Саха фольклора. Группа авторов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Саха фольклора - Группа авторов страница 11
Сирдэр-дойдулар тустарынан
Былыргыга да,
Билигин да
Модун оҥоһуутунан
Москуобаттан ордук
Муҥутуур куорат баарын
Өйдүөн-дьүүллээн
Истибэтэҕим.
Дьулааннаах
Уһун хонуута
Тупсубут,
Кэҥкэмэлээх
Киэҥ хонуута
Сиппит
Алта үөстээх
Өлүөнэ өрүстэн
Ордук
Хотугу дойдуга
Улуу үрэҕи
Өйдүөн-дьүүллээн
Көрбөтөҕүм.
Кырылас кыдьымахтаах,
Кыһыл кумах кытыылаах,
Кылырыйар чысхааннаах,
Кыыппах таас кыһарҕаннаах,
Күөх тиит көмүөллээх,
Сиик туман сипсиэрдээх,
Өҥнөөх сарыы үктэллээх,
Аарыгар халҕаһалаах,
Аан туман аргыардаах
Хоту сир yhyгap
Аллантан ордук
Улуу үрэҕи
Өйдүөн-дьүүллээн
Көрбөтөҕүм.
Эскэх тый
Эҕии кутуруга
Эҕэрдэстээх,
Ороһу кулун
Уйуллаах
Кутуруга
Уруйдаах,
Чахчырҕалаах
Кулун
Саппайдаах
Кутуруга
Дьаралыктаах,
Баараҕай
Атыыр оҕус
Лиҥкинэччи
Мөҥүрүөбүт,
Баараҕай атыыр
Барылаччы
Кистээбит
Тамалҕаннаах
Талахтаах
Таатта алаастан
Ордук алааһы
Өйдүөн-дьүүллээн
Көрбөтөҕүм.
Бороҕон улууһугар
Бүлтэччи көстүүтүнэн
Өксөкү кыыл курдук
Утарыта дьохсооттоһо
Олорор
Икки таҥара дьиэлээх
Мүрү эбэттэн ордук
Үтүө сири
Өйдүөн-дьүүллээн
Көрбөтөҕүм.
Мэҥэ улууһугар
Төгүрүччү көстүүтүнэн
Төҥүлүттэн ордук күөлү
Өйдүөн-дьүүллээн
Көрбөтөҕүм.
Чараҥнаах сиртэн эрэ
Үс көс усталаах
Мэндэҥэ чараҥын
Курдук чараҥы
Өйдүөн-дьүүллээн
Көрбөтөҕүм.
Сыһыыттан эрэ
Амма умнаһыгар баар
Саһыл Сыһыыттан
Ордук алааһы
Өйдүөн-дьүүллээн
Көрбөтөҕүм.
Үрдүктэн эрэ
Аҕыс биэрэстэ үрдүктээх
Дьааҥы хайатын курдук
Таас хайа баарын
Өйдүөн-дьүүллээн
Көрбөтөҕүм.
Чабырҕах
Этиһиик