Дьолу түстээччилэр. Э. Н. Семенова
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Дьолу түстээччилэр - Э. Н. Семенова страница 6
Бастакы ыһыах түмүгүнэн 13 улуустан 500-тэн тахса сулумах киһи кыттыыны ылбыттара. Суорумньу сэминээригэр өрөспүүбүлүкэ Дьахталларын түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ В.И. Кириллина, профессордар Р.И. Бравина, В.Б. Окорокова, Г.С. Попова-Санаайа, медицинскэй наука кандидата, «Иэйиэхсит» кулууп салайааччыта Е.Н. Тролукова кыттыыны ылбыттара. Саха драматическай тыйаатырын артыыстара Анна Кузьмина, Зоя Багынанова, Маргарита Борисова, Михаил Апросимов «Ньургуһун иккистээн тылыннар» диэн испэктээҕи көрдөрбүттэрэ мустубут дьону-сэргэни кэрэхсэппитэ. Киһи хараҕа хатанар быыстапкатын улуустартан кэлбит норуот маастардара туруорбуттара.
Бу ыһыахха Сэһэн Ардьакыап өтөҕүттэн булуллубут, сүктэр кыыс сэргэтин үтүгүннэрэн Тумул бөһүөлэгин олохтоохторо оҥорон, сиэри-туому тутуһан туруорбуттара. Сэргэ төбөтүгэр саха дьахтарын дьабака бэргэһэтин илин өттүн ойуулаан оҥорбуттара, сибэкки курдук үөһээ ойуута – уоллаах кыыс тапталлара, ортокута – дьиэ кэргэн, ыал буолаллара, аллара сэбирдэх ойууланыыта – оҕолорун-ыччаттарын төлкөтө буолуон сөп диэн быһаарбыппыт. Бу сэргэ ойуулуун-бичиктиин билиҥҥи да уоллаах кыыс холбоһоллоругар ис хоһооно сөп түбэһэр диэн санааларын ууран чочуйбут Бороҕон нэһилиэгин олохтоох уустарыгар барҕа махтал буолуохтун.
Иккис ыһыах төлкөлөөх түһүлгэтин сэргэтин Арыылаах бөһүөлэгин олохтооҕо Н.Г. Пестряков мындырдаан оҥорбута, Өлтөх нэһилиэгэ бэйэтин кылаатын киллэрсибитэ.
Үһүс ыһыах сэргэтин Лөгөй нэһилиэгин олохтооҕо П.С. Нафанаилов дьиэ кэргэн сэргэтин оҥорон сиэри-туому тутуһан туруорбуппут, Лөгөй нэһилиэгин салалтата тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттыбыттара.
Үс сыл тэрийэн ыыппыт ыһыахпыт сэргэлэрэ үйэлэр тухары Уус Алдаҥҥа «Кыыс ыһыаҕа» ХХI үйэҕэ үрдүк таһымҥа тэриллибитин туоһута буолаллар.
Орто саастарыгар диэри алаһа дьиэни тэриммэккэ сылдьар аҥаардас дьон ыал буолар кэскиллэрин түстүүр усулуобуйаны тэрийэр аналлаах 3 ыһыахтар түмүктэринэн 28 ыал үөскээбитэ, кийииттэргэ аналлаах сэргэ туруоруллан, бу ыһыах үйэттэн үйэҕэ умнуллубата түстэммитэ, суорумньуһуттарга практическай, методическай көмө оҥоһуллан үлэлииргэ саҥа кыах бэриллибитэ.
Тэрээһиҥҥэ наһаа элбэх үлэни көрсүбүппүт: улуустартан 10-нуу сулумах киһини аҕалыы, күрэхтэһиигэ бэлэмнэнии, түһүлгэни сахалыы киэргэтии, улуус тэрилтэлэрин барытын өрө туруоран ыһыах ыспыппыт. Мин саныахпар, ханнык баҕарар тэрээһин элбэх киһи кыттыылаах