Суостаах кэм өргөһүгэр. Сыгына

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Суостаах кэм өргөһүгэр - Сыгына страница 4

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Суостаах кэм өргөһүгэр - Сыгына

Скачать книгу

халабырдьыттара сэбиэскэй дойдубут хаарыаннаах бөдөҥ куораттарын, ахса суох элбэх дэриэбинэлэрин урусхаллаатылар, эйэлээх нэhилиэнньэни өлөртөөтүлэр. Билиэн ылбыт дэриэбинэлэрин сир үрдүттэн суох оҥоро имири эстилэр. Ол курдук, Белоруссия Хатынь дэриэбинэтин дьонун барыларын сарайга симэн баран, уоттаан кэбистилэр. Дэриэбинэни тааҥкаларынан тугу да ордорбокко үлтү күртүлэр. Сиэмэх өстөөх биhиги улуу куораттарбытын тохтоло суох буомбалыыр, кэрээнэ суох урусхаллыыр. Хас нэhилиэнньэлээх пууннар, куораттар, хас атах уллуҥаҕа сэбиэскэй сир иhин кыырыктаах кыргыhыы күнүстэри-түүннэри бара турар. Өстөөх сэриилэрэ күүстээх бэлэмнээх буоланнар, биhиги Ийэ сирбитигэр балачча дириҥник өтөн киирдилэр. Сэбиэскэй аармыйа, сэбиэскэй норуот, бартыhааннар өстөөҕү утары өлөллөрүн умнан туран хорсун-хоодуот утарсыыны оҥороллор. Биhиги, ыраах тыылга олорооччулар, туох баарынан, туох кыалларынан хаанымсах фашиhы суулларар иhин охсуhуохтаахпыт. Биhиги аармыйабытын хааччыйарга элбэх сэрии сэбэ, ас-таҥас наада. Фроҥҥа анаан итии таҥаста тигэн туттарыҥ. Уонна ким да суопсунас сүөhүтүн өлөрөн сиэ суохтаах. Туох аhы барытын, эти-арыыны фроҥҥа ыытабыт. Онон өйдөөҥ, байыаннай кэм уурааҕынан ким да көҥүлэ суох бэйэтин сүөhүтүн өлөрүө суохтаах. Ити бобууну кэспит киhи байыаннай кэм суутунан кытаанахтык сууттанан хаайыыга барыа. Эhиги өттүгүтүттэн ханнык да сыыhа-халты туттунуу суох буолуохтаах. Гитлер хаанымсах үөрэ – барыбыт өстөөхпүт. Бары кыаххыт баарынан үлэлээн-хамсаан иhиҥ. Сталин иhин! Кыайыы иhин! – диэн этиитин түмүктээтэ.

      Кини кэнниттэн Торгуй турда:

      – Бэҕэһээ Сиипсэбэ Кэтириис холкуос бааhынатыттан көҥүлэ суох уоран сиэмэ итигэстии сылдьан тутулунна. Ким итигэстээбит фронт туhатыгар туттарыахтаах. Ол булгуччулаах. Бэрэдьиитэл Кэтириис оҕолоругар ферма холбуур үүтүттэн нуорма бэриллэрэ тохтуур.

      – Аҕалара сэрииттэн дезертирдээбэтэҕэ, дьоруойдуу охтубута. Оҕолору оройуон интэринээтигэр ыыппаккыт дуо? – кэлин эрээттэн симик ыйытыы иhилиннэ.

      – Мин оройуоҥҥа киирэн ыйыталаhыам, миэстэлэрэ, бука, туолан турара буолуо.

      – Биир да хаалбатын курдук итигэстээн туттарбыппыт дии. Оччо элбэх хаалбатаҕа буолуо ээ. Оччотугар бу oҕoлop хайдах буолаллар? Дуона суох хаар анныгар хаалыахтаах сиэмэ сыыhын иннигэр, ама да. Ийэ дойдутун көмүскүү сылдьан өлбүт саллаат тулаайахтарыгар…, – ким эрэ саҥаран эрдэҕинэ:

      – Кинилэргэ үүт барбат. Ынахтар аhылыктара мөлтөх буолан, үүттэрэ кыра. Олох да уолан эрэллэр, – Торгуй иннин биэрбэт кырыктаах куолаhа, кини эрэ үрдүкү муҥур суут курдук, ыйытыыны саба хаhыырда.

      Аччыктаан иэҕэҥнэс дьон ортотугар Торгуй эрэ тот көрүҥэ харахха быраҕылларын Николай Дмитриевич уота-күөhэ суох хараҕын дала дьиибэргээбитин таhыгар таhаарар, баҕар, бырааба cyoҕa эбитэ дуу, саҥарбата. Бэйэтин көрдөhүүтүнэн сэриигэ барбыт урукку бэрэссэдээтэл оннугар ананан кэлэн үлэлии сылдьар атын сир кыыhа Варвара Михайловна Матаннахова диэки көрөн кэбистэ. Бэйэтэ да хатыҥыр,

Скачать книгу