Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 61

Жанр:
Серия:
Издательство:
Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов

Скачать книгу

ыйан-кэрдэн кэпсииллэрин истэн олоруох курдук санаабыта. Онтуката баара “теоретическай үөрэҕэ” Ойуурап ити быһаччытык эппит тылларынан бүппүтэ. Ол оннугар кини ГПУ күнүһү түүнтэн, түүнү күнүстэн араарбат түбүктээх үлэтигэр эриллибитинэн барбыта.

      Билиҥҥитэ Томмот туохха да үөрэниэ, эбиллиэ суохха айылаах. Кини үлэҕэ киириэҕиттэн бүтэй сарсыардаттан хара түүҥҥэ диэри наар Аргыылабы доппуруостууллар да, харыс да сыҕарыйбыттара көстүбэт. Силиэстийэлэнээччини үгүс туоһуну кытта сирэй көрүһүннэрдилэр, буруйун саарабыла суох кэрэһилиир элбэх чахчыларынан сирэй-харах астылар. Аргыылаптара онуоха барытыгар хардарар тыла диэн иккиэйэх: “суох” уонна “билбэппин”. Атыны саҥардаҕына даҕаны наар төттөрүтүн тибэр: көрдөрөн туран үрүҥү хара, хараны үрүҥ диир. Адьас муннукка ыктардаҕына, ыыс-бурут тылынан үөхсэн тоҕо барар.

      Бачча үгүс туоһу сөмүйэтинэн ыйа турдаҕына, бачча элбэх дакаастабыл кэрэһилиирин үрдүнэн буруйа суох аанньалбын диэн кубулунара сатамматын Аргыылап син өйдүүр быһыылаах. Ол иһин буоллаҕа буолуо, сэбиэскэй былааһы ис-иһиттэн өһүөннээхтик абааһы көрөрүн кистии да соруммат. Тэппи эрэ буоллар, коммунистары, чекистэри киһи иилэн ылбатынан кулгуйар. Ити ахсын Томмот иһигэр кыынньа түһэр. Тарбахтара кубарыйыахтарыгар диэри сутуруктуу тутан баран илиитин остуол анныгар анньар. Күн ахсын итинник. Оттон Ойуурап быыс буоллар эрэ уолга мэлдьи этэр: “Иһиттиҥ дуо? Көрдүҥ дуо? Дьэ көр, итинник. Өйдөө. Барытын өйдөө. Бука барытын…” Томмот ол аайы мунаахсыйа саныыр: “Дьэ итиннэ киһи өйдүү сатыаҕа туох баарый?”

      Томмот Ойуурап тулуурун сөҕөр: биирдэ даҕаны куолаһын улаатыннарбат, дибдийбэт, ыкпат-түүрбэт. Хаайыылааҕа үөҕүстэҕинэ даҕаны тугу да хардарбат, истэр эрэ. Уол көрдөҕүнэ, Аргыылап үөхсэн силэ бырдаҥалыырын Ойуурап бэрт холкутук, ону ааһан кэрэхсээбиттии одуулаһан, сыҥаах баттанан олорор буолар уонна анарааҥҥыта кырыыр-таныйар тыла баранан, уоҕа эстэн, олоппоһугар төттөрү түстэҕинэ, аа-дьуо: “Бүттүҥ дуо? Чэ оччоҕо аны манныкка эппиэттээ…” – диэн эмиэ ыйытан барар. Туоһуларынан, чахчыларынан хаайсыы, аккаастаһыы, үөхсүү оччоҕо эмиэ хат саҕаланар.

      Биирдэ Аргыылап курдук өстөөҕү киһи кыайан тулуйан өр доппуруостуо суоҕун туһунан Томмот тыл быктарбытын Ойуурап соһуйа истибитэ:

      – Һы! Эн өстөөх хайдах буолуо дии санаабыккыный? Тулуйуох тустааххын. Чэкиис тулуйбат буолар бырааба суох.

      Бүгүн Аргыылабы эмиэ күнү быһа доппуруостаатылар. Эмиэ туһа суох. Томмот суруйар доппуруоһун боротокуолугар, эмиэ бэҕэһээҥҥитин, икки-үс хонуктааҕын курдук, нүрү-хары мэлдьэһэр, үөхсэр тыллартан ураты атын тыллар суохтар. Аргыылап бүгүн хаһааҥҥытааҕар да наһаалаата. Маннык быыһа суох сидьиҥ үөхсүүнү Томмот урут истэ илигэ. Нуучча, саха тылларыгар итинник быдьар тыллар бааллара буолуо диэн да санаабат этэ. Кини төрөөбүт нэһилиэгэр Тыллаах Кыскыйдаана диэн үөхсүүтүнэн, мөкү майгынынан сураҕырбыт дьахтар баара. Аргыылапка холоотоххо, Кыскыйдаана эрэйдээх адьас турар ууну долгуппат, күөх оту тосту үктээбэт айыы барахсана эбит. Соҕотох

Скачать книгу