Айылҕаттан аналлаах Чугдаара Хотун. Галина Нельбисова
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Айылҕаттан аналлаах Чугдаара Хотун - Галина Нельбисова страница 5
Иһийэн, иэйэн, иэтэн,
Айылҕам бэлэҕин харыстаан
Эппэр-сииммэр иҥэриниэм…
Дьэ ити курдук тохтоло суох кэлэн барбыт этитиилэрин өйүгэр-санаатыгар иэтэн, Матрена Ивановна айылгытынан анаммыт арыллыытыгар сыыйа кэлбит.
– Нэһилиэкпитигэр быыбар буолбута. Кэргэним Дмитрий эмиэ кыттарга быһаарыммыта. Дьэ бу кэмҥэ мин кулгааҕым дьиктитик аһыллан, дьон тугу саҥарарын истэр буолбутум. Аны харахпын симтэхпинэ, кимнээх саҥаралларын истэрим уонна көрөрүм, – диир Матрена Ивановна.
Кэргэнэ Дмитрий Николаевич баһылыгынан быыбарданан, онтон Матрена Ивановна дьонун-сэргэтин үөрдэн, соһутан, сыыйа бэттэх кэлэн барыытыгар аны көһүтүллүбэтэх иэдээн тиийэн кэлбитэ. Григорьевтар орто уоллара Ваня бу орто дойдуттан баран, ыар ыарыыттан саҥа өрүттэн эрэр ийэтин улаханнык аймаабыта…
Ыар аһыылаах ыал таһыгар доҕотторо ыкса мустубуттара. Матрена Ивановна чугас дьүөгэтэ Мира Михайловна Барабанова уонна Мэҥэ Хаҥалас Бүтэйдээҕэр олорор алгысчыт, сэрэбиэйдьит Варвара Николаевна Федороваҕа илдьэ барбыт. Кини Матренаны кытта билсээт, «хайа, бу кыыһыҥ айылҕалаах эбит» диэн быһаарбыт.
– Дьүөгэм Мира Сырдыгы, Аар Саарыны ыҥыран аҕалан, дьоҕурбун астарыы сиэрин-туомун оҥорторбута. Миигин олоппоско уот иннигэр олордубуттара. Икки атаҕым сиргэ батары киирэн хаалбыт курдуктара. Икки айылҕалаах киһи алгыстарыттан, айылҕабын уһугуннарбыт түгэннэриттэн эмиэ маннык этитиилээх хоһоон тахсыбыта.
Айыыларым, аргыстарым,
Арыйдыгыт алгыскытын,
Көрдөрдүгүт бэйэбэр
Сэттэ өҥнөөх кустугу.
Оройбуттан саҕалаан
Сиһим төбөтүгэр тиийэ
Дьүрүһүйэн тиийдэ
Ып-ыраас сардаҥа.
Сүүрэкэлии оонньоото,
Дьигиһитэ туймаарта…
Дохсун сүүрүк сылгы буолан
Сиэллэрбэхтии оонньоотум,
Сылаас, сырдык утаххар
Күөлэһийэн ыллым.
Атах сыгынньах эр киһи
Субуруҥнаан ситэн
Кэккэлэһэн кэлэригэр,
Үрүҥ бөрө буоллун,
Айхаллаан аастын.
Үрдүбүнэн кыырайа
Модун хотой көттүн.
Көһүппүттүү, уруйдуу,
Көттүн чуһуура, ыраах ыҥыра.
Дохсун тыаллыын сиэллэрэн,
Кэллим бэйэм дойдубар,
Көһүппүт кыылларбар
Саҥалыы өйдөөх…
Сотору кэминэн доҕотторо Мира Барабанова, иистэнньэҥ идэлээх дьүөгэтэ Мария Егоровна Никитина-Оһуор Маайа, Бүтэйдээхтэн Варвара Николаевна Федорова Матренаны Ньурбаҕа «Сата» турбазатыгар илдьэ барбыттар. Дьэ манна Матрена эмиэ айылҕалаах Александр Кузьмич Петрову-Аар Саарыны көрсөн, сэһэргэһэн, ыраастанан, киниттэн Чугдаара Хотун диэн ааттанан дойдутугар эргиллибит. Аар Саарын эмиэ Матренаны көрөөт, «айылҕалаах киһи хаайтара сылдьар эбит» диэбит.
– Сатаҕа кэлбиппит сарсыныгар Аар Саарын таһырдьаттан мас тэллэйин тутан киирбитэ. Дьиктитэ диэн, онто көстүүтүнэн оруобуна Матрена Московская курдуга. Бэйэм даҕаны хайдах эрэ кинини чугастык ылынарым, Москваҕа дьиҥнээх көмүллэ сытар сиригэр тиийиэхтээхпин быһыылаах дии саныырым.
Конец