Санатыма дуу, ааспыты…. Огдо
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Санатыма дуу, ааспыты… - Огдо страница 16
– Толя, биһиги Дьокуускайга олоруохпут суоҕа, сөп? Я бы хотела в Москве или вообще… где-нибудь подальше еще… Эн устроишься в престижную компанию, үлэлиэҥ. А я куплю себе машинку экстра-класса и… буду светской львицей. Или же… хотя вариантов много. Толя, а, Толя? Тугу толкуйдуугунуй, а? Вроде городскойгун эрээри, тоҕо наһаа деребаскыный?! – Зана эмиэ атаах, абылаҥнаах куолаһынан уолу сэҥийэтиттэн ылан бэйэтигэр эргилиннэри тарпыта.
– Ульзана, уоскуй. Приземлись. То, что случилось, если оно и было… не по моей вине и воле. Я тебя знать не хочу. Уймись, а? Бара тур, я тебе никто, тем более не жених, понятно? – атаҕастаммыт, туохха эрэ муокаска балыллыбыт абаккатыгар уол куоска курдук эриллэҥнэс, онтугар сөп түбэһэр ньааҕынас кыыһы куруубайдык киэр анньыбыта.
Анарааҥҥыта хараҕын уута бэлэмэ да бэрт, тута ытаан барбыта, сып-сап хомунаат, таһырдьа тилигир гыммыта. Толя бөлүүн туох буолбутун уолаттарыттан ыйытан да туһамматаҕа, ким да, тугу да билбэккэ хаалбыт. Ээ, дьэ, буоллаҕа, ити аата Зана кыыс «за ночь» тугу-тугу быһаарбытын бэйэтэ билэн эрдэҕэ…
Биир киэһэ дьоно кэри-куру кэпсэтиигэ куорат мааны ыалын соҕотох кыыһын албыннаабытын, атаҕастаабытын этэн аһарбыттара. Кэргэн ылбат түгэнигэр инники дьылҕатын туора сотуом диэн кыыс таайа киһи сааммытын, кинилэргэ кэлэ сылдьыбытын кэпсээтилэр. Толя соһуйан тылыттан маппыта. Баччааҥҥа диэри ханна кэлэрин-барарын, кимниин билсэрин-көрсөрүн ийэлээх аҕатыгар кэпсээбэт бэйэтэ били тусовка кэнниттэн саарбах түүнүн кырдьыгынан ууран биэрбитэ.
– Ол аата тугуй, соруйан оҥорууга маарынныыр, – аҕата илиитин нэлэҥнэппитэ, ийэтэ санааҕа түспүтэ.
– Биһиги туохпутугар ымсыыран мааны кыыс санаатын эйиэхэ уурдаҕай, баҕар, кырдьык таптаабыта буолаарай? Сыһыаннаах буоллаххытына… – ийэтэ сабаҕалыырын уол сөбүлээбэтэҕэ.
– Ийээ, биһиги икки ардыбытыгар туох да сыһыан суоҕа эбээт. Туохха эрэ түбэстим, өссө сааныылаах буола-буола…
Инньэ гынан, кыыһы көрсөн сирэй кэпсэтэргэ сананан Толя биир киэһэ Заналаахха тиийбитэ. Чыбыгырыы ыллаабыт кыыс оҕото, киирэн иһэр уолга моонньугар иилистэ түһээт, туох да буолбатаҕын курдук иһирдьэ дэллэриппитэ.
– Мамочка, папочка, а вот и он, мой жених Толя! – диэбитигэр саалаҕа телевизор көрө олорор мааны дьон туран кэлбиттэрэ.
Тардына соҕус дорооболоһоотторун кытта, Зана аны уолу бэйэтин хоһугар дэллэриппитэ. Кип-киэҥ, сып-сырдык хос ортотугар сүүнэ улахан маҥан сабыылаах орон мин аҕай бу баарбын диэбиттии киэптээн аҕай турара. Тула хас да кириэһилэҕэ сымнаҕас сыттыктар күөдэл курдук быраҕыллыбыттар. Олорго сүүрэн тиийэн лах