Төлкөнү түстүүр түгэннэр. Иван Шамаев
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Төлкөнү түстүүр түгэннэр - Иван Шамаев страница 3
Ааны аа-дьуо аһан, таһырдьа тахсыбытым, били «уазигым» фарата холбонон, киһи хараҕа саатыах курдук бу тыган турар эбит. Мин кими эрэ албынныах курдук утары турар дьиэ диэки аа-дьуо хаамтым, онтон дьиэ күлүгэр тиийээт да, тохтобул диэки ыстанным.
Киһибэр кэтиллэ түстэхпинэ, киниэхэ тугу этэрбин да, киниттэн тугу ыйытарбын да быһаарбакка, куоттарбат эрэ мөккүөннээх, хараҥаран эрэр уулуссанан маҕыйан, «ахсыс» уһук тохтобулугар сүүрэн тахсыбытым, оптуобус соторутааҕыта барбыт быһыылаах, кубус-кураанах.
Хос быһаарыылар:
Орлов Юрий Федорович (1924, Москва) – биллиилээх чинчийээччи, физика-математика билимин дуоктара (1963). Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа.
1953 сылтан ССРС Билим Академиятын атомы чинчийэр кистэлэҥ лабораториятыгар үлэлээбит. 1956 сыллаахха Н.С. Хрущев ССКП ХХ сийиэһигэр оҥорбут дакылаатын дьүүллэһиигэ Сталины уонна Берияны буруйдаабыт, «социализмҥа олоҕурбут демократияны» туруорсубут. Ол кэннэ партияттан таһаарыллыбыт уонна кистэлэҥ үлэттэн туоратыллан, уурайарга күһэллибит.
Армения ССР-тын Билим Академиятын член-корреспондена (1968). 1979 сыллаахха ити солотун быспыттар.
1976 сыллаахха Москваҕа киһи көҥүлүн туруулаһар «Хельсинки» бөлөҕү тэрийбитэ. 1977—1984 сылларга – хаайыыга, 1984—1986 сылларга көскө олорбут. ССРС Холбоһуктаах нациялар тэрилтэлэригэр бэрэстэбиитэлистибэтин үлэһитэ, АХШ-гар үспүйүөннээн тутуллубут Геннадий Захаровка атастаһыллан уонна гражданствота быһыллан, 1986 сыллаахха Сэбиэскэй Сойуустан таһаарыллыбыт.
1986 сылтан Америкаҕа олорор. Корнелль университетын профессора.
СГУ физикаҕа-математикаҕа факультетын деканыгар чахчы кини кэлэ сылдьыбытын туоһулуур докумуон билиҥҥитэ суох.
Егоров Иннокентий Герасимович (1935—2003) СГУ физико-математическай факультетын 1966 сыллаахха бүтэрбитэ. 1974 сыллаахха Ленинград университетыгар физико-математическай наука кандидатын солотун көмүскээбитэ. 1977—1987 сыллардаахха СГУ математическай факультетын деканынан үлэлээбитэ. Орто оскуола математикаҕа биэс учебнигын сахалыы тылбаастаабыта, сахалыы математическай термин тылдьытын оҥорбута.
Өһөс саллаат
(Сирэй кэпсээн)
Отуттан тахса сыл анараа өттүгэр букатын атын кэм, атын дойду эрдэҕинэ мин, сүүрбэччэлээх уол киһи, сайыҥҥы куйаас күн Сайсары буор-сыыс уулуссатынан туохха эрэ ыксаан-бохсоон иһэн, киниэхэ кэтиллэ түспүтүм. Туох да суруга-бичигэ, кырааската да суох, онон-манан көөрөттүбүт сиэмэн сыбахтаах таас туумба үрдүгэр уһун синиэллээх саллаат хаҥас илиитигэр аптамаатын умса тутан, уҥа илиитигэр туох эрэ бөчөх курдугу бобо харбаан, бэйэтэ умса нөрүйэн турара. Бу диэки