Төлкөнү түстүүр түгэннэр. Иван Шамаев

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Төлкөнү түстүүр түгэннэр - Иван Шамаев страница 6

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Төлкөнү түстүүр түгэннэр - Иван Шамаев

Скачать книгу

Мин оргууй тэйэн, дьиэм диэки хаампытым.

      Ити түгэнтэн ыла санаам куоратыгар саха тыйыс уола харабыллаах Кыайыы кыракый толооно олохсуйбута.

      Төлкө түстэниитэ

      (Сирэй кэпсээн)

      Эдэр эрдэхпинэ биир дьикти түбэлтэ буолбута. Хаһан да көрбөтөх-истибэтэх киһим, эмискэ тиийэн кэлэн, мин тус олохпор киэҥ аартыгы тэлэйэн биэрэн баран сүтэн хаалбыта. Бука, остуоруйаҕа эрэ оннук буолара буолуо. Олоҕум тухары ол таабырыны таайа сатаабытым да, алта уон сааспар чугаһаан баран биирдэ ол дьикти түбэлтэ кистэлэҥин арыйбытым.

* * *

      Новосибирскай университетын математикаҕа салаатын бүтэрээри сылдьар кэмим. Акилов профессорга дьупулуом үлэ суруйабын. Аспирантураҕа хаалыахпын баҕарабын да, салайааччым туох да диэн быһаарыылааҕы эппэт, ыйытыахпын «аны суох диэн кээһиэ» диэн куттанабын. Чэ, оннук ылбат-биэрбэт икки ардынан сылдьабын.

      Бука, муус устар ортото буолуо. Биир сарсыарда ороммор кэтэх тардыстан сыттахпына, ааны тоҥсуйан тобугураттылар. Тура эккирээн, ааммын арыйбыппар биир дьоҕус уҥуохтаах, хаалтыстаах, сэлээппэлээх саха киһитэ хоһум ортотугар биирдэ баар буола түстэ.

      – Дорообо. Эн Шамаев Иван диэҥҥин дуо?

      – Ээ, мин. Дорообо.

      Бадаҕа, киһим уурбут олоппоспор олоро да барбатаҕа.

      – Мин Романов Петр Аполлонович диэммин, Дьокуускайтан сылдьабын, тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтугар үлэлиибин. Кандидат сельскохозяйственных наук. Эн ааккын, олорор хоскун үөрэнэр факультетыҥ деканатыттан биллим. Сыанаҥ үчүгэй эбит. Уонна Макарова Зина диэн кыыс химическэй факультекка үчүгэйдик үөрэнэр эбит. Эн аспирантураҕа хаалыаххын баҕарбаккын дуо?

      Мин соһуйан хааллым.

      – Оттон… аспирантуралаабыт киһи бэрт буолуо этэ.

      – Ону научнай салайааччыгын кытта кэпсэттиҥ дуо?

      – Суох.

      – Кини ким диэний уонна кинини сарсын хайдах көрсүөхпүн сөбүй?

      – Глеб Павлович Акилов диэн. Кини математика институтугар үлэлиир. Сарсыарда уонтан отделга баар буолааччы. Ол хос нүөмэрэ, ээ… икки сүүс отутус.

      – Сөп. Мин математика института ханна баарын билэбин. Сарсын уон биир чааска ити этэр хоскор тиийиэм. Бэйэҥ эмиэ баар буолаар.

      Киһим эргийдэ да, тахса турда. Мин хоһум ортотугар даллайан туран хааллым.

      Дьэ, дьикти. Туох дьикти киһитэй? Хаһан да манныкка түбэспитим суох. Туохтан тууралаах, хантан сыдьааннаах киһи буоллаҕай диэн төбөбүн сынньа сатаатым да, кыайан тобулбатым.

* * *

      Дьикти ыалдьыт барбытын кэннэ, «бу аата тугуй?» диэбит курдук, тура-олоро түһэн баран, соччо туох да улахан толкуйа суох, остуолга бырахпыт кумааҕыларбын, научнай сурунаалларбын дипломаккабар уктан, халтаҥ соммун кэтэн, таһырдьа таҕыстым.

      Халлаан хайыы үйэ сылыйан, түүн бөһүйбүт чигди хаар ирэн, ууламмыт, киһи бачырҕаччы

Скачать книгу