Санатыма дуу, ааспыты…. Огдо

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Санатыма дуу, ааспыты… - Огдо страница 14

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Санатыма дуу, ааспыты… - Огдо

Скачать книгу

тыҥ-тыҥ диэбит курдук лыҥкынас куолаһа биир кэм тыҥкынаан, тыла тылыбыраан кыыс оҕото.

      – Ульзана! Не время рассуждать! Я категорически против твоих истерик! Хватит! Всему есть объяснение, что случилось? – ийэтэ кыйаханна, тииһин быыһынан чуумпутук эрээри, кытаанахтык быһыта баттаталаан, кыыһын саба саҥарда.

      Кэргэн барарыттан кини саҕа дьоллоох суоҕун курдук сарсыарданы быһа сиэркилэ иннигэр уруһуйдана оонньообут кыыс, аны, өстөөхтөрүн кытта киирсэргэ бэлэм куосканы санатан, сүүһүн аннынан көрдө, мэктиэтигэр көхсө кытта курдьугунуурга дылы буолла. Лаахтаах уһун тыҥырахтарыгар кыбытан хантан эрэ кумааҕы сыыһын ойутан таһаарда уонна ийэтин диэки элээртэ.

      Дьахтар түргэн үлүгэрдик суруллубуту үрдүнэн-аннынан сүүрэлэттэ уонна:

      – Ну и что? Бу тугуй? Манна киһи айманара туох баарый? – ыйытардыы кыыһын диэки көрдө.

      – Мин… эмиэ инньэ диибин ээ, Розалия Аманатовна, ити… мин табаарыспар доҕор кыыһа ыыппыт суругун тиэрдибэккэ сылдьабын. Ону Улечка булан ылан миэхэ күтүрүүр… – Толя сирэйэ-хараҕа турдар да, ымыр да гыммакка, өрүсүһэ соҕус кыбытан биэрдэ.

      – Я тебе не Улечка! О, сколько можно, а? Дурак! Меня зовут Ульзана-а… аа-аа… – аны кыыстара кыра оҕолуу маккыраччы ытаата.

      – Зана! Слышишь, успокойся! Иначе я вынуждена буду действительно прекратить этот базар! – ийэтэ куолаһын үрдэттэ.

      Кыыс аһыннарыахтыы сыҥсыйбытынан киниэхэ кэлэн саба түстэ да, бу сырыыга тоҕо эрэ оннук айылаах ис киирбэхтик буолбакка, көнтөрүк соҕустук таҕыста быһыылаах. Онтуттан абарбыттыы кыыс иэҕэс-куоҕас охсуллаамахтаата. Дьахтар да оҕотугар олус уулла-тохто ымманыйбата. Күтүөтэ буолан эрэр уолга уордайбыт көрүҥэ ханан да суох, кыыһын кэмэлдьититтэн хайа сах сылайбыттыы тутунна уонна нэһиилэ тардына соҕус:

      – Доченька, ну, хватит. Все невесты перед свадьбой находят повод, чтобы поплакаться. Толя завтра же отнесет это письмо по адресу. Это вас не касается же? Ну, все, успокойся, моя хорошая, – төһө да итиччэлээх сылаас тыллары (кини буолан сатаан эрдэҕэ) бэрт хаҕыстык, тымныы соҕустук эттэр, дьахтар санаатын ситтэ, тылын ылыннарда.

      Уля, Ульзана, Зана диэн араастаан эриллэр-этиллэр таптал ааттардаах кыыс оҕото өр буолбата, сибилигин аймаммытын мэлдьэспитинэн күлүм аллайда. Ытыы-ытылла охсон, бэйэтэ да төрүкүттэн киэҥ харахтарын чалбах курдугунан көрөн, суунан-тараанан диэбит курдук, ыраастана оҕуста. Инньэ гыммытыгар тупсаҕай кырааскалаах кэрэчээн харахтара өссө тупсубукка дылы буолбуттар. Таҥаһын көннөрдө, баттаҕын сахсатынна, күөкэгэр моонньун хоҥкук гыннаран фататын кэннин диэки эстэ, үрдүк түөстэрин эргин аатыгар эрэ онон-манан тэбэннэ, синньигэс биилин имэриннэ. Аны, омуна бэрт ээ, икки илиитинэн сараҕар бэйэлээх былаачыйатын тэллэҕин үөрүйэхтик хомуна тарта, үрдүк хобулуктаах, чупчугур тумустаах мааны түүппүлэтигэр чэпчэкитик дугунан, бэрт тэбэнэттээхтик өрө ыстана түстэ, бэтиэхэлээх бэйэлээхтик ырым-тырым көрө-көрө, Толикка баран сөрөннө. Уол бу да сырыыга маннык туттууттан-хаптыыттан

Скачать книгу