Үһүйээннэр, номохтор. Багдарыын Сүлбэ
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Үһүйээннэр, номохтор - Багдарыын Сүлбэ страница 11
ТҮӨРЭЧЭЭН
Бу хоһуун Мастаах күөлгэ ийэтэ эмээхсини кытта олорбута үһү. Мастаах күөл арҕаа өттүгэр Сохообут диэн ортотугар мас арыылаах күөл баара үһү. Бу күөлгэ сахалар мустан, байан-тайан олорбуттар. Сохообут уонна Ходуһа диэн күөллэр икки ардыларыгар ааттаах улахан хонуу баар. Манна сахалар, окко киириэхтэрин иннинэ, ас-үөл тэринэн, аһыыллара-сииллэрэ үһү. Кылыстар 2 сырсан бэртэрин билсэллэр, бөҕөстөр тустан күүстэрин билсэллэрэ үһү. Ол бириэмэҕэ биирдэ хантан да кэлбиттэрэ биллибэт эдэрдээх кырдьаҕас тоҥустар баар буола түспүттэр. Ол оонньууга Түөрэчээн суоҕа үһү. Тоҥустары ыҥыран аһата-сиэтэ, оонньото сатаабыттар. Онуоха эдэрэ аһы аһаспыт, оонньууга кыттыбыт да, охтоох саатын сүгэ сылдьыбыт. Кырдьаҕаһа аанньа да аһаабатах, аанньа да кэпсэппэтэх. Ураһа таһыгар, оҕун тардан баран, олороро үһү. Ол иһин сахалар, сэриилэһээри кэлбит диэннэр, түҥнэри ытан түһэрбиттэр. Оҕонньор өлөр саҥатын истэн, эдэр киһитэ: «Төбөтүн тииккэ ыйаарыҥ!» – диэн баран, элэс гынан хаалбыт. Ону сахалар сырса да сорумматахтар. Нөҥүө сайыныгар ол бириэмэҕэ эмиэ мустан аһаан-сиэн, оонньоон-көрүлээн эрдэхтэринэ, туох да хара баһаан омук кэлэн, эмискэ саба түһэн, кырган кэбиспиттэр. Бу сахалартан саамай бэртэрэ Мастаах Эбэ диэки Түөрэчээҥҥэ куоппут. Тоҥустар өйдөөн көрбөккө хаалбыттар. Ол киһи Түөрэчээҥҥэ кэлбит. Хоһуун ийэтиниин собо сии олорбуттар. Онно көтөн түспүт. Уруккуттан билэр киһитэ буолуо: «Хайа, доҕоор, туохтан куттанан, хааныҥ-сииниҥ алдьанна?» – диэбит Түөрэчээн. «Дьэ, атаһыам, омуктар кэлэннэр, туох баарбытын бары кыртылар. Ону, дьэ, бараҥҥын, иэһи иэс курдук иэстэс», – диэбит. Онуоха: «Оо, атаһым омук хаанын көрдөрөөрү кэлбит», – диэт, куйаҕын үөһэ түспүт. «Чэ, ийэкээ, аһыҥ үтүөтүн астаа, таҥаһыҥ үтүөтүн таҥын», – диэбит уонна таһырдьа ыстанан тахсан, араҥас охсубут. Киирэн астарын аһаабыттар. Эмээхсин тахсан, дьиэтин үстэ төгүрүйбүт. Ол төгүрүйбүтүн кэннэ, уола, көтөҕөн ылан, араҥаһын үөһэ олордон кэбиспит. Кэннинэн сүүрэн баран, суордуу хаһыыра-хаһыыра, үс төгүл сөһүргэстии түһүтэлээбит. Үһүс түһүүтүгэр ийэтин көхсүн харатынан дьөлө ытан таһаарбыт. Онуоха эмээхсин: «Оҕом илиитэ үчүгэйиин!» – диэн баран, өлөн түспүт. Ийэтин хааныттан үс төгүл омурпут: «Хаан хаптаҕым, өһөх уоптаҕым, соргу көтөхтөҕүм: – диэн баран, табаарыһын: «Чэ!» – диэт, Сохообут диэки ыстаммыт. Кинини ким ситиэй, ол иһин күүтэ-күүтэ аа-дьуо барбыт. Түөрэчээн тоҕус былас чиэрчимэ маамыктаны 3 көхсүгэр баанан баран сүүрдэҕинэ, ууга да, хонууга да маамыкта сиргэ тиийбэтэ үһү. Сохообукка тиийбиттэр. Ол омуктар олорор сирдэриттэн үс биэрэстэ усталаах ходуһа баар. Ол ходуһа бүтүүтүгэр улуу тумуһах баара үһү. Бу манна кэлэн, хоһуун доҕоругар эппит: «Мин анныкы буоларбын көрдөххүнэ, бэйэҥ бэйэҕин билинээр. Онтон мин үөһэ буоларбын көрдөргүн