Сэһэн, кэпсээннэр. Тимофей Сметанин

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Сэһэн, кэпсээннэр - Тимофей Сметанин страница 6

Сэһэн, кэпсээннэр - Тимофей Сметанин Саха суруйааччылара – оҕолорго

Скачать книгу

көҥүл туттабыт.

      – Көрдүҥ дуо, уҥа диэкиттэн үһүс талах төрдүгэр буруо бурҕас гынна?

      – Иккис икки үһүс икки талахтар икки ардыларынан.

      – Сөпкө этэҕин.

      Хайдах да кэтэһэн, кыҥастаһан, киһи ытыах сыалын кыайан булбатыбыт. Сотору буола-буола атын сирдэртэн буруо бурҕачыс гынар.

      – Табаарыс лейтенант, – диэн Гурьянов телефоннаата, – сэттис ориентирга баар талахтар төрдүлэриттэн немец снайпера куруук ытыалыыр да бэйэтэ көстүбэт.

      – Сөп. Бэйэҕитин биллэримэҥ. Салгыы кэтэһиҥ!

      Сотору буолаат биһиги дьоммут диэки өттүттэн миинэлэр тыастара сирилэһэн үрдүбүтүнэн аастылар.

      Талахтар төрүттэригэр миинэлэр эстэн күрэҥниҥи хара буору бурҕаттылар.

      – Немец тоскун ыллыҥ ини…

      – Баҕар…

      Биһиги кэтэһэн сытабыт. Биир талах төрдүттэн, мин көрдөхпүнэ эмиэ буруо бурҕачыс гынарга дылы гынна.

      – Эн көрдүҥ дуо?

      – Ама, итиччэ миинэлэр түспүттэрин кэннэ оппут үһүө!

      Немец снайпера соҕотох киһинэн бүтэр диигин дуо?

      – Бүппэтэҕин иһин…

      Киэһэ туман түстэ, эрдэ хомунан төттөрү таҕыстыбыт.

      – «Булт» куһаҕан.

      – «Булт» куһаҕан буолбатах, эһиги бэйэҕит куһаҕаҥҥыт, – диэтэ лейтенант, – немец снайпера миинэнэн налет оҥоруу кэнниттэн тыыннаах хаалбыт. Биһиги окуопаттан быктарбыт чуучулаларбытын тэһитэ ытыалаата.

      – Табаарыс лейтенант, – диэтэ Гурьянов уонна биһиги иккиэммитин аатыттан өссө инники киирэргэ көрдөстө, – бүгүн биһиги олус үчүгэй сири бэлиэтии көрдүбүт.

      Киэһэ хараҥа буолбутун кэннэ Гурьянов биһикки инники кирбиини туораатыбыт. Мин эргэ плащ-палаткаҕа солуоманы суулаан баран, сүгэн иһэбин, Гурьянов эмиэ тутуурдаах.

      Сарсыарда халлаан сырдыыта биһиги бары тэриирбит барыта бэлэм. Саҥа талбыт сирбитигэр сытабыт. Биһиги сытар сирбит, немец снайпера бэҕэһээ сыппыт сириттэн, туора соҕус кырыыбалыы баар.

      Кыылы бултуурга мэҥиэ быраҕар куолу. Гурьянов оҥкучах иһигэр олорон, таһыттан киирэр, санньылыйан турар проводы аргыый аҕай тарта. Бэҕэһээ биһиги сыппыт сирбититтэн киһи төбөтө быкта, киһи буолуо дуо, бөөлүүн биһиги оҥорбут чуучулабыт. Талахтар иннилэригэр сүүрбэччэ метр сиртэн буруо бурҕас гынна. Бөлкөй күөх от аллара намтаан сүтэн хаалбытын көрдүм.

      Гурьянов өссө биир атын провод төбөтүн тарпытыгар били чуучула турбут сирин ойоҕоһуттан саа эһиннэ. Бөөлүүн киһитэ суох бинтиэпкэни хаалларан сомуогун туруоран баран чыыбыһыгар проводы баайбыппыт.

      Көрөн сыттахпына, күөх бөлкөй от улам-улам үрдээн истэ. Гурьяновка хайыһан хаҥас харахпын быһа симним. Ити «чуучуланы тарт» диэн этэр оннугар туттуллар бэлиэ этэ.

      Гурьянов проводы тарта быһыылаах, чуучула өрө күөрэйдэҕэ буолуо, күөх от бөлкөйө өрө тахсан истэ. Снайперскай саам оптическай приборунан ити бөлкөй от немец төбөтө буоларын көрө сытабын. Кыҥаан-кыҥаан

Скачать книгу