Саха фольклора. Группа авторов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Саха фольклора - Группа авторов страница 13

Жанр:
Серия:
Издательство:
Саха фольклора - Группа авторов

Скачать книгу

саха

      Утумнаһар оҥоруутунан

      Алтан сэргэни анньа,

      Аал уоту айгыһыннара,

      Алаһа дьиэни ахталыта,

      Үрүҥ дьиэни үрэччилии,

      Хара дьиэни хараччылыы,

      Иэримэ дьиэни иччилии,

      Улаан түптэни олохсута,

      Сатыы бүкээҕи саайа,

      Тоҕой сэлэни тиирэ,

      Таалай тиэргэни тарҕата,

      Төлкөлөөх түһүлгэни төрүттүү,

      Алгыстаах араҕас чэчири анньа

      Аттанан кэлбит

      Алгыстаах күнэ буолла.

      Күн Эбэлэрим,

      Күүккэйэ көрүмэҥ дээ!

      Айыы Эдьиийдэрим,

      Атыҥырыы санаамаҥ дээ!

      Дьонноһо кэлбит оҕоҕутун

      Дьоллоох хонноххутугар

      Хорҕотуҥ,

      Кэргэннэһэ кэлбит киһигитин

      Кэскиллээх киэлигитигэр

      Киллэриҥ.

      Абааһы аймаҕа айар

      Албастаах суолун аҕалымаҥ,

      Көстүбэт улууһа көбүтэр

      Көргүн суолун көрдөрүмэҥ,

      Аан дойду

      Албастаах санаалааҕынан

      Атаҕастатымаҥ,

      Күн сирин

      Көлдьүн сүрэхтээҕинэн

      Күөмчүлэтимэҥ,

      Аймах чаҕал буола кэлбит

      Ача ыччат оҕоҕутун

      Аһаныылаах оҕо гынан

      Олохтотон иитиҥ,

      Дьонноһо кэлбит

      Дьуондьаҕай ыччаккытын

      Дьоһуннаах оҕо гынан

      Дьоллоохтук оҕолооҥ,

      Атаархаспат ааккытыгар

      Алгыстаах аһатыы,

      Күнүүлэспэт күндү.

      Уруй-айхал!

      Уруй-айхал!

      Уруй-айхал!

П.И. Сергеев тылыттан Л.У. Сергеев суруйбут. 1915 с.[17, 3–8 с.]

      Кыыс сүктэн барарыгар аҕатын алгыһа

      Бүгүҥҥү үс өргөстөөх үрүҥ күнүм

      Үүнэн, үөскээн тахсан турдаҕына,

      Дьоллоох олоххутун томторго туойар

      Үтүө күнүм буолла!

      Соргулаах олоххутун

      Айхаллыыр кэмим буолла!

      Аал уоту оттор, алтан сэргэни анньар

      Алаһа дьиэни айгыһыннарар кэмҥитигэр

      Уҥа диэки хонноххут анныгар

      Тоҕус ордоо дугуй

      Уолаттарда уктунаарыҥ!

      Хаҥас диэки хонноххут анныгар

      Сэттэ кындыа кылыс

      Кыргыттарда кыбынаарыҥ!

      Түөрт саханы төлкөлөөбүт,

      Үс саханы үөскэппит

      Үрүҥ Айыы Тойон оҕонньор

      Үөр хабдьы курдук үрүҥ туҥуй тыынынан

      Күрүөлүү түһэрэн олортун!

      Аттаах үтэтэ, сатыы тайаҕа буолаарыҥ!

      Ааспыты аһатаарыҥ,

      Тоҥмуту ириэрээриҥ!

      Тутайбыты салҕаарыҥ,

      Доҕолоҥ сүһүөҕүн уута буолаарыҥ!

[17, 9–10 с.]

      Дьиэ тусаһатын алгыһа

      Аал уотум тэрилэ,

      Киирэр дьиэм тэрилэ,

      Абыраллаах Айыы Тойон

      аҕам анаабыта,

      Ньирэйгин ньиккирэт,

      балчыргын барҕат,

      Үрүөлээххин үөрдээ,

      көҕөннөөххүн көччүт,

      Хаһалааххын харыһый,

      Холоҥсолоох хотонум тэрилэ,

      Дьаардаах тиэргэним тэрилэ,

      Абыраллаах Айыы Тойон аҕам

      Анаабытынан оҥоһуннум.

      Айбыт Айыыһытым,

      Ииппит

Скачать книгу