Сэһэн, кэпсээннэр. Тимофей Сметанин

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Сэһэн, кэпсээннэр - Тимофей Сметанин страница 7

Сэһэн, кэпсээннэр - Тимофей Сметанин Саха суруйааччылара – оҕолорго

Скачать книгу

сүллүгэстэнэн баран немецтэри үлтү сынньар буолуох. Өстөөх танкаларын көтөҕөн ыла-ыла, бэйэ-бэйэлэригэр үлтүрүтэ быраҕаттыыр буолуох.

      – Арай эн биһикки, били остуоруйаҕа этиллэр курдук, киһи кэттэҕинэ көстүбэт бэргэһэлээх буолуох.

      – Көстүбэккэ кэлэн баран өстөөхтөргө уһун уочараты автоматтан биэр.

      – Суох. Бэйэҥ эрэ көстүбэккин, оттон автомат көстөр.

      – Оччоҕо… Оччоҕо автомакка эмиэ бэргэһэ кэтэрдиэххэ.

      – Гитлер хоһугар эмискэ киир уонна «Кэндэ хох!» диэ.

      – Арай эн биһикки…

      Биһиги кэпсэтиибитигэр «арай», «өскөтө» диэн тыллар элбээн истилэр. Ити «өскөтө» биһигини улахан суолу оҥорорго, саҥаны айарга аҕалла.

      Чахчы улаханы, чахчы саҥаны айарга!

      Биһиги немецтэри «биир-биэс» диэбэккэ эрэ дьиктитик төгүрүйэн ылар ньыманы толкуйдаатыбыт. Биһиги чаастарбыт соҕотохто өстөөх кэтэҕэр баар буола түһэллэр, үлтү охсоллор – хайдах курдук кыайыыный! Биһиги чахчы үчүгэйи толкуйдаатыбыт быһыылаах.

      «Катюшаны», араас сэрии сэптэрин дьон толкуйдаан таһаарбыттара. Биһиги да толкуйдаатахпыт дии. Дьэ үчүгэй.

      – Биһиги саҥаны айыыбытын олоххо киллэрэр буоллулар да, биһигини Москваҕа илдьэн байыаннай инженердэри, техниктэри кытта көрсүһүннэриэхтэрэ, биһигиттэн ыйыы-кэрдии ылыахтара.

      – Биһиги конструктордар буоларбыт быһыытынан научнай чертеж биэрэр соруктаахпыт.

      – Итиннэ ханнык да чертеж наадата суох. Биһиэхэ судургу буолан баран туһалаах аһыы.

      – Кимиэхэ этиэххэ сөбүй?

      – Сержаҥҥа этэр сатаммат. Ефрейторга этэр өссө сатаммат. Эн ити туһунан кимиэхэ да этэ илик инигин? Биһиги аһыыбыт кистэлэҥ буолуохтаах. Атын киһи булбут саҥаны аһыытын атын киһи ылан бэйэтэ туһаммыта историяҕа элбэх.

      – Эн маарыын сарсыарда утуйа сытан, түһээн, «бомба» да, «бомба» диэн хаһыытаабытыҥ.

      – Хаһыытаабытыҥ даа?! Ол эрээри соҕотох «бомба» диэнтэн ким тугу өйдөөтөҕөй?

      – Инньэ гынан кимиэхэ этэр буоллубут?

      – Полк командирыгар?..

      – Киниэхэ этэр куттала бэрт… солото суоҕа бэрт.

      – Партбюро секретара майор Теглецовка этиэххэ, кини саллаат этиитин олус сэҥээрээччи.

      – Ээ-э! Полк комсоругар лейтенант Ивановка этиэххэ. Биһиги комсомоллаах дьон буоллахпыт дии. Биһиги аһыыбыт олоххо киирдэҕинэ, комсомол бүтүннүүтүн кыайыыта буоллаҕа дии.

      – Кырдьык даҕаны.

      Сүбэлэһэн баран лейтенант Ивановка бардыбыт. Биһиги кэпсиэхпитин баҕарбыппыт, санаабыт өрө күүрбүтэ – лейтенант суох буоллаҕына хайдах буолуохпут буолла.

      Биһиги киирбиппит лейтенант землянкатыгар баар эбит.

      – Хайа, өрүөллэр кэпсээҥҥит? – дии тоһуйда.

      – Өрүөллэргэ кэпсээн элбэх, тулуйан эрэ истэр буол.

      Биһиги кэпсээммит лейтенант эрэ хараҕар элэҥнии турар буоларын наадатыгар саҥаны аһыыбыт олоххо киирдэҕинэ хайдах буолуохтааҕын, уустаан-ураннаан,

Скачать книгу