Санатыма дуу, ааспыты…. Огдо
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Санатыма дуу, ааспыты… - Огдо страница 8
– Билсэргэ бэртээхэй төрүөттэнним быһыылаах, эн таҥаскын буортулаабыт буруйдаах Толя диэммин, – диэбитэ.
Кыыс күлбүтэ, букатын да буруйдуур санаата суоҕун биллэрэн эйэргээбитэ, аатын эппитэ. Салгыы сэлэһиэҕи, ирэ-хоро кэпсэтиэҕи бэрт тоҕоостоох түгэн этэ эрээри, дирбийэр-дарбыйар тыас-уус тугу да иһитиннэриэ суох курдуга. Ол сатамньыта суох балаһыанньаттан иккиэн да саараабыттарын уол урут бэлиэтии көрөн:
– Аня, таһырдьа тахсабыт дуо? Манна айдаана бэрт эбит, – диэн тыл кыбыппыта.
Ити, кылгас да буоллар, олус күндү киэһэ этэ. Кыыһы инчэҕэй дьууппалаах барыаҥ дуо, тоҥуоҥ диэн туруорсан, Толя тута таксинан уопсайыгар аҕалан биэрбитэ. Сарсын, буруйун суотугар киинэҕэ барсарга ыҥырбытын кыыс аккаастаабатаҕа.
Оо, ол түүн бытааныан, эчикийэ сарсыарданы күүтэн да биэрбитэ. Сүрэҕэ мип-минньигэстик ыгыта туппахтаабыта, битигир-битигир тэбиэлээбитэ, имнэрэ кэйбитэ. Аанчык хараҥаҕа кытта кистээн мичээрдиир диэн тугун аан бастаан билбитэ. Билбитэ да буолуо дуо, маннык эбит диэн, дьэ, өйдөөбүтэ.
Күнү быһа сүүрүүнэн үлэлээт, киэһэлик уопсайыгар тахсыытыгар, үөрүөн иһин, аанын таһыгар Толя хайыы-үйэ хоруопкалаах кэмпиэттээх кинини күүтэн турара.
Бүттэҕэ ол, Аанчык ол күнтэн ыла күннэри-түүннэри күүтэр киһитэ соҕотох кини, Толя эрэ. Уол архитектор буолаары үөрэммитэ үһүс сыла эбит. Манна куоракка үөскээтэр да, тыаҕа дьоннордоох буолан, сахалыы-нууччалыы барытыгар сыстаҕас, элэккэй, булугас-талыгас, турбут-олорбут, букатын сиппит эдэр киһиэхэ маарынныыр.
Аанчык соҕотохсуйбут сүрэҕэ ити кэмтэн ыла иччилэммитэ, кимниин да үллэстиэ суох күндү кистэлэҥнэммитэ. Кыыс санаатыгар кини бу уолу сааһын тухары (онтубут да, саллайбыт сааһа диэхтээн, баара эрэ 17-тэ эбээт) билэр курдуга. Хайдах эрэ оннук, орун-оннугар буолуохтааҕын курдук, кини сүрэҕин суос-соҕотох чопчута бу уол буолбута. Кинилэр, ол да иһин буолуо, уһаабатахтара, били билсиэхтэриттэн нэдиэлэ эрэ кэриҥэ буолбуттара, кыыс биир хоско олорооччута уоппускаҕа бараатын кытта, киэһэ киинэ кэнниттэн Толя киниэхэ хоно хаалбыта…
Онтон ыла, үөрэҕэ бүттэр эрэ, атын наадата суох кэмигэр уол куруук кэлэр. Аараттан атыыласпыт бэчиэнньэтин, ардыгар мороженайын кыбыммытынан иһэрин көрдөҕүнэ, Аанчык утары тахсан көрсөр уонна бу күн сиригэр кини саҕа дьоллоох суоҕун илэ итэҕэйэр. Тоҕо диэтэххэ, кини Толята куруук кинини таптыырын туһунан олус минньигэстик, элбэхтик да элбэхтик сибигинэйэр. Ардыгар бойобуой баҕайы тыллардаах, тапталга ханан да сыһыана суох эрээри, таптыыр бэйиэттэрин хоһооннорун төһө сатыырынан, иҥнэ-иҥнэ, өйүттэн ааҕан күллэртиир. Хаһан эрэ Аанчыкка эрэ анаан дьиҥнээхтик айыам диэн андаҕайар. Ити таптал буолбакка? Итинник дьиҥнээх нарын тапталтан иитиллэн, кини иһигэр оҕо үөскээбитэ, эчи,