Санатыма дуу, ааспыты…. Огдо

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Санатыма дуу, ааспыты… - Огдо страница 5

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Санатыма дуу, ааспыты… - Огдо

Скачать книгу

ытабылларынан доҕуһуолланар. Ким эрэ ыҥырар, үҥсэргиир, ардыгар эмиэ да кыыһырар курдук ытыырын Аанчык аны арааран билэр буолбута. Инньэ да гыннар, хайыай? Сүүрбэ биэс кырачааҥҥа соҕотох ийэ буолар наһаа уустук. Дьиҥэр, этэҥҥэтэ буоллар, хас биирдиилэрин төрөппүт ийэ бэйэтэ чөкө, күнү быһа бүөбэйдиир аналлаах этэ. Кини икки илиитэ итиччэ элбэх оҕоҕо, хайдах да гын, син биир тиийбэт. Кып-кыра барахсаттар тот эрэ буолалларын хааччыйар кыахтаах. Сорохтор, сууларын уларытааккын, сонно илиттэхтэринэ да, аныгыскы уочаракка, Аанчык хаһан биир-биир барыларын бүтэриэр диэри, сыталларыгар эрэ тиийэллэр. Дьиҥэр, үлэ ирдэбилигэр этиллэринэн, барыта чааһынан болдьохтоох. Ол эрээри оҕо робот буоллаҕай, эн чааскар кыһаммат. Аһаабытын сыыһын сонно тута ииктээн баран хам аччык буола түһэр, тохтоло суох ытаан бэбээрэр эрэйдээҕи кини, түбүгүн быыһыгар кистээн, булгуччу эбии аһатар. Аһынара оччо. Тыынар тыыннаах эрэйдээх сыыһа-халты түспүтэ эн ханнык да быраабылаҕар баппат. Буолаары буолан төрүү иликтэриттэн тулаайах хаалбыт бу оҕолор…

      Аанчык, оҕолорун аһынан, син биир быыкаатык да буоллар быыс булан, ааһан иһэн сууларын анныгар илиитин батары биэрэн, илийбитин-илийбэтэҕин бэрэбиэркэлиир. Инчэҕэй буоллаҕына, тута иккистээн уларыта охсор. Оччоҕо эрэ ытаан мэрбэҥнээбит сирэй, «һуу» гынан, мичээрдииргэ дылы гынар. Онуоха уһуннук ымманыйан туруоҥ баарай, кураанах суоскатын айаҕар угаат, кыыс салгыы сүүрүүнэн кэриэтэ атын дьаһалыгар ыстаннаҕына эрэ барытын кэмигэр толорор, бүтэрэр кыахтанар.

      Ити өссө кыра диэн манна баар саастаах сиэстэрэ кини кэлээтин кытта сэрэппитэ. Оҕолор улааталлар, хамсаан, туран-олорон бардахтарына, ирдииллэрин биллэхтэринэ, ытабыллара үксүүр, көрүллэллэрэ эбии уустугурар. Ону да кыыс өйдөөбүтэ. Биирдэ эмэ илиитигэр ылан көтөхтөҕүнэ, иһиллээбиттии ах барар кырачааны, ама, тугу да билбэт диэҥ баарай? Кимнээҕэр бэркэ илиини араараллар, кыратык да чугаһаатаргын, соҕотохто хатааста, силим курдук сыста түһэллэр уонна, туох дииргин күүппүттүү, чуумпура иһийэллэр. Кып-кырачаан тарбахтарынан түөскэр хатана түһэллэр уонна эйэргээбиттии уу-хаар баспыт харахтарынан мичээрдээн муҥнаналлар. Сып-сырдык саһархайдыҥы харах, сороҕо күөх, сороҕо хара… эрээрилэр тоҕо эрэ бары биирдик, көрдөһөр-ааттаһар курдук көрөргө дылылар. Оччоҕо, хайа да бэйэлээх дьахтар, бу кырачаан барахсаны халбарыччы анньар кыаҕыттан ааһара буолуо ээ. «Эрэйдээхтэр ийэлэрин эрэйэллэр ээ, быһыыта» дии санаатаҕына, бэйэтинэн охсон, ийэтэ суох улааппыт оҕо сааһын санаан, уйадыйан ылааччы. Ол иһин ити туһунан санаабат буола сатыырга кини кэнники ыйдарга син мээнэ үөрэннэ.

      Манна үксэ ыалдьааччылар сыталлар, ол аата эмтэммэт, эбэтэр уустук ыарыылаах диэн, төрөөттөрүн кытта кинилэртэн ийэлэрэ аккаастаммыттар. Чэгиэн баҕайы кырачааннары ардыгар иһээччи, күүлэй дьон бырахпыт буолаллар. Сорохтору онтон-мантан булаллар. Олору кэтээн көрөллөр, доруобай буоллахтарына, оҕото суох ыалга ииттэрэ биэрэллэр. Онуоха халыҥ уочарат. Сороҕор быыһылаан атын куораттартан,

Скачать книгу