Дьолу түстээччилэр. Э. Н. Семенова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Дьолу түстээччилэр - Э. Н. Семенова страница 4

Жанр:
Серия:
Издательство:
Дьолу түстээччилэр - Э. Н. Семенова

Скачать книгу

оҥоһулларыгар көмөлөһөр, нэһилиэнньэ элбииригэр ханнык баҕарар дойду интэриэстээх-баҕалаах буоллаҕа (арай Кытайга атын, элбэхтэрэ бэрт буолан). ХХI үйэ саҥатыгар Уус Алдан улууһугар өрөспүүбүлүкэ таһымынан Кыыс ыһыаҕын тэрийэ сылдьыбыттара. Бу ыһыах сыала саха дьонугар ыал элбээһинэ диэн этэ. Балай да элбэх киһи кыттан турар – 500 кыттааччы. Бу анал ыһыах холугар улахан сыыппара.

      Ыһыах кэнсиэпсийэтэ Уус Алдан Бэрииһэптэрин номоҕор тирэҕирэр. Номох быһыытынан, ХIХ үйэ саҥатыгар Сыҥаах нэһилиэгэр Бороҕон улууһугар Түһүнэй аҕа ууһун баайа Түмэппий Барыыһап диэн киһи олорбут, сэттэ кыыстаах эбит. Кыргыттара саастарын ситэн, систэрин этэ ситэн, бууттарын этэ буһан, эргэ тахсар кэмнэрэ кэлбит да: баай ыаллар уолаттарын Түмэппий төрүт баай аҕа ууһуттан төрүттээх киһи буолбатаҕынан кэргэн кэпсэтэ ыыппаттар эбит; оттон дьадаҥы ыал уолаттарын аҕалара чугаһаппат эбит. Ол иһин кыргыттар ыксаан, сүбэлэһэн баран аҕаларыттан көҥүллэтэн ыһыах тэрийэн, утуу-субуу баай уолаттарга кэргэн тахсыталаабыттар. Оҕонньор баай ыаллартан халыым ылан баайа хаҥаатаҕа, үөрдэҕэ. Ыһыаҕы кыргыттар тэрийэллэригэр «Кыыс ыһыаҕа» диэн ааттаабыттара эбитэ үһү. Түмэппий Борисов бэйэтэ Мордьууска Хабырылла диэн киһиттэн төрүттээх, эһэтэ Дабыыкын диэн Сыҥаах нэһилиэгэр Улахан Сыһыыга олорбут киһи.

      Мин 2019 сыл сайыныгар Национальнай архыыпка Бороҕон инороднай быраабатын кинигэтигэр ити Түмэппий Барыыһап туһунан матырыйаал булбутум. Сыҥаах нэһилиэгэр олорбут. Чаччыына эбит. Сир туһуттан улуус кулубатын кытта иккитэ сууттаһа сылдьыбыт. Мин бэйэм Борисов Борис Ивановичтан төрүттээхпин. Аҕам Ньурба драматическай тыйаатырын артыыһа, Щепкин аатынан театральнай училищены бүтэриэҕиттэн Ньурба куоракка олорор, үлэлиир. Кини аҕата, эһэм, Иван Константинович Борисов Уус Алдан Кэптэнитигэр олорбута. Кини аҕата Константин Петрович Борисов-Мурун Көстөкүүн эмиэ Лөгөй нэһилиэгэр олорбут, орто сэниэ ыал эбитэ үһү. Көстөкүүн аҕата Петр Петрович Борисов диэн, Сыҥаах нэһилиэгин киһитэ. Петр Петрович ХIХ үйэ иккис аҥаарыгар олорбут киһи. Кини туһунан миэхэ 2005 сыллаахха архыып үлэһиттэрэ булан биэрбиттэрэ. Киниттэн үөһэ дьону булбатах этилэр. Онон таайарбынан, Петр Петрович аҕата Мордьууска Хабырылланы кытта бииргэ төрөөбүт Түгүнүүр Бүөтүр диэн баайтан төрүттээх быһыылаах. Аҕатын аата да ону ыйар – Бөтүрүөбүс диэнэ. Түгүнүүр Бүөтүр сүөһүнэн байбыт, ойуунумсуйар киһи эбитэ үһү. Көмүллүбүт сирэ биллэр. Аһара байан «кыйдатыы» туомун ыыттарар эбит. Бу туом быһыытынан, сүөһүнү кый ыраах ураҕастаах аттаах уолаттар үүрэллэр уонна онно хааллараллар. Түгүнүүр аҕата Дабыыкын арааһа ХVIII үйэ бүтүүтүгэр, ХVIII—ХIХ үйэлэр кирбиилэригэр олорбут киһи буолуохтаах, номох быһыытынан, Дьокуускайга баран нуучча атыыһытыгар хамначчыттаабыт. Номоххо ол туохтан буолбута этиллибэт. Ол аата, Түһүнэй аҕа ууһа ол саҕана сүрдээҕин дьадайа сылдьыбыт кэмэ буолуон сөп эбит. Түһүнэй диэн ХVII үйэ иккис аҥаарыгар олорбут киһи аҕа ууһун тойоно, кинээс, аҕата эмиэ кинээс Окто диэн киһи, Лөгөй биитэ. Лөгөй, биллэрин курдук, нууччаларга утарсыбатах, «шерт» (сиэр, андаҕар) биэрэн баран онтун кэспэтэх аҕа ууһун тойоно. Атын тойоттор нууччалары утары өрө турууларыгар кыттыбатах, нууччалар сахалары утары сэриилэһэллэригэр

Скачать книгу