Санатыма дуу, ааспыты…. Огдо
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Санатыма дуу, ааспыты… - Огдо страница 11
Дойдутугар, эчикийэ, оннук чугас дьүөгэтэ да суоҕа.
Кимниин да иирсибэтэ, бэйэтэ-бэйэтигэр мэлдьи сөрү-сөп сылдьааччы. Үөрэҕэр да ортоһуор буолан соччо-бачча ким да болҕомтотун тардааччыта суох. Билигин дьикти үйэ диэн дьон бары бэлиэтиир. Хас биирдии киһи тус кистэлэҥ сыаллаах, онтун ситиһээри туохха баҕарар тииһэр. Оттон халыҥ аймаҕа, билсиитэ-көрсүүтэ суох буоллаххына, эйигинниин куодарыһа оонньооччу суох буолар. Саатар үөрэҕэр уһулуччу буолан Аанчык атыттары сабырыйар кыаҕа суоҕа абаккалаах. Оччоҕо, баҕар кими эмэ өмүтүннэрэн тумнарыа эбитэ буолуо дуу… Биир өттүттэн көрдөххө, ол эмиэ даҕаны туохха наадалаах буолуой?
– Анютка, бу бүгүн тоҕо арбы-сарбыгыный? Туох буоллуҥ? – уурайбыт вахтер уол оннугар кэлбит эбэтэ, наһаа намыын майгылаах Марыына эмээхсин, таапачыкалаах атаҕынан сыр-сыр үктэнэн, ханна эрэ ааһан иһэн киниэхэ халыйда.
– Ээ, суох, таах… – хараҕын уутун кистээн түҥнэри хайыспыт кыыһы эмээхсин сэҥийэтиттэн ылан бэйэтигэр эргилиннэри тарта.
– Хотуой, ол-бу буолума, миигин кырдьаҕас киһини албынныаҥ суоҕа. Хат сылдьаҕын буолбат дуо?
Ити Толя уолтан диэ? Тугуй, албыннаата дуо, этэ тарт, күн сарсын мин кинини үчүгэй аҕайдык… – Марыынаны ситэ саҥарпакка Аанчык кини айаҕын саба тутта:
– Толя туох да буруйа суох, кими да албыннаабата. Мин онтон ытаабаппын… – диэтэ.
– Оччоҕо? – эмээхсин кыыс илиитин туора садьый-да. – Бай, хат кыыс уонна туохтан итинник айманыахтааҕый? Эр киһи эппит тылыттан туораатаҕына буолбакка?!
– Эбээ… оннук буолбатах. Мин тулаайахпын, кыраттан да ытыырым кэмнээх буолуо дуо… – титирэстэс куолас, төһө да кистээбит, онон-манан аралдьыппыт иһин, син биир төлө көтөн тахсан, бүгүн күнү быһа илистибит кыыһы эбии ытатта.
Марыына эмээхсин кыыһы дэллэритэн илдьэн кэбиниэт дэнэр быыкаа холлороон курдук хоһугар киллэрдэ. Итии мүөттээх чэйи буруолаппытынан сибэкки ойуулаах чааскыга толору кутан кэри-куру кыыс иннигэр ууран биэрдэ. Остуолун тардарыттан ыһык гынар суухаратын кытта хас да кэмпиэти таһааран кыракый бүлүүһэҕэ үөрүйэх баҕайытык тэлгэтэ оҕуста. Бэйэтэ хаһан да арахсыбат, таба ойуулаах дьоҕус чөҥкөйүн хойуу үүттээх чэйинэн толороот, сонно иҥнэрэн, муус маҥан бүлүүһэҕэ ыы-быччары кута охсон, сойута уурунна.
Итиэннэ, ийэ эрэ сатыыр албаһынан буолуо, муунтуйбут кыыһы дэлби ааттаан, ыраахтан таайтаран, устунан уоскутан олус иһирэхтик, истиҥник кэпсэттэ. Сааһыгар кими да кытта маннык наллаан, ирэ-хоро сэлэспэтэх Аанчык бастаан кистэнэн кумуччу туттубута сыыйа ааста быһыылааҕа. Кинини бэркэ өйдүүр, курдары көрөр кэриэтэ санаатын сыыһын наһаа чопчу быһааран кэбиһэр, олоҕу олорбут, арааһы билбит эбээ барахсаҥҥа