Санатыма дуу, ааспыты…. Огдо

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Санатыма дуу, ааспыты… - Огдо страница 12

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Санатыма дуу, ааспыты… - Огдо

Скачать книгу

эрэ.

      Кини өйдүүрүн тухары аҕатыныын бииргэ этилэр. Эр киһилии модун көрүҥнээх аҕата, тардына да буоллар, дэҥ-дуҥ үөрэн күө-дьаа буолара. Оччоҕо, бэйэтиттэн көҥөммүт курдук, суһал үлүгэрдик кыыһын сүүһүттэн «һык» гына сыллаан ылара, төбөтүттэн имэрийэрэ. Онтон ордук истиҥ сыһыаны билбэккэ улааппыт кыыс соччо-бачча туорхаһыйбата.

      Аҕатын хараҕар куруук даҕаны курус күлүгэ хаһан да арахсыбаттыы олохсуйбут быһыылааҕа. Омуннаах оонньуу да кэнниттэн Аанчык, биирдэ эмэ алҕаһатан, күлэн-салан күйгүөрбүтүнэн дьиэтигэр киирэригэр аантан били курус дьикти ыар тыына илгийэ түһэрэ. Ийэтэ суох олох, кырдьыга даҕаны, үөрүү-көтүү сырдык араҥатын мэлдьи күлүктүү түһэр быһыылааҕа. Ону улаатан эрэр кыыс син сотору өйдөөбүтэ. Ытаан-соҥоон аҕатын аймаабат буола сатыыра, бэйэтин күннээҕи кыһалҕатын кистэнэргэ, хороччу улаатар киһичээн түбүгүн сатаан дьаһанарга түргэнник үөрэммитэ быһыылааҕа.

      Онон Аанчык атаах оҕолуу буолбакка, судургутук, арааһа, эр киһилии соҕустук улааппыт эбит. Ордук-хос тугу да көрдөппөт, туруорсубат, баары баарынан, суоҕу суоҕунан ылынан, соҕотохсуйбут аҕа боростуой оскуолатын ааспыта.

      Итини барытын эргитэ саныы сытан Аанчык утуйан хаалла.

      Арай түһээтэҕинэ, үрдүк да үрдүк хайаҕа ытта сатыыр. Иһэ улааппыт аҕай, ол иһин сэрэнэр курдук, таах дабайа сатаабат, хайата үрдүгүттэн эмиэ да саллар. Үөһэ диэки көрө сатыыр, ол быыһыгар тоҕо ити хайаҕа ыттар баҕалааҕын өйдүү сатыыр. Суох, ыттыахтаах быһыылаах да… мэһэйэ элбэҕэ бэрт. Ыарахан дии, хайдах соҕотоҕун ыттыай? Онтон түһэригэр хайдах буолуой, ким кэлэн көмөлөһүөй? Ити икки ардыгар хайа үрдүгэр Толя турарын көрөр уонна, туох баар хос санаатын илгээт, иннин диэки дьүккүйэр… Тиритэ-хорута били тыаллаах чыпчаалга тарбачыһан тиийбитэ, аны ким да суох. Хайдах баҕайыный? Сибилигин баара дии? «Суо-ох, Толя мааҕын түспүтэ-э, эн хойутаабыккы-ын…» – диэн тыал сипсийэргэ дылы. «Чэ, буоллун, сотору, сынньанан баран, бэйэм да түһүөм буоллаҕа. Толя, бука, тиэтэйдэҕэ. Мин да киниэхэ ыттарбын эппэтэх буоллаҕым дии». Иһигэр итинник саныы-саныы, сэрэнэн-сэрэнэн сыыртан түһэ сатыыр. Наһаа туруору сиргэ кэллэҕинэ олоро биэрэр, онтон атаҕын иминэн дугунан, иһин күөйэ туттубутунан, түһэ сатыыр да, хайа тэллэҕэ чугаһаан да бэрт…

      Уһуктан кэлбитэ, хайыы-үйэ сарсыардааҥҥы күн чаҕылыйбыт. Хата, мучумааннаах сырыыта түүл буолбутуттан үөрэн, Аанчык санныттан сүгэһэри түһэрбит курдук сананна. Ону-маны эргитэ саныы барбакка, куолутунан күннээҕи түбүгэр түстэ…

      Марыына эбээ аныгыскы сырыыбар сэһэргэһиэхпит диэбитин өйдөөн, эмээхсин дьуһуурунайдыыр күнүгэр Аанчык күнүс халаачык астаата. Онтун итиитинэ саахары уулларан үрдүгэр саба кутан ордук минньигэс гынна. Эбээни күндүлээтэҕинэ төһө эрэ үөрүөн санаан кыыс мичээрдээн ылла. Ол эйэҕэс түгэни сүрэҕинэн баҕаран бэйэтэ биири да ылан амсайбата, бүтэйдии билэр, син биир сөбүлүөҕэ. Маннык халаачыгы астаатаҕына, Толята наһаа хайҕааччы. Ааспыкка оннооҕор: «Бу кэннэ миэхэ атын туох да аһылык наадата суох», –

Скачать книгу