Саха фольклора. Группа авторов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Саха фольклора - Группа авторов страница 12

Жанр:
Серия:
Издательство:
Саха фольклора - Группа авторов

Скачать книгу

чолбон,

      Эрэгэйэ дьэргэн,

      Уодаҕана дорҕоон,

      Хоочугур-уучугур,

      Куобаҕым куттаҕа,

      Моҕотойум буута,

      Тииҥим тиҥилэҕэ,

      Көҕүллээҕим көхсө,

      Чымырын-маарын,

      Оллоон буку

      Лас-лас-лас.

II

      Иэрэҥ-дьиэрэҥ,

      Элэкээт-тэлэкээт,

      Хаадьын-харгыа,

      Доҕуруй дохсун,

      Дорбоо удаҕан,

      Аххан наарай,

      Буурай-сиэрэй,

      Куллур-халлыр,

      Миэрэй-маарай,

      Микитэ-махата,

      Устунан-кэстинэн

      Уранай-тэрэнэй,

      Сордоҥ ойуу,

      Сотото бэйбэс,

      Хатыы-ситии,

      Хараҕа эрилис,

      Хаххан сахсас,

      Эрэмээт-тэрэмээт,

      Элэгэй-нэлэс,

      Этэн-тыынан

      Тыҥ-тыҥ-тыҥ.

III

      Кыптый буута,

      Кыталык түөһэ,

      Кыдама төрдө,

      Кылыйа сүүрүк,

      Кылар харах,

      Ыaҕac ымдаан,

      Чабычах алаадьы,

      Кытах хоргун,

      Кырбас этим,

      Тымтай балыгым,

      Кыпчыгыр Өлөксөй

      Кык-кыр түөрэх.

[14, 42 с.]

      Чабырҕах

      (Биир тыынынан сылгыны хоһуйуу)

      Тиис хамнатар

      Дьэллик элэмэс,

      Уос хамнатар

      Уһун улаан,

      Мурун хамнатар

      Мускулла буулуур,

      Иэдэс хамнатар

      Эргиэлимэ элэмэс,

      Харах хамнатар

      Халыан хара,

      Kөҕүл хамнатар

      Көндөрү көгөччөр,

      Кэтэх хамнатар

      Кэптэли кэрэ,

      Сиэл хамнатар

      Сиксиллимэ сиэр,

      Apҕac хамнатар

      Адырыын apaҕac,

      Хаппар хамнатар

      Хаамыылаах хара,

      Сүһүөх хамнатар

      Сүрдээхэй сүүрүк,

      Туйах хамнатар

      Туллук тypaҕac,

      Бас хамнатар

      Маанылаах маҥан,

      Таныы хамнатар

      Талыы дьаҕыл,

      Уҥуох хамнатар

      Улуу дьоруо!

Г.У. Эргис суруйуутуттан[13, 271 c.]

      Урууга уот оттор алгыс

      Алгыстаах аал уотум

      Аналлаах иччитэ,

      Алаас сыһыы

      Аҥаар быһаҕаһын курдук

      Араҥас маҥан дьаарбаҥнаах,

      Суоһана турар

      Суорба хайа быһаҕаһын

      курдук

      Суостуганнаах суостаах

      Суо хаан оһох дукдалаах,

      Алталаах атыыр сылгы

      Алын чөмчөкөтүн курдук

      Ала хааҥсаар хататтаах,

      Ханчааһын тый быарын

      курдук

      Хатан тэбиэр эстэриилээх,

      Хаардаах бугул саҕа

      Хардаҥ от саҕалаах,

      Түүтэх от курдук

      Түү иһигэй кыалаах,

      Буруо уоллаах,

      Кыым кыыстаах

      Кыырык төбө,

      Бырдьа бытык,

      Хатан суоһуйа,

      Хаан чаҕаан,

      Көмүс ураанньык,

      Күөнэ көҕөччөр,

      Алтан баһырҕас

      Аан Уххан Тойон эһэм,

      Тулуу бараан тойоно

      Туора

Скачать книгу