Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 58
– Киһибит аҕыйаата. Үлэбит баара күн-түүн үксээн иһэр. Эн бу күннэргэ үлэҕэр киирдэххинэ сатаныыһы, – диэтэ Ойуурап, куруускалаах чэйи икки ытыһынан бобо тутан олорон. – Билигин хас күн, хас чаас күндү.
Томмот итиниэхэ туох диэн хардарыан булбата. Киһитэ буоллаҕына кини ГПУ-га үлэлиирэ хайыы-үйэ быһаарыллыбытын курдук этэр. Үнүргү кэпсэтии быһыытынан үлэлииргэ сөбүлэнэн кэллэҕэ дии саныыр быһыылаах. Дьиҥинэн Томмот бүгүн Кыыча туһунан эрэ кэпсэтэр санаалааҕа да, ити Мэхээс Урчуусап өлбүтүн туһунан истэн баран, “кутталлаах сиргэ” – сэриилэһэр чааска тиксэр баҕалааҕын этиэн тыла тахсыбата. Ити эрээри, бэйэтэ сөбүлэммитин даҕаны иһин, кинини, бииргэ үөрэнэр табаарыстара этэллэринии, “баай кыыһыгар өйүн сүүйтэрбит” киһини, ГПУ-га үлэҕэ ылаллара саарбах. Ону биллэҕинэ, Ойуурап хата бэйэтэ маҥнай аккаастаныаҕа.
– Эһиэхэ үлэлиирим баһа биллибэт буолла, – диэтэ Томмот. – Аны, бука, миигин чугаһатыаххыт суоҕа.
– Тоҕо? – Ойуурап, соччо соһуйбакка, ыйытта.
– Оннук буолан таҕыста.
– Оннук туох үлүгэргэ түбэстиҥ? Кэпсээ.
Томмот ыстакаанын остуолга уурда уонна Кыычалыын бииргэ үөрэммитин, кинини итэҕэйэн, эрэнэн, комсомолга киирэригэр мэктиэлээбитин, кыыһа сүтэн хаалбытын туһунан барытын, тугу да кистээбэккэ, кэпсээтэ.
– Техникум комсомолецтара миигин улаханнык буруйдууллар. Сотору мунньахха дьүүллүүллэрэ буолуо, – диэтэ кини түмүгэр. – Кылаассабай сэргэххин сүтэрбиккин дииллэр. Сөпкө этэллэр. Кинилэр оннуларыгар мин эмиэ инньэ диэм этэ.
– Кыыһыҥ араспаанньата ким диэтиҥ?
– Аргыылаба.
– Били аатырбыт Аргыылап баай кыыһа буоллаҕа?
– Кини.
– Сө-өп… Кыыһыҥ, кырдьык, дойдутугар тахсыбыт. Аҕатын аахха тиийбит үһү. Аргыылап хамначчыта өрөпкүөм таһаҕаһын киллэрэ сылдьыбыт. Ону кытта. Ити күн кэтэбиллэр ыарыһах дьахтар бобуоскаҕа тиэллэн тахсан иһэригэр түбэспиттэр этэ. Ол кини эбитэ буолуо, – Ойуурап, килиэп хаҕын тарбаҕар эргичиҥнэтэ-эргичиҥнэтэ, Томмоту тобулу одуулаата. – Кыычаҥ убайа Бэлиэрий хаайыллыбытын истибитиҥ дуо?
– Суох.
– Хаайан турабыт. Илинтэн Бэппэлээйэп бэрэстэбиитэлэ буолан кэлбит этэ. Үнүр илин өлбүт икки кыһыл армыайаһы көмүүгэ сылдьыбытыҥ дуо?
– Сылдьан.
– Кинилэри Бэлиэрий Дьокуускайга киирэн иһэн өлөртөөбүт эбит.
– Оо-о!.. Оччоҕо Кыыча эмиэ… – Томмот, ситэ саҥарбакка, умса көрдө.
– Суох, Кыыча убайын кытта сибээстээх буолуо дии санаабаппын. Биһиэхэ биллэринэн, кинилэр Дьокуускайга көрсүбэтэхтэр. Кыыс убайа киирбитин билбэтэ да буолуо. Билбэтэх буолуохтаах.
– Саарбах… Убайа ыраахтан кэлбитин балта хайдах билиэ суоҕай?
– Саарбахтыахха