Суостаах кэм өргөһүгэр. Сыгына
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Суостаах кэм өргөһүгэр - Сыгына страница
Маннык үтүөкэн алааска күнү көрбүт, биhигин ыйаабыт Үүйэ кыыс бэйэтэ эмиэ нарын, чоҕулуччу көрбүт хап-хара харахтара мичээрдэрин кистээбэттэр. Сардааналыы көнө таhаалаах, уолан бэрдин сүрэҕин сүүйүөх номоҕон сэбэрэлээх, эйэҕэс үтүө майгылаах. Кини бүгүн доҕор уолун дьонугар билиhиннэрэ илдьэ иhэр. Уол дьонугар сылдьыбыттара. Кырдьаҕас аҕата, бииргэ төрөөбүт быраата соhуччу кэлбит үөрүүлэрин кистээбэтэхтэрэ. Биир кэм ис-истэриттэн мичээрдэhэ турбуттара. Күhүн үлэ-хамнас үмүрүйбүтүн кэннэ, аныгы олох сиэринэн, сэмэй уруу тэрийиэхпит дэспиттэрэ.
Үүйэ аҕата Маппый оҕонньор эдэригэр балаҕанын алааhын илин өттүгэр тыа саҕатыгар туппута. Бу – кыстыга. Оччолорго туруорбут сэргэтэ эргэрбит, хас хаар-ардах үрдүгэр үҥкүүлээн, хас тыал aaha көтө охсуолана мискийэн хараарбыта, хайыта барбыта сүрдээх. Буолумуна, оннооҕор кини, били эдэр-сэнэх элэстэммит бэйэтэ, оҕонньор буолан ньүксүллэн хаалла. Аргыый аҕай хааман лэппэрдиир. Сыл-хонук сыыдам, ааспыта эрэ баар. «Бу саамай кыра оҕом Үүйэм улааппытын көр», – диэн саныы-саныы сүгэ уктуу олордо. Балачча өр бадьыыстаhан, үлэтин бүтэрэн, сиhин туттан, айакалыы-айакалыы айгыстан турда. Кини суол устун иhэр дьону чарапчыланан балачча көрөн кыҥастаста. Кыыhын да, иhэр уолу да биллэ. Дьиэтигэр киирэн:
– Дьон иhэр, дьиэҕин өрө тарт, – диэн сааhыра быhыытыйан эрэр эмээхсинин соруйда. Бэйэтэ көмүлүөгүн оттон, чаанньыгар ып-ыраас муус уутун кутан кылыгыратан, оргута уурда. Үүйэлээх киирэн кэллилэр.
– Ыаллар, туох сонун баар? Кэпсиэҥ, – диэт уол оҕонньорго илиитин уунна.
– Ийээ, аҕаа, бээ, мин чэй бэлэмнэhиим, – диэт Үүйэ соҕуруокка кэннигэр түстэ.
– Дьэ, Маппый оҕонньор, Үстүүнньэ эмээхсин, мин эhиги оҕоҕутун таптыыбын, биhиги кинилиин ыал буолуохха диэн сөпсөhөммүт, бу эhиэхэ кэллибит. Ону эhиги, кыыстаах дьон, туох диигит?
– Биhиги кыыспыт бэйэтэ сөбүлүүр буоллаҕына, туох диэн утарыахпытый? Үчүгэй олохтоох ыал буолуҥ. Оҕолоох-уруулаах, сүөhүлээх-сылгылаах, дьоллоох-соргулаах ыал киэнэ мааныта, дьоhуна буолуҥ! – Маппый арыылаах лэппиэскэни уотугар биэрдэ. Үстүүнньэ тиэстэ оҥоро охсон алаадьылаан, бэрт минньигэс сыт алаас устун тарҕаата. Дьол-соргу кынаттаах чахчы дьоро киэhэ кэпсээнэ кэтирээтэ, саргыта сыдьаайда.
Хайдах эрэ син үчүгэй сайын үүнүөҕүн билгэлиэх курдук, саас салаллан кэлэн, самаан сайын диэки охтон эрэрэ. Ол эрэн, үөрүөх-көтүөх оннугар дууhаны баттыыр, санааны аймыыр бадык күлүктээх ыарык туох эрэ баара. Набаат буолан кутура дарбыйар табык доргуйа дуорааннана охсуллар тыаhын, барыны бары билэр-көрөр, өйдөөн истэр туспа дьарыктаах, көстүбэт эйгэ кистэлэҥнэрин эттэринэн-хааннарынан удумаҕалыыр сорох дьон куттара ытырыктата, уйулҕалара хамсыы, куттана истэрэ. Дьон боростуой өттө күн-дьыл эккирэтиитигэр, күүстээх үлэ үөhүгэр, күн өрүү бу курдук сымнаҕастык уста туруоҕунуу саныыра, оччо-бачча санаатын аралдьыппакка нус-хас олороро.
Күнүстэри-түүннэри өрө үллэн турбут түбүктээх кэм, сиэмэ ыhыытын күүстээх үлэтэ бүтэр уhуга кэлбитэ. Холкуос бары бааhыналарыгар сииги куоттарбакка сиэмэ ыhыллан бүппүтэ. Бааhыналар, оттонор ходуhалар күрүөлэрэ алдьаммыт өттө абырахтанан, ханна саҥа тутуллан эмиэ бүппүтэ. Уhун кыhын кыhалҕалаах кытаанах кыстыгын сымнаҕастык туоруурга саамай эппиэттээх от үлэтин кэмигэр диэри, быыһык кэм үүммүтэ. Арыый астаах-үөллээх күhүнү күүппэккэ, икки ыал чугас аймахтарын мунньан, уоллаах кыыстара холбоспуттарын бэлиэтээбиттэрэ. Алгыс этиллибитэ, ырыа ылламмыта, тойук туойуллубута.
Үүйэ киэhээҥҥи ыамын бүтэрэн, үүтүн учуоччукка туттаран баран, балаҕаныгар киирбитэ. Кэргэнэ Ылдьаа кэлэн, чэй оргуппут этэ. Атын ыыппыт быhыылааҕа, көстүбэт. Дьукаахтарын ийэлэрэ Ааныска киэhээҥҥи аhылыктарын остуолга тарда сылдьара. Оҕонньоро Өлөксөй таhырдьа күлүккэ илимин абырахтыы олороро. Кини бу холкуоска бостуук. Улаатан эрэр кыргыттардаах Ааныс көмөлөөhөөччүтэ элбэх буолан, ким хайа иннинэ ынахтарын ыан бүтэрээччи. Түргэн туттунуулаах Үүйэ өрүү иккис бочуоттаах миэстэҕэ тиксээччи. Матырыас, Суоппуйа, Балбаарыс утуу-субуу аа-дьуо сэhэннэрин-сэппэннэрин ортотугар бүтээччилэр. Кинилэр хаhан да ыксаабыттара биллибэт, өрүү нап-наҕыл, толуу, бидилийбит бэйэлээхтэр, бүтэр уhуга суох кэпсээннээхтэр-ипсээннээхтэр. Кыргыттар чуумпу киэhэлэргэ таhырдьа аhыылларын сөбүлүүллэр. Бу да киэhэ Матырыас дорҕоонноох күлүүтэ лаhыгырайан олорор, онно эпсэн Балбаарыс күлэн чачыгырыыра иhиллэр. Кэпсээннээх Суоппуйа төтөлө суох көрдөөҕү кэпсээн, дьүөгэлэрин үөрдэ олорор быhыылаах. Киэhээҥҥи аhылык кэнниттэн Ааныс остуолугар иистэнэр тэрилин тардынан, саҕалаабыт үтүлүгүн тигэн барда. Таhырдьа кыра-кырбас оҕо-аймах оонньоон аймалаhар айдаана тохтоон ылбат. Ньирэй көрөөччүлэр ньирэйдэрин аhата ыҥырар «мээх-мээх» дэhэр саҥалара