Суостаах кэм өргөһүгэр. Сыгына
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Суостаах кэм өргөһүгэр - Сыгына страница 6
– Мин ити чараҥнарбын аhыйа саныыбын. Быhайын үлтү кумалаан сиилэс оҥкучаҕар симпиппит дии. Төрөөбүт алааспыт маанылаах киэргэллэрин сүгэ-сүөhү аhылыга оҥорбуппут наhаа да абалаах! Алаас-алаас аайы, үрэххэ эмиэ, ханна да хатыҥ, талах, үөт диэн ордубата. Барыларын багдайбыт хотоннор тастарыгар дириҥ оҥкучахха сиилэстээн симпиппит. Онтон мин билигин да ытыах санаам кэлэр.
– Үүйэ, хайыахпытый оттон. Оннооҕор сэриигэ уолаттарбыт өлөллөр. Мин Ньукуустуун куустуспакка да хааллым. Кини бaҕap эргиллиэ cyoҕa.
– Балбаарыс, Ылдьаа ханна тиийбитэ буолуой? Олох суруйбат. Дьиҥэр, кини үөрэхтээх, суруйуо этэ. Мин кинини саныы-саныы соруйан ытаабат буола сатыыбын. Хараҕым уута кини аатыгар түспэтин диэн, бaҕap тыыннаах эргиллиэ. Кырыыстаах сэрии. Эн да Ньукууhуҥ кэлиэ. Эйэҕэс-сайаҕас үчүгэй уолу таптыыгын, Балбаарыыс, – диэт Үүйэ кыыhы илиититтэн ылла.
Сэбирдэхтээх мас, сэппэрээк ирдэнэн туран кэрдиллэн, ханна да ордубата. Барыта cүөhү аhылыга буола хаhааныллыбыта. Холкуос этинэн-арыынан түспүт былаанын толорон дойдуга туттарбыта. Хаалбыт сүөhүтүн, сылгытын барытын энчирэппэккэ, сыл таhаарар эриирдээх ыарахан соругу партия обкома туруорбута. Ити сорук туолуута тугу да, кими да харыстаабат дьаhалынан сэрии кэмин тыйыс бирикээhинэн ирдэниллэ турбута. Дьон, oҕo-ypyy oлoҕo сыаната суох буолбут курдуга. Ханна ханнык салайааччы олороруттан, үөhэ обкомҥа бастакы салайааччы быhаччы салайыытыттан үгүс дьон, саха аймах oлoҕo туллубат тутаахтаммыта. Төгүрүччү ыар кэм түбүлээбитэ.
Нэhилиэгин саамай бастыҥ үтүөкэн алааhын көhүнэн тайыыр усталаах күөлүттэн чугас турар фермаҕа Үүйэ ыанньыксыттыыр. Суоппуйалаах Балбаарыс мас тиэйэ барбыттара. Үүйэ coҕoтoҕyн муус тиэйэ иhэр. Бу киэҥ нэлэмэн эбэҕэ уонна үрэх бөдөҥ күөллэригэр балык биригээдэтэ тэриллэн үлэлээбитэ ыраатта. Балыктарын тута тууhаан иhэллэр. Нэhилиэнньэҕэ балык төбөтө да тиксибэт, барыта буочукаланан фроҥҥа утаарыллар. Быйыл сут-кураан туран, уута аҕыйаабыт чинчилээҕэ, сайынын киниэхэ түhэр үрэҕэ быстан хаалбыта. Үтүө күҥҥэ-дьылга тобус-толору, ып-ыраас дьэҥкир уута дьиримнии күндээрэн, тумус арыыларыгар хатыҥ, үөт намылыйа анньан, көрүөхтэн кэрэ хартыына буолан күлүмнүү оонньоон, күндээрэ күлэн, xapaҕы абылыыра, сүрэҕи сүүйэрэ. Үүйэ Эбэтин үтүөкэн көрүҥэ, сэрии ыар тыына сындалытан, санньылҕан чөмүччү бүрүйэ кууспутунуу тымныытык курустук нэлэhийэр. Кини Эбэтин кытыытыгар кыратык тохтоон ылла. Атын сыарҕатыттан түhэн хааман барда. Киэhэ ырааппыт. Күөлтэн ылбыт муустара чөмөхтөнөн турар сирдэригэр тиийиитигэр ый үөhэттэн, тугу гынар буолаҕын диэбиттии муҥунан дьэлтэччи көрөн, тулатын сырдатта. Халлаан куйаар сырдык банаара кыыска дoҕop буолардыы көмөлөhө тыган, кини онтон тэптэн тиэтэл муҥунан харса суох мууhун тиэйэн тириттэ-хорутта. Кэлэн иhэн дьагдьайбыта ханна да суох буолла. Сыарҕатын ойоҕолуу хааман, көлөтүн суолга