Төлкөнү түстүүр түгэннэр. Иван Шамаев

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Төлкөнү түстүүр түгэннэр - Иван Шамаев страница 4

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Төлкөнү түстүүр түгэннэр - Иван Шамаев

Скачать книгу

Өссө тугу эрэ этиэхчэ да, ситэри эппэт. Тоҕо эрэ туохха эрэ буруйдана санаатым.

* * *

      Кыайыы бырааһынньыгын остуола.

      – Доор, дьэ Иилмэн күөлгэ элбэх саха өлөн турар. 500—600 кэриҥэ киһи…

      – Биһиэннэрин күөл мууһунан атаакаҕа киллэрбиттэр. Ону ньиэмэстэр мууһу тоҕута буомбалаан кээспиттэр. Онон үгүс уол муус анныгар барбыт.

      – Дьаабы дии, хайдах оннук киллэриэххэ сөбүй? Соруйан буолуо.

      – Эс, туох «соруйана» кэлиэй. Сэриигэ оннук сыыһа-халты тахсар бөҕө буоллаҕа дии.

      – Иилмэҥҥэ өлбүт буойуннарга анаан өйдөбүнньүк оҥорбуттара Сайсарыга турар дии.

      – Ээ, биир аптамааттаах саха уола тураахтыыр…

      – Ити хайдах эрэ пааматынньык дии. Суруга да, туга да суох. Оҥорор буолан баран үчүгэй соҕустук оҥоруохтарын!

      – Чэ, хата, итиччэ баарыгар баһыыба диэ!

      – Өссө ол пааматынньыгы көтүрээри гынар үһүлэр дии.

      – Эс, ама. Ол кимиэхэ мэһэйдиирин иһин көтүрээри гыналларый?

      – «Куһаҕан» диэн. «Куорат көстүүтүн алдьатар» диэн.

      – Дьэ, кырдьык, таах бульдозерынан күрдьэн да кээстэхтэринэ көҥүл. Тугу булан ылыаҥый?

      – Эс, ама, тыыппаттар ини. Итинник туруоҕа. Дьиҥэр, итини үчүгэйдик суруктуохха-бичиктиэххэ наада. Турар сирэ да хайдах эрэ. Хата, уоттаах сэриигэ кыайыыны уһансыбыт саха саллаатын туһугар үрүүмкэбитин көтөҕүөҕүҥ!

* * *

      Ильменскэй уулусса Лонгиновка киирэр муннугар чугаһаатым да, уолбун көрө биэрэбин.

      Оччоҕуна, били маҥнайгы көрүүбэр үөскээбит туохтан эрэ буруйданар курдук муокас иэйии дууһам түгэҕиттэн күөрэйэн тахсар.

      Куорат бу муннугар сыл баһыгар-атаҕар биирдэ эмэтэ охсуллабын. Тиэтэйэр буоллахпына ааһа турабын уонна иннэ курдук кэйэр ити иэйиибин атын санааларынан суурайа сатыыбын. Ардыгар чугаһаан тохтуу түһэбин уонна, тугу эрэ булан ылыах киһиэхэ дылы, саллаат томороон мөссүөнүн сирийэн одуулуубун. Өһөстүк дьүккүччү туттан турар уол биһигини барыбытын туох эрэ диэн буруйдуура өтө көстөр эрээри, кини тугу да саҥарбат. Эмиэ «ким эрэ одуулуура буолуо» диэх курдук кыбыстар санаа хантан эрэ күөрэйэн тахсар. Баҕар, ол иһин буолуо, уһуннук турбакка ааһабын.

      Биирдэ «саллааты ылан кээспиттэр» диэн кэпсээни иһиттим. Ол кэнниттэн эмиэ били муннугунан ааһан иһэн илэ харахпынан көрөн итэҕэйдим: постамент турар, саллаат суох. Ханна илдьэн бырахпыттара биллибэт. Абара санаатым да, хайыамый? Бу уулуссанан күннэтэ ааһар сүүһүнэн киһиттэн туох да уратыта суох кыра киһибин, саллааты өрүһүйэр, чөлүгэр түһэрэр кыаҕым суох! Ону хайдах оҥорору да билээхтээбэппин!

      Онтон «саллааты отой суох гымматахтар, көһөрбүттэр эрэ, илдьэн, ханна эрэ атын сиргэ туруорбуттар» диэн сонуну истэн баран, били абара санаабытым хаптайарга дылы гынна. Чэ, хата, баар эбит диэх курдук санаатым. Ол гынан баран, түгэнэ кэллэ да, бу маннык буолуо суохтаах диэбит

Скачать книгу