Суостаах кэм өргөһүгэр. Сыгына

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Суостаах кэм өргөһүгэр - Сыгына страница 3

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Суостаах кэм өргөһүгэр - Сыгына

Скачать книгу

өҥөйбүтэ. Саатар байыаннай балаһыанньа диэн, дьону дьонун кытта бырастыылаhыннарар бириэмэ, көҥүл биэрбэккэ, хаайыылаахтары тутан ылан илдьэр курдук, хаҕыстык хомуйан, грузовой массыынаҕа ыган-түүрэн олордон илдьэ барбыттара. Ол хаалааччылар өйдөрүн-төйдөрүн ытыйбыта, санааларын быспыта.

      Үүйэ кэргэнэ Ылдьаа быраатынаан иккиэн арҕаа уотунан силлиэрбит сэриигэ бастакы хомуурга барбыттара. Сэриигэ аттанааччылар бары Гитлер хааннаах фашист үөннэрин үөрэҕэстээн баран, сотору эргиллэн кэлиэхпит диэн эрэл санаалаах бараахтаабыттара да, хастара ол уот олгуйтан ордон кэлээхтииллэр. Үүйэ кэргэнэ: «Төннүбэт дьылҕаланнахпына, эн миигин аhыйан, ытыы-соҥуу соҕотоҕун сылдьаайаҕын, кэргэн тахсан, олохто олороор», – диэхтээбитэ.

      Холкуос сүөhүтэ кыстыгы ahapa кырыымчыктык кыстыыра сабаҕаламмыта. От былаанын аҥаара эрэ оттоммута, ону да төрдүгэhэ, иҥэмтиэтэ cyoҕa буолбута, аhыҥа сиэн иэдэппитэ. «Сырдык суола» холкуос бырабылыанньата, бэрэссэдээтэл Андрей Семенович ыксааннар, нэhилиэк күөллэрин, хомустарын салааны да ордорбокко ходуйарга, үрэххэ былах, хатыҥ мастары суулларан намчы лабааларын быhан, сүөhүгэ сиэтэргэ эппиттэрэ. Анал биригээдэ тэрийэн, хатыҥ лабаатыттан сиилэс охсон барбыттара. Ол дьаhалы ылынан Силип оҕонньор бэйэтин алааhын бөдөҥ күөлүн хомуhун ходуйа сылдьан, дулҕаттан иҥнэн тымныы ууга таҥастары-майдары бар гына түспүтэ.

      Киниэхэ көмөҕө Лэгиэни ыыппыттара түбэhэ кэлэн, уот оттон, онно иттэн, оҕонньор, хата, тымныйбатаҕа. Лэгиэн уус бу эрэ күн хомус ходуйа кэлбитэ. Дьиҥэр, бэйэтин тустаах үлэтэ өрүү элбэҕэ, уус киhи уhанар кыhата хаhан да сөҕүрүйбэккэ өрүү кытыаста кыыhара. Тимири балталыыр чыҥырҕас тыас быыстала суох тибийэрэ.

      – Ыччыы-ычча, Лэгиэн, кэлбэтэҕин буоллар, өтөр кыайан уот оттуммакка, тоҥон тымныйыам эбитэ буолуо. Онтон сылтаан кырдьаҕас мөлтөх киhи атахпын тэҥниэм ыраахтан буолуо суоҕа эбитэ ини. Ыччакайбын даа, ыччакайбын! – Силип уокка саба түстэ, үлүйэн бабыгыраа да бабыгыраа буолла. Кини, Лэгиэн иккис ыстаанын кэтэн, бэйэтин киэнин уокка сарахыта ыйаата.

      – Силип, ыл, итиитэ киллэр, чэйдэ ис, тута ириэҥ, – диэн Лэгиэн саҥа оргуйбут чэйдээх куруусканы уунна.

      Силип Лэгиэнниин араа-бараа буолуохтара, apaaha, саастарынан aҕыс уончалара. Дьыл-хонук диэбиккэ дылы, саас ыраатан, уҥуох ыараабытын дьэ өйдөөбүттүү өрө тыынна. Эдэрчитэ эбитэ буоллар ити дyлҕaҕa, силискэ иҥнэн бэрт. Хата, хотуура туох да буолбатах. Силип сээкэйи-үгүhү баллыгырыы, былыргытын үөтэрэн ахта, кулуhунун аттыгар таҥаhын эргитэн биэрэ куурда хаалла. Лэгиэн хомус ходуйа күөл диэки баадайа турда.

***

      «Эйэлээх кэм эбитэ буоллар, көмүс күhүн барахсан күлүмүрдээн aҕaй кэллэ диэх эбиппин, ону баара, ыар кэм тымныы xaҕыс күhүнэ санньы-курус кутурҕаҥҥа сууланан, күтүр тыалынан сирэйи-хараҕы үлтү сабаан турда эбээт», – диэх санаа Үүйэ өйүгэр охсулунна. Кини тоҥмуттуу кумуччу тутунна, иннин хоту күүстээх тыалы силэйэн эрдээхтик хардыылаан истэ. Кини аҕатынаан оттук мас тиэйэн иhэллэр. Кыыдааннаах кыhыҥҥа бэлэмнэнэн оскуолаҕа уонна интэринээккэ, тустаах үлэ таhынан, оттук

Скачать книгу