Саха фольклора. Группа авторов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Саха фольклора - Группа авторов страница 16

Жанр:
Серия:
Издательство:
Саха фольклора - Группа авторов

Скачать книгу

хаан үктэллээх,

      Көп сөгөлөөн түүлээх олохтоох

      Курадай Бэргэн Кураҕаччы Сүүрүк,

      Тыа иччитэ сэттэ ини-бии дьон,

      Эһигиттэн дьол-саргы

      Көрдөһөн эрэбин.

      Элиэҕэ эргитэн, тоҥууга торутан,

      Хаҥылгын сымнатан,

      Тартыккын чычааһырдан,

      Хара тыам иччитэ, харайаҥҥын,

      Күөх тыа иччитэ, күөйэҥҥин,

      Хорой кыыл хонуктааҥҥын,

      Үөҥэс кыыл үтэлээҥҥин,

      Өргөстөөх үтүө буургунан

      үөрдэҥҥин,

      Тоҕус ойдох туоллан буурунан

      тосхойоҥҥун,

      Ардай аһыылааҕыҥ

      Хардааччытынан айаҥҥын,

      Күөх тииҥҥинэн күөтүлээҥҥин,

      Кыһыл саһылынан

      кымньыылааҥҥын,

      Буурай кэрэмэһинэн

      моонньохтооҥҥун,

      Хара саһылынан хардыылааҥҥын

      Сырытыннаран аҕал!

[2, 14–15 с.]

      Балыксыт алгыһа

      Унаар-тунаар хочолоох

      Киэҥ мичээр эбэккэм,

      Балыксыт оҕонньор

      Сарт тымтайын сыыһын

      Сахсаччы сүгэн туран

      Көрдөһөбүн эйигиттэн.

      Күндү күлүм уулаах

      Күөх далайым иччитэ

      Дьэбэрэ тэллэх,

      Бырыы сыттык,

      Көппөх суорҕан,

      Туона баай

      Тойон оҕонньор,

      Тоҕус уон чороох туубар

      Лоһуор собо барахсаны

      Толору уган кулу даа!

      Сэттэ уон тэрээх илиммэр

      Тэрэкэнэ быччыыккын

      Тиһэ баттаан кулу ини!

      Киэҥ мичээр эбэккэм,

      Ииттэххинэ эн иитиэҥ!

      Күөх далай иччитэ,

      Аһаттаххына эн аһатыаҥ!

      Көрдөһөбүн!

[2, 16–17 с.]

      Уот алгыһа

      Аар холумтан иччитэ,

      Күл тэллэх,

      Көмөр суорҕан,

      Бырдьа бытык,

      Кыырыл төбө,

      Көмүс ураанньык

      Нохсол Тойон эһэм,

      Дьыыйалаах быттыккар,

      Дьоллоох хонноххор хорҕот!

      Тымныы тыыннааҕы

      Хатан хараҕыҥ уотунан

      Таһырдьа дьалкыт!

      Итии тыыннааххын

      Иһирдьэ охсун!

[6, 42 с.]

      Окко киирэр алгыс

      Эбэ хотун иччитэ

      Илки-талкы эмээхсин,

      Улуу хотуур иччитэ

      Улуу Уһаанньал оҕонньор,

      Аан дойду иччититтэн

      Көрдөһө киирэн,

      Аҕыс сүһүөхтээх

      Чокуур күөх оккуттан,

      Уолан тиийбэт уйгугуттан,

      Кэһэн тиийбэт кэскилгиттэн

      Тииһэн аһыы түһээрибин,

      Хоройор муостаахпын,

      Уһун сиэллээх

      Сыһыы муҥунан сылгыбын

      Иитэр-харайар наадатыгар

      Киирэн турабын,

      Охсон киирэн бараары

      Көрдөһө турабын.

      Аан дайды айылҕатыттан

      Тииһинэн аһыы түһээрибин.

      Аан дойдум иччилэрэ,

      Аһааҥ, таҥныҥ!

      Ахтаах арыынан

      Аһатан-сиэтэн,

      Уунан тиийбэт уйгугуттан,

      Бука диэҥҥин,

      Биэрээр диэммин көрдөһөбүн.

Д.М. Семенов. 1946 с.[6,

Скачать книгу