Суостаах кэм өргөһүгэр. Сыгына

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Суостаах кэм өргөһүгэр - Сыгына страница 5

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Суостаах кэм өргөһүгэр - Сыгына

Скачать книгу

Уолчаан ферматтан нуорма холбуур үүтүн ыла баран, холдьоҕуллан төннөн кэлээхтээбитэ. Аччыктаан кыайан саҥарбат буолбут, этэ-сиинэ испит балтын кууhан, ытыы сытаахтаабыта. Кинилэр өр барбатахтара. Кырыыстаах кэм сойуо аhыыта хабырыйбыт оҕолор эрэйдээхтэр тоҥмут өлүктэрин булан, бэйэтэ да сутаан, тайахха тэптэрэ сылдьар эhэлэрин убайа Силип Алааhап оҕонньор кэлэн, чычаас иин оҕото хаhан көмпүтэ. Кырдьаҕас киhи ытыы-ытыы, ытыhынан сири таптайа-таптайа, төкүнүйэ сылдьан айманыыта көрүөххэ дьулаан этэ.

      Ол курдук көрөр-истэр харалтата суох хаалбыт сэрии оҕолорун дьылҕалара сор суоллаах хаhыы буолан быдаҥҥа көппүтэ.

***

      «Сырдык суола» холкуос хонтуоратыгар сүбэ мунньах буола турар.

      Варвара Михайловна, эдэр бэйэлээх сааhыгар тэҥэ суох олох олорбут аҕам дьахтардыы нүhэрдик туттан, оттомноох-дуоспуруннаах куолаhынан саҥаран барда:

      – Табаарыстар! Арҕаа Аҕа дойду Улуу сэриитэ кытыаста умайар. Гитлер хааннаах үөрдэрэ, сиэмэх фашист аармыйата кимнэр кимэн иhэр. Биhиги саллааттарбыт кыырыктаах кыргыhыыга үгүс хаан тохтуулаах силлиэрбит сэриигэ хорсуннук-хоодуоттук охсуhаллар.

      Оттон биhиги манна сэриини дaҕaha сабардаабыт суту кытта эрдээхтик, күүспүт кыайарынан, эрийсэ сатыыбыт. Холкуоспут сүөhүтүн барытын миэстэҕэ кыстатар кыах ончу суох. Райком ыйааҕын ылынан, баар cүөhү ахсаанын энчирэппэт, аҕыйаппат yypaaҕap олоҕуран, дьэ хайдах дьаhанан сүөhүбүтүн этэҥҥэ кыстатабыт диэн сүбэлэhэ муhуннубут. Бириэмэ ыгым, үлэ үгүс. Райком ити үлэбитигэр тэрийэр дьоҕурдаах хоту дойдубут ыраах оройуоннарынан сылдьан үлэ бөҕөтүн үлэлээбит, сырыы бөҕөнү сылдьыбыт Сергей Сидорович Омуковы анаан ыытта. Кини кэллэ кэлээт, быhайын фермаларбытын кэрийэн сүөhүлэрбитин, сылгыларбытын көрбүтэ. Нэhилиэкпит сирин-уотун барытын чинчийбитэ. Кини туох түмүккэ кэлбитин, туох этиилээҕин истиэҕиҥ. Баhаалыста, Сергей Сидорович.

      – Табаарыстар! Кырдьык, кытаанах өтөр көрсүллүбэтэх кыhын иhэр. Эhиги элбэх сүөhүлээх-сылгылаах холкуоскут. От ончу кыра. Сайын үс биригээдэ тэринэн, өрүс эҥээрдээх оройуон икки ыраах нэhилиэгэр уонна биир үүнүүлээх үрэхтээх бэйэбит сирбититтэн-уоппутуттан салгыы сытар кырыы нэhилиэккэ оттоотубут. Элбэх сүүрүү-көтүү, кэлии-барыы, көрдөhүү түмүгүнэн биэрбит сирдэрин олох тыатын саҕатыттан сири кырсынан биир салаа оту хаалларбакка оттоотубут. Билигин биригээдэлэр cүөhү кыстыан сөптөөх хотонун өрөмүөннүү, тута сылдьаллар. Тараҕай нэhилиэгин Өргөстөөҕөр сылгылары кыстатыахпыт, сорох сылгылары бэйэбит үрэхпитигэр дэстибит. Онно миэстэлэргэ хаhаа-кыбыы тутулла сылдьар. Онтон атын икки сиргэ субай сүөhүнү, ыанньыгы үүрүөххэ наада. Ферма сэбиэдиссэйэ Исээкэбинэ, көhүөхтээх сүөhүлэри аттара сырыт. Оттон сылгылары Киргиэлэй Испирдиэнэбис дьаhайар ини.

      – Быhайын райком дьаhалынан үс биригээдэ тэрийэн оттоппуппут абыраллаах эбит. Оттон тыыран-аттаран көрүөхпүт. Алаастар аанньа от биэрбэтилэр, үрэхтэр да ортону быдан кыайбаттык үүннүлэр. Ити үс көс сүөhүттэн

Скачать книгу