон хоһуун бултаабыт булдун хомуйарга, сииргэ сылдьаллар үһү. Хоһуун улахан баайа суох эбит. Ол сылдьан, кини үйэтин иһигэр 99 эһэни өлөрбүт. Эһэҕэ сааламмата үһү, аҥардас батыйанан уонна баалка маһынан бултуур эбит. Биир күн сайын алыыга тиийбитэ, үс кыыл аһыы турара үһү. Бу үс кыылы үһүөннэрин өлөрбүт. Онтон биир кыыл элэмэс эбит. Ытан баран турдаҕына, алыы диэки тыас тыаһаабыт. Туох ааттаах тыаһай диэн хайыһан көрбүтэ, үйэтигэр көрбөтөх улахан, эмиэ да сиэллээх, кутуруктаах курдук эһэ сүүрэн иһэрэ үһү. Урут хаһан да уолуйбатах, соһуйбатах бэйэтэ, уолуйан, улахан тэҥкэ баарыгар сүүрэн тиийэн ыстаммыт. Эһэ кэлэн үөһэ ойуолаан баран, кырбаталаан көрбүт да, үс ойуунан хоһууну куоттарбыт. Эһэ сүрдээх улаханнык үс төгүл часкыйбыт. Хоһуун ол олорон ытыалаабыт. Ол