Дьолу түстээччилэр. Э. Н. Семенова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Дьолу түстээччилэр - Э. Н. Семенова страница 5

Жанр:
Серия:
Издательство:
Дьолу түстээччилэр - Э. Н. Семенова

Скачать книгу

Билсиһэргэ-кэпсэтэргэ биэс мүнүүтэ бэриллэрэ. Намыын муусука уларыйар: уолаттар атын остуолга олорор кыыска көһөллөр. Дьэ ол кэннэ уопсай ол-бу билсиһэр оонньуулар ыытыллаллара, ким кыттыһар кыттыһара, ким баҕарбат – барара.

      Инньэ гынан, сыл иһигэр уонча дьону ыал оҥорон турабыт. Биир тэрээһиҥҥэ түөрт Бүлүү улууһун дьонун мунньан турардаахпыт. Үлэбэр Галина Лидочен диэн Сунтаар кыыһа көмөлөспүтэ, үлэлэспитэ. Үлэни кини ыытара, мин тэрийэр өттүгэр сылдьыбытым. Онтон Галина ыал буолан дойдутугар көһөн, бэйэм да салгыы үлэлииргэ бириэмэм тиийбэт эҥин буолан (иккис үлэм этэ) тохтообуппут, агентствоны саппыппыт. Дьон хойукка диэри ыйыталаһар этэ, үтүө тылынан ахталлара.

      Мин санаабар, суорумньу үлэтигэр улахан суолта бэриллэн, аныгы технологиялары туһанан судаарыстыба таһымыгар өрө тутан үлэ ыытыллыах тустаах. Тоҕо диэтэххэ, сулумах киһи сахаҕа олус элбэх. Тыа сиригэр – уолаттар, киин, куорат сиригэр – кыргыттар. Ити, биллэн турар, үчүгэйэ суох.

      Онон, суорумньу үлэтин ыытар дьон – саха омукка улахан үтүөлээх дьон.

Бииктэр Барыыһап-Алтан Түһүнэй,СӨ ыччат бэлиитикэтигэр уонна култуураҕа туйгунаДьокуускай. 21.01.21 с.

      НОРУОТ КЭХТИБЭТ КЭСКИЛЭ – ЫАЛ БУОЛУУ

      Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин РФ Федеральнай Мунньаҕар анал суруга чопчу киһиэхэ – төрүүр-ууһуур дьоҕурдаах ийэҕэ – туһуланыыта дьиэ кэргэни, демографическай быһыыны-майгыны бөҕөргөтүүгэ болҕомто туһаайыллыбыт кэмигэр өрөспүүбүлүкэбит салалтата өйөөн, «Дьылҕа түсчүтэ» диэн Суорумньуһуттар ассоциациялара тэриллибитэ. Суорумньу – саха норуота ахсаан өттүнэн элбээһинигэр, өрөспүүбүлүкэ демографическай балаһыанньата тупсарыгар ыытыллар биир былааннаах үлэ буолар.

      Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн «Суорумньу» кулууптарын пааспардааһын түмүгүнэн, 17 улууска барыта 35 «Суорумньу» кулууптара үлэлээн кэллилэр. Уус Алдан, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Нам, Амма, Таатта, Өймөкөөн, Уус Майа, Томпо, Ньурба, Хаҥалас улуустарын үгүс нэһилиэктэригэр уонна Дьокуускайга «Суорумньу» түмсүүлэрэ үлэлииллэр. Ол курдук, Горнай улууһуттан суорумньуһут Альбина Сапаргалиевна Султашова, Ньурба улууһуттан Эльвира Николаевна Семенова-Сэргэ кыыһа Тускулаана, Мэҥэ Хаҥалас улууһун суорумньуһута, «Алаһа» кулуубу өр сыл салайан кэлбит Мария Прокопьевна Андросова, аныгы олоххо сөп түбэһиннэрэн таһаарыылаахтык үлэлии сылдьаллар, кинини кытта бииргэ Светлана Афанасьевна Сергучева, Маргарита Бэргэновна Неустроева үгүс үлэни ыыталлар, Чурапчыттан төрүттээх, «Кыталык» кулууп салайааччыта – Шеломов Алексей Михайлович-Хара Кыталык, Томпо улууһун Кириэс Халдьаайы бөһүөлэгиттэн «Дьол түһүлгэтэ» суорумньу кулууп салайааччыта Альбина Сергеевна Баланова, Өймөкөөн улууһун суорумньуһута Валентина Николаевна Прокопьева, Бүлүү улууһуттан Геннадий Петрович Харлампьев-Кынаачай, Светлана Тарасовна Иванова, Нам улууһун суорумньуһута Галина Андреевна Егорова-Арчылаана, Уус Алдан улууһугар Бэйдиҥэ

Скачать книгу