Айылҕаттан аналлаах Чугдаара Хотун. Галина Нельбисова
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Айылҕаттан аналлаах Чугдаара Хотун - Галина Нельбисова страница 3
Арыгы иһээри гынар үөрэнээччилэрбин билэн-көрөн, «өһүргэтэлээн», ол аата сүбэлээн-амалаан, куттарын уһугуннаран бырахтарбытым. Омсолоох дьаллыкка ылларан иһэн көммүт оҕом элбэх. Үөрэппит оҕолорум билиҥҥэ диэри «Маамабыт» диэн истиҥник ааттыыллар. Эмтээбит да дьонум үгүстэрэ урукку үөрэнээччилэрим.
Балыыһаҕа көрдөрбөккө да эрэ, миэхэ кэлэн эмтэнэр дьон баар буолбуттара. Кэлин ончу да астына-астына эмтиир буолбутум, – диэн Матрена Ивановна айылҕаттан бэриллибит дьикти дьоҕура баарын биллэрбит кэмнэрин туһунан кэпсиир.
ЫТАРЧАЛЫЫ ЫЛБЫТ ЫАРЫЫ…
Бу сылдьан, Матрена Ивановна үлэтинэн Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлүтүгэр семинарга баран күүтүллүбэтэх өттүттэн эмискэ ыалдьан охтон дьонун айматалаабыт.
– «Хотун Төҥүлү» диэн ырыа матыыба киирэргэ дылы гыммыта, кулгааҕым чуҥкунаабыта, таһырдьаны былдьаһан тахсан охтон хаалбытым. Бастаан үс сылы быһа суорҕаҥҥа-тэллэххэ сыппытым. Уҥа өттүм үлэлээбэт буолбута, саҥам барбыта. Улахан сыранан туран хаамар буолан иһэн, иккистээн, үһүстээн эмиэ охтубутум. Ити курдук, 12 сыл устата сыппытым. Өлөн баран тиллибит да түгэннээхпин. Били, кэпсииллэрин курдук, оһоҕос курдугунан аллараа тирилээн истэхпинэ, биир дьахтар төттөрү тардан ылбыта… – диэн Матрена Ивановна уон икки сыл устатыгар ыалдьан сыппыт ыарахан кэмнэрин туһунан курустук ахтар.
Ыал ийэтэ оннооҕор тумуулаан сыта түстэҕинэ, дьиэ иһинээҕи олох тохтообут курдук буолар. Кыыстара, ийэлэрэ эмискэ ыалдьыбыта ийэлээх аҕатын, кэргэнин, оҕолорун төһөлөөх аймаабыта, санааҕа-онооҕо түһэрбитэ буолуой?!
– Биирдэ Аммаҕа балыыһаҕа сыттахпына кэргэним Дима куоракка үөрэҕэр баран иһэн көрсөн ааста. Саастаах эмээхсини кытта сытар этим. Онтум: «Эдэр, киһи хараҕар быраҕыллар кэргэннээх эбиккин. Бардаҕа ити, эн буоллаххына сыттаҕыҥ бу» диэн саҥалаах буолла. Ол түүн арааһы бары санааммын утуйбатым, түүнү быһа ытаан хоннум. Мин кэргэммэр наһаа махтанабын! Ыарахан ыарыылыын охсуһан, уон икки сыл усталаах туоратыгар оронтон турбакка сытар кэммэр, биирдэ таҥнарбакка, өрүү аттыбар күүстээх илиитинэн, сырдыкка эрэлинэн өйүү-убуу, тулхадыйбат дурда-хахха буола сылдьыбытыгар! Эр киһи үлэлии-үлэлии түөрт оҕотун көрөн-истэн олорбута манан дьыала буолбатаҕа чахчы. Өссө үрдүк үөрэҕи бүтэрбитэ. Кини бэриниилээх күүстээх тапталынан угуттанан, оҕолорум барахсаттар тустарыгар дьулуһан, ыарыыны кытта эллэһэн туран сыыйа хаамтаҕым.
Сыппытым сэттис сылыгар кыралаан хаампытым. Бастаан балтыһахтанан, онтон торуоскаланан. Быраастар көҥүллээбэттэрин үрдүнэн, дьиэбэр сытан, ким да суоҕуна туран сыҕарыйа, хаама сатаан охтубутум, үлтү түспүтүм элбэх. Онтон кыыһым Иванна үөрэх туттарса куоракка киирэригэр